Ала бэлиэ - харахха быраҕыллар, уопсай кэккэттэн тугунан эрэ чорбойон уратытык көстөр. Θ Бросающийся в глаза, особенно приметный; выделяющийся чем-л. на общем фоне, из однородных рядов. Биһиги көлүөнэбит тыла ала бэлиэ.Амма Аччыгыйа
Тэҥн.: ала чуо. Ала бэлиэтик - харахха быраҕыллар гына, уопсай кэккэттэн тугунан эрэ чорбойон уратытык көстөрдүү. Θ Бросаясь в глаза, выделяясь, особенно приметно. Граната оскуолкалара көхсүн тырыта сүүрбүттэрэ, чэрдийэ оспуттара ала бэлиэтик килэрийэн көһүннэ.М. Доҕордуурап
Кини [С. Данилов] ырыата-хоһооно бүүс-бүтүннүүтэ элбэх национальностаах литература модун куолаһыгар ала бэлиэтик киирэн холбосто.П. Аввакумов
Ала дуурай фольк. - кыһын уорааннаах тымныытын хоһуйар уларыйбат эпитет. Θ Постоянный эпитет, живописующий зиму с ее лютыми морозами. Аҕыс ыйга адаҕыйбыт Арахсыбат аргыардаах Ала дуурай кыһын обургу Аргыардаҕа алыһын! Саха нар. ыр. II. Ала дьаргыл фольк. - олоҥхоҕо бухатыырдары баайар, оҕуурдуур аптаах быаны хоһуйар кубулуйбат эпитет сорҕото. Θ В олонхо - часть сложного постоянного эпитета живописующего волшебный аркан для пленения, скручивания богатырей. Ала дьаргыл ап-чарай быанан Умса оҕуурдатан ылан, Уол оҕону Аллараа дойдуга Таҥха биһиккэ Таҥхалата ыыппыт [Дьылҕа Тойон].П. Ойуунускай
Ала кулуну төрөппүт - түүн дэлби тоҥон кыайан утуйбатах, титирээн тахсыбыт. Θ Ночью сильно продрог и не спал (букв.: родил(а) пегого жеребенка - родившиеся ранней весной жеребята покрываются инеем так, что кажутся пегими - шуточное выражение). Өксүөннэнэн, силлиэлэнэн, Өрүс илэ силбиэтэннэ. Ала кулуну төрөтөр Амыр айан онно буолуо.Күннүк Уурастыырап
Ала моҕой - олус кутталлаах, уодаһыннаах. Θ Очень опасный и коварный (соотв.: змея подколодная). Арҕаа диэкиттэн адьарай биистэрэ, Аҕыс салаа кутуруктаах Ала моҕой кыыл буолан Алдьатан киирдилэр. Нор. ырыаһ. [Дэдээһэп - Үүттүүрэпкэ:] Бу [Өрөпкүөм ойоҕо] ала моҕой ээ. Ону эн киһи курдук саныыгын.Эрилик Эристиин
Ала холорук - наһаа күүстээх тыал. Θ Буйный вихрь. Анысхан тыал хайысхата уларыйа турара, ала холорук эбии сэтэрэн испитэ. СГФ СКТ. Ала чахчы - харахха быраҕыллар, көстөн турар. Θ Очевидно; в самом деле, действительно. Ала чахчы бэрдин даа, Ала - Таайы хайата! Эллэй. Аал уот иччитигэр Ас кутан Ааттаһан барбыттарыгар, Ахтар айыыһыт ала чахчы Айхалынан алҕаабыта.Өксөкүлээх Өлөксөй
Ала чоккуруос - олус сырдык өҥнөөх харахтаах. Θ Человек с очень светлыми глазами, белоглазый. Адаҕалаах Ала Буурай эмээхсин - олоҥхоҕо Аллараа дойду абааһыларын ийэлэрэ. Θ В олонхо мать всех абасы Нижнего мира. Адаҕатын кэппитинэн төрөөбүт, Аан-Дьараһы аймаҕын ийэтэ буолбут, Адаҕалаах Ала Буурай, Аан-Дьааһын диэн ааттаах дьахтар хотуннаахтар эбит.П. Ойуунускай
Онуоха Арсан Дуолай оҕонньор, Адаҕалаах Ала Буурай эмээхсин икки киэҥ көҕүстэрэ сүүтүктээҕэр кыараата, уһун санаалара саптааҕар кылгаата. Ньургун Боотур. Ала кулугунай балык фольк. - “Ньургун Боотур” олоҥхоҕо ахтыллар, куутунан бухатыырдар ох сааларын сиһин силимнээн оҥорор эпическэй балык. Θ Упоминаемая в олоҥхо “Ньургун Боотур Стремительный” эпическая рыба (из ее пузыря приготовляется клей для склеивания дуги богатырского лука). Ала кулугунай балык куута кууттаах [ох саа]. ПЭК СЯЯ. Ала кулугунай балык Аҕыс үөстээх Куута кууттаах -- көрүлүүр көр муос саатын сулбу охсон ылла.П. Ойуунускай
Ала мондоҕой фольк. - хотой мифологическай аата. Θ Одно из мифологических названий орла-горбоноса. Атара кутурук, Алтан сабарай, Ала мондоҕой, Тайбыыр дьаҕыл, Сүҥкэн эрэли, Хомпоруун хотой кыыл буоламмын өрө көттүм.Өксөкүлээх Өлөксөй
Ала Мылахсын хотун (хатын) фольк. - аан дойду иччитин аата. Θ Имя духа-хозяйки земли. [Манчаары:] Аан дойдум иччитэ, Ала Мылахсын хатын, Арыһыйа көрүмэ, Алгыскыттан матарыма!А. Софронов