ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ала-чуо

Нууччалыы бросающийся в глаза чем-л

1 #

сыһ

  • Айдар дьиэтэ барыларыттан үрдүгүнэн, кээмэйинэн, көрүҥүнэн ала-чуо дьэндэйэр.
    Н. Лугинов
  • Кыргыттар ортолоругар ала-чуо кини [Нарыйа] ордук сандааран, оҕолору кытары үҥкүүлээн чыпчахайданар.
    В. Яковлев
  • Булгунньах оройугар ампаардыы охсуу эргитиилээх киһи уҥуоҕа ала-чуо кубарыйан көстөр
    В. Протодьяконов

2 #

Киһи хараҕар быраҕыллар ураты, атыттартан биллэр уратылаах, чорбойор

Нууччалыы Бросающийся в глаза чем-л., выделяющийся

3 #

Чуо бааччы, чопчу (чорботон, ураты тутан)

Нууччалыы Именно, как раз (кого-что-л. выделяя от остальных)

  • Ала-чуо биһиги Араан тыа буолан Арыыланан хааларбыт биллибэт.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Боскуо, эн былаатыҥ, кырдьык даҕаны, тоҕо итиннэ түннүккэ, ала-чуо ыйанна?
    В. Протодьяконов
  • Кинилэргэ [“көрбүөччү” оҕолорго] эрэ ала-чуо, ол айылҕа дуу, туох дуу аһан биэрбит дьоҕурунан бэйэлэрэ даҕаны биллибэтинэн балачча киэн тутта сатыыр быһыылаахтара.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн.: ала бэлиэ

«А» буукуба