ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тойон

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы до революции 1917 года богач, имеющий батраков, тойон

English lord, master

Ис хоһооно · 9

1 аат тыл #

Өрөбөлүүссүйэ иннинэ хамначчыттардаах баай

Нууччалыы До революции 1917 года богач, имеющий батраков, тойон

2 аат тыл #

Дьахтарга эрин аҕата

Нууччалыы Отец мужа, свёкор

  • Эргин кытта дойдугар, тойонуҥ аахха, барыс.
    Н. Неустроев
  • Тойоно баарына кини дьадаҥы, кумалаан төрүттээҕэ ахтыллара.
    Н. Якутскай
  • Хамначчыт Харытыана эрэйдээх хотуннаах тойонугар күнүскү чэйдэрин бэлэмнээн баран: "Чэ, чэйгитин иһиҥ", – диэбитэ
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Толоостук туттаммыт Тойон томороон түүтэхпин Туораахтарын тоҕорбут Илэ бэйэбититтэн Ирдэбиллээх буолуоҕа
    Күндэ

3 аат тыл #

Салайар дуоһунастаах киһи, салайааччы, баһылык

Нууччалыы Человек, имеющий какую-л. руководящую должность, начальник

4 аат тыл #

Кими эмэ таптаан, эйэргээн, эбэтэр сиилээн, кыыһыран этэргэ туттуллар тыл

Нууччалыы Слово, которое употребляется по отношению к человеку с любовью, дружелюбно или пренебрежительно, с гневом

  • Эрим тойон миигин ханна да халты харбатыа диэн онно-манна илдьэ сатаатаҕай? Софр. Данилов. Кылаас хаһыатыгар биэртим (онно уончалаах тойоммун).
    Баал Хабырыыс
  • Сиэним тойон ыытаа ини.
    С. Ефремов
  • "Күрэхтэһиигэ диэри үс эрэ хонук хаалла дии. Ону өйдүүр тойоҥҥун дуо, ээ?" – Иван Алексеевич ыйытта
    ХС

5 аат тыл #

булт. Ууга куотар балыгы муҥхаҕа төттөрү үтэр тэрил

Нууччалыы Орудие, которым отпугивают рыбу, загоняя в невод

6 аат тыл #

булт., харыс. т. Эһэ

Нууччалыы Медведь. Эһэ харыс ааттара – эһэ, оҕонньор, тойон, кыыл, тыатааҕы… КАЕ НТ

7 даҕааһын #

суолт. Улахан, бөдөҥ, кырата суох

Нууччалыы Большой, крупный

8 этии #

Этиилэр

Нохтолоох (тойон) сүрэх көр нохто

  • [Чурум-Чурумчуку] Чулуу, дьикти тааһы булан, Нохтолоох тойон сүрэҕэ [үөрдэ]. Эллэй. Тойон сүрэҕим долгуйан, Тоҥхох гынан, Тохтуу түһэн ааспытым.
    С. Зверев

Тойон оҕото буол көр оҕо

  • Туһааннаах үлэҕин бүтэрдиҥ да, тойон оҕото буола түһэҕин.
    Э. Соколов

Тос курдук тойон көр тос курдук

  • Эппит тылгар тойон буол көр тыл II

9 этии #

Нууччалыы Орлан тихоокеанский

Этиилэр

Аар тойон аҕа көр аар I

  • Дьэ, Маппыр, аар тойон аҕаҥ олус өйдөөх оҕонньор эбит.
    Л. Попов

Айыы тойон таҥара көр айыы I

  • [Манчаары:] Айыы тойон таҥара, Айыылаах дууһабын харайан Абыраатаҕыҥ баҕас дуу...
    А. Софронов
  • [Дьаакып оҕонньор] Аймахтарын дууһаларын Айыы тойон таҥараттан Абырыырга көрдөстө.
    Күннүк Уурастыырап

Баай барыылаах Байанайым ( эһэм, эһэкэм) көр барыылаах

Өссө холобурдар (1)
  • Тойон эһэм обургу Аһаан асхарый, Үөрүүлээҕинэн көрүс!
    С. Зверев

Дьаҕыл тойон

күрэҥниҥи хара дьүһүннээх, сааһырдаҕына дабыдалын таһа, кутуруга, буутун түүтэ туртайар, ала тойоннооҕор улахан тыҥырахтаах көтөр Дьиэлээх тойон кэпс. – ыал аҕата, дьиэ баһылыга.

Глава семьи, хозяин.

  • "Кимиэхэ наадалаах буолан сылдьаҕыт?" – диэн дьиэлээх тойон оргууй аҕай наҕыллык ыйытта.
    Эрилик Эристиин
  • Дьиэлээх тойон киһитээҕэр аты ордорон тахсан барбытыттан Александр кыһыйа санаата.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
  • Эһэ олбоҕор сынньана сытар дьиэлээх тойон өгдөйөн көрдө. "Чолбон".

Дьылҕа тойон көр дьылҕа

  • Былыргы дьылга, урукку күҥҥэ, Дьылҕа тойон баар эрдэҕинэ, сылгы киһилии кэпсиирэ үһү. Ньургун Боотур.

Таһыар (тойон) көҕүөр көр көҕүөр

  • Тойон көҕүөрү ыйыыр Ат бастаах араҥас маһы астарда. Саха нар той. IV.

Тойон айах көр айах II

  • Толору тооромос арыылаах Тойон айах маспын Туттаран кэбистилэр.
    С. Зверев
  • Тойон айах тутуурдаах, Эбир хамыйах түөрэхтээх Эдьээн иэйэхсит эдьиийим.
    ББ

Тойон анды

улахан, бөдөҥ анды.

Крупный турпан.

  • Маҥнайгы киирии андылар наар тойон андылар буолааччылар.
    С. Тумат
  • Андылары ырытыы буолла: тойон анды дуу, хохуора дуу, хатыр атах дуу.
    А. Бродников
Өссө холобурдар (4)
  • Тойон арҕас анат. – сылгы лаппаакытын кэлин өттүнэн арҕаһа. Загривок задней части лопаток у лошади. Тойон балык түөлбэ. – бил. Таймень. Үрэхтэр тойон балыктарынан Долгуннура тураллар эбит.
    Саха фольк
  • Арыт хас да тойон балык, тууччах түбэһэр.
    Болот Боотур
  • Тойон көтөр кэпс. – хотой. Орёл. [Дуолан Хара:] Бай, тойон көтөр тэлээрэ сылдьар!
    И. Гоголев
  • Хотуойа эмээхсин тааһы тойон көтөр уйатыттан ылбыта үһү. "Чолбон". Тойон кус түөлбэ. – анды. Турпан.

Тойон кыыл көр кыыл

  • Тойон кыыл тохтуур, Уоруйах суор хонуктуур Уордаах боруллуо олорор Уруктаах бэс ойуурдаах.
    С. Зверев

Тойон өһүө көр өһүө

  • [Дьиэ үрдүттэн буор тохтон] Тойон өһүө, маһа сааллан, Тостуох курдук бачыргыыра.
    Күннүк Уурастыырап

Түүл түһээн истибитим

Тойон өһүөм баһынан Дохсун буурҕа түһэн куйахабын күүрдүбүт эбит.

  • Саха фольк.

Тойон (бастыҥ) сэргэ көр сэргэ I

Тэлгэһэтигэр тахсан Тойон сэргэтигэр өйөннө. П. Ойуунускай. Ырааһыйа ортотугар тойон сэргэ солотуулаах көмүс баһа күҥҥэ чаҕылыйа турар. Н. Лугинов. Тойон тарбах түөлбэ. көр тойон эрбэх. Тойон тарбаҕым ыарыйда.  Оноҕос тойон тарбах сүрэҕэр охсуллаат, үс төгүл тоһутталаммыта. Эвен фольк. Тойон тоҥсоҕой түөлбэ. – саадьаҕай тоҥсоҕой.

Трёхпёрстный дятел.

  • Тойон тураах түөлбэ. – хара тураах. Чёрная ворона.

Тойон ымыы

улахан, бөдөҥ ымыы.

Щур (птичка).

Тойон ыҥырыа

муохтаах сиргэ уйаланан мүөт мунньунар, түүлээх эриэн истээх, сахсырҕатааҕар бөдөҥ кынаттаах көтөр үөн.

Шмель земляной.

  • Алтан от, мүөттээх от үрдүгэр Аар тойон ыҥырыа эргийэр.
    С. Данилов
  • Мөп-мөкүнүк тойон ыҥырыа сибэккиттэн сибэккигэ көтөн дооҕунуур.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
  • Сибэккилэргэ тойон ыҥырыалар лоҥкунаһаллар. КЗА АҮө.

Тойон эрбэх

киһи илиитин-атаҕын улахан эрбэҕэ.

Большой палец.

  • Уйгуурап аптамаатын чыыбыһын тойон эрбэҕинэн иннин диэки аста.
    В. Титов
  • Биир табаны ыйан баран, тойон эрбэҕин бүк баттаата. Тэки Одулок (тылб.).

Тооппоор (тойон) аһыҥа көр аһыҥа

  • Оҕо тойон аһыҥаны тутта.

Уол тойон

дьахтарга эрин убайа.

Старший брат мужа по отношению к женщине.

  • Күтүөт уруута Кыыһы мөх да мөх! Уол тойон этэр – Эн матайдьыккын.
    Н. Некрасов

Айыы Тойон көр айыы I

  • Үрүҥ Аар Тойон, Үрүҥ Арылы Хотун икки, мин этэр тылбын өйдөөн истэн олоруҥ! Ньургун Боотур.

Эһэ тойон

дьахтарга эрин эһэтэ.

Дед мужа по отношению к женщине. Ср. др. -тюрк. тойын, кит. даожэнь ʻбуддийский монах (букв. человек пути)ʼ, тюрк.

  • тоҕан, тойҕан ʻорёлʼ

«Т» буукуба