ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

нохто

аат тыл

Нууччалыы вена, аорта

1 аат тыл #

, эргэр. Сүрэх хайырҕаһа, сүрэхтэн тахсар хаан сүүрэр үөс тымырдара

Нууччалыы Вена, аорта

  • Нохтолоох сүрэҕим долгутан таптыам эрэ диэбэт этим.
    А. Софронов
  • Онуоха Ньургун Боотур Алып-Хара үөһүн сүрэхтэри-быардары көтүрү тардан таһаарар, уонна Туйаарыма Куо кута - үрүҥ көмүс чопчуну сүрэҕин нохтотугар сылдьарын хайа быһан ылан, хонноҕун анныгар уктан кэбиһэр.
    Суорун Омоллоон
  • Ол Серго көҥүлгэ ыҥырар саҥатын Нохтолоох сүрэхтиин долгуйан истэрбит
    С. Васильев

2 этии #

Нууччалыы Постоянный эпитет сердца как жизненно важного органа

  • Нохтолоох (тойон) сүрэх фольк. - норуот айымньытыгар сүрэҕи хоһуйар халбаҥнаабат эпитет Нохтолоох тойон сүрэҕэ Долгуйуоҕар диэри үөрдэ. Эллэй. Кини нохтолоох сүрэҕэ толугуруу мөхсөрүн туһунан ыллыы-туойа иһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол хатыҥ чараҥҥа эн Туйаарыма Куону көрсүбүтүҥ, Нохтолоох тойон сүрэххинэн Үс түһүмэхтээн сүгүрүйбүтүҥ.
    Н. Босиков
  • Ср. монг. ногт, алт. нокто ‘недоуздок’, уйг. нохта ‘повод, недоуздок’

«Н» буукуба