Перевод с якутского
биллэр
сыһыат, туохтуур, даҕааһын, тыл
Нууччалыы конечно
English of course, you know
Ис хоһооно · 12
1 сыһыат #
Нууччалыы конечно
English of course, you know
чэ бу, биллэр, кини суола ну это, конечно, его следwell this, of course, is his path/track
2 #
Тугу эмэ, туох эмэ туһунан иһитиннэр, тириэрт
Нууччалыы Объявлять, сообщать, извещать о чем-л
бил I диэнтэн дьаһ. туһ. Маны билбэтэхпин кини биллэрдэ, ону өйдөөбөтөхпүн кини өйдөттө диэн чуолаан сулбу тардан ылан этэргэ кытаанах. Амма Аччыгыйа [Захар:] Тоҕойум оҕото, Сибиэтэ, мин эйиэхэ бэйэм тапталбын биллэриэм иннинэ элбэхтик эргитэ санаан, толкуйдаан көөртүм. С. Ефремов Иван Иванович, мин доруобуйам аһааҕырда, сүрэҕим-быарым баалларын биллэрэн эрэллэр. Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (3)
Биһиги туох-ханнык иннинэ оройуон тэрилтэтигэр биллэрэ охсуох тустаахпыт. Амма Аччыгыйа Кинээс мунньах саҕаланыытын биллэрдэ. М. Доҕордуурап Дьыалата куһаҕан буолуох курдук диэн аймахтарым Дьокуускайтан биллэрдилэр П. Филиппов
3 #
Бэйэҥ тускунан иһитиннэр, бааргын көрдөр
Нууччалыы Давать знать, сообщать о себе. [Лейтенант-байыастарга:] Бэйэҕитин биллэримэҥ
Салгыы кэтэһиҥ! Т. Сметанин Сүрдээх үөһэнэн, үрүҥ, кыһыл, күөх уотунан бэйэтин биллэрэн сөмөлүөт ааста. Н. Габышев Бэйэлэрин биллэрбэккэ, тоҕус хонук устата чуҥнууллар, ханан киирэн, хайдах өлөрүөхтэрин үөрэтэллэр, чинчийэллэр ХС
4 #
Туох эмэ туһунан санааҕын атыттар өйдүүллэрин курдук гын, санааҕын көрдөр, эт
Нууччалыы Проявить, выразить свои чувства, желание по отношению к чему-л
Иванов утуйуон баҕарбытын биллэрэн, хараҕын быһа симэн, куоҕаччы туттан сытта. Амма Аччыгыйа Ырыа Силип сэһэнигэр хамначчыттар улам хам ылларан, харахтарыгар дьиктиргээһиннээх уоттар кыламнаһаллар. Түргэнник кэпсии охсуон баҕаран, төбөлөрүн хамсатан сэҥээрэллэрин биллэрэллэр. М. Доҕордуурап Петухов барарга бэлэмин биллэрэр Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
Кимиэхэ эмэ улаханнык суоһурҕаммыккын көрдөр (саанан, куттаан этэргэ). Θ Выразить свой гнев, угрожая кому-л. (употр. при запугивании кого-л., для острастки). [Маарыйа:] Таҥара суох диэн куолайдара хайдыар диэри хаһыытыыллар да, таҥара өссө да баарын-суоҕун биллэрэн иһиэ. А. Софронов Иирбиппин биллэриэм. Дьиикэй быһыыгытын бар дьоҥҥо иһитиннэриэм, сэбиэккэ тыллыам, батараак суутугар үҥсүөм, ячейкаҕа кэпсиэм.
П. Ойуунускай"Кинилэр баҕас - Бөрө Бөтүҥнэр туохтарын тэбинэн атаҕастабыллаах буолтарын биллэриэхпит", - диэн онон санааларын дуйданар эбиттэр Эрилик Эристиин
5 этии #
Этиилэр
Атахха биллэр көр атах
Дороппуун тыаһа-ууһа суох хомунан, атахха биллэрдэ. В. Ойуурускай Дьулайбыт эһэ ол дойдуттан атахха биллэрэр. "ХС"
6 этии #
Нууччалыы Напустить на себя строгость, деланную важность
Этиилэр
Бас биллэр көр бас II
[Даайыс] билигин тугу да бас биллэрбэт, барыны барытын кэмнээн биэрэр. А. Софронов Тойоҥҥун биллэр - солоҕунан, чыыҥҥынан кимтэн эрэ үрдүккүн көрдөрө сатаан тойомсуй, дархаһый "Ааны хатаа, күлүүһү аҕал!" - диэн харабыл начаалынньыга, тойонун биллэрэн, саллаатыгар көбдьүөрдэ. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Уҥа түннүк анныгар дьяконы кытта Чаҕаан кинээс кэккэлэһэн, атаҕын оллоонноон, тойонун биллэрээри дьону үрдүнэн көрөн олорор эбит. Эрилик Эристиин
7 даҕааһын #
даҕ
Биллэр түбэлтэ. Биллэр суол
8 даҕааһын #
Ханна эмэ урут иһиллибит, буолбут, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибит
Нууччалыы Такой, о котором знают, имеют сведения
9 даҕааһын #
Дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт, киэҥник биллибит
Нууччалыы Такой, о котором все хорошо знают, который пользуется широкой популярностью, прославленный, знаменитый
Биллэр ырыаһыт. Биллэр суруйааччы. Биллэр хоһоон
10 даҕааһын #
Ханнык эмэ хаачыстыбатынан, уратытынан биллибит
Нууччалыы Известный, знакомый каким-л. своим качеством
Харса суоҕунан биллэр. Аатырбыт үлэтинэн биллэр. Тыйыс килиимэтинэн биллэр
11 этии #
Биллэр киһи кэпс. - мөкү быһыытынан-сигилитинэн биллибит киһи Албын ахан дьахтар, түөкүн аҥардаах буоллаҕа дии, биллэр киһи. А. Сыромятникова. Тэҥн. билэр күөлүм балыга; киһи билэр киһитэ
Нууччалыы Известный дурным поведением человек
12 #
ыан т. Этиллэр санаа чахчылааҕын туһунан бигэ эрэллээхтик сэрэтиини, бигэргэтиини көрдөрөр
Нууччалыы Выражает твердость, непоколебимость решения, мысли и т. д
Сэмэн оҕонньор баҕас ханна ырааппыт үһүө, биллэр, көрдөрүнэ балыыһалаата ини
Н. Лугинов