ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

алаа

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы близорукий

1 даҕааһын #

Ырааҕы кыайан көрбөт, чугаһы эрэ үчүгэйдик көрөр

Нууччалыы Близорукий

  • Дьиэлээх тойон, хара бытыктаах, киэҥ алаа харахтаах, толуу эдэр киһи -- атаҕын оллоонноон олорон, табах тардар.
    Амма Аччыгыйа
  • Атаҕын анныттан алдьархай ааҥныырын арааран билбэтэх алаа харах мэкчиргэ, тугу оҥоруон булбакка, тула эргийбит
    Р. Баҕатаайыскай

2 даҕааһын #

Бииргэ буолбакка, туора-маары, атын-атын сири көрбүт (үксүгэр киэҥник мэндээриччи көрбүт харахтаах киһи туһунан)

Нууччалыы Косоглазый, косящий (обычно о широко открытых, невыразительных глазах)

  • Уот Кутаалай Удаҕан эдьиийим! Аҕыс дьэс хараҕыҥ Атара былас уота Алаанан сабыллыбатах буоллаҕына Истэ оҕус, Көрө оҕус!
    С. Васильев

3 аат тыл #

суолт. Ырааҕы кыайан көрбөт, чугаһы эрэ үчүгэйдик көрөр киһи; ырааҕы көрбөт буолар харах ыарыыта

Нууччалыы Близорукий человек; близорукость. [Тииҥ] Оҕоҕо, дьалбааҕа, Улахан алааҕа Отой да көстүбэт, - Ыраахтан биллибэт Оргулун оҥордо, Оҕотун хоннордо!

«А» буукуба