Перевод с якутского
үөс
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы центр; сердцевина
English center, core
Ис хоһооно · 14
1 аат тыл #
Нууччалыы центр; сердцевина
English center, core
дойду үөһүгэр в середине страныin the middle of the country хатыҥ үөһэ сердцевина берёзыbirch core
2 аат тыл #
Нууччалыы центральный; главный
English central, main, mid-
түүн үөһэ полночьmidnight
3 аат тыл #
Нууччалыы аорта
English aorta
сис үөһэ главная артерияmain artery
4 аат тыл #
Быар таһаарар, ас буһуутугар көмөлөөх араҥастыҥы от күөҕэ дьүһүннээх аһыы симэһин
Нууччалыы Желто-зеленая горькая жидкость, выделяемая печенью, желчь
Оҕус атыыры үөһүн тоҕу сиэлийэн кэбиспит. Амма Аччыгыйа Даайа куорат балыыһатыгар операцияҕа киирбитэ уонча хонно. Кини үөһэ тааһыран ыалдьар. Суол т. Чистотел быары, үөһү эмтииргэ, бактериалары, үөнү-көйүүрү утары охсуһарга улахан ситиһиилээхтик туттуллар. МАА ССКОЭ. Ас быартан үөс уонна ноор быччаххайдарын симэһинэ тахсар оһоҕосторун маҥнайгы салаатыгар тиийэн салгыы буһар. ББЕ З
5 этии #
Нууччалыы Не дает возражать, пререкаться
Этиилэр
Үөс (үөс-батааска) биэрбэт
киһи этэрин истибэт, ылыммат, утары этиппэт, аахсыһыннарбат Тымтык [уол аата] үөс биэрбэккэ, оҕонньору кэтэҕинэн өрө силгэйэн таһааран, түөрт атах буолар.
Түмэппий аккаастанан көрбүт да, Лэкиэс үөс-батааска биэрбэтэх. В. Титов Кыыһырдын хайаатын, өрүү үөс-батааскы биэримэ. ХС
Үөс курдугунан көр – Өһүөннээхтик көр
Бросать злой, сердитый, негодующий взгляд.
Чугаһаабыттарын кэннэ көрбүтүм: биирдэстэрэ хара бытыктаах үөс курдугунан көрбүт киһи, Доҕоро – эдэр ньыламан маҥан оҕо киһи эбит. Н. Неустроев Үөскүн тыыттар кэпс. – кимиэхэ эмэ улаханнык өһүргэн, кимтэн эмэ хоргут. Сильно обидеться, затаить глубокую обиду на кого-л. Кинини кириитикэлээбиттэриттэн үөһүн тыыттаран саалаттан тахсан барда.
Үөһүм да быстыа буоллар
туох да буолбутун иһин, хайаан да (тугу эмэ ситиһэн, оҥорон баран тэйиэм диэн суолтаҕа).
Во что бы то ни стало (в знач. добьюсь своего) (букв. хоть у меня аорта лопнет).
Үөһүм да быстыа буоллар кини да бэйэлээхтэн ситиһэр күнүм үүнүөҕэ. ХС
Үөһүн (сиһин үөһүн) тардыам көр сис
Мин эйигин хайата да буоллар, чиккэйэр сиһин үөһүн быһа тарда иликпинэ, уурайбат киһи буолуом эбээт! Ньургун Боотур. Өстөөҕү үөһүн тардарга Өлөр төрүөх өргөһү ылла, Фашиһы баһын быһарга Бастыҥ ыччат батаһы тутта. Саха нар. ыр. III. Бу хара түөкүн, Ньургун Боотур, -- миигин ситии саҕа сиһим үөһүн быһа тардаары – онуоха баҕарар киһи турар. Саха фольк
Үөһүн тартарар
улаханнык өрүтэ тыына-тыына бөтөр курдук саҥа таһаарар (күүскэ ыалдьыбыт, улаханнык куттаммыт эбэтэр соһуйбут киһи).
Испустить вопль, издать громкий гортанный крик (от болезни, испуга или неожиданности).
Үс төгүл Үөһүн таттаран Үөгүлээн баран, Өрүтэ көтөн Өттүгүн охсунна.
П. Ойуунускай"Бу уол уорбут!" – диэн ойуун эппитигэр соһуйан, үөһүн тартаран баран, -- ытаан ньиккирээн барбыта. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Удаҕан -- төттөрү-таары хааман, чарапчыланан ол-бу диэки көрдө, эмискэ үөһүн таттараат, чинэриҥнээн ылла. Болот Боотур
Үөһүн үөстээ
кими эмэ кэһэтэ, үөрэтэ түһэн биэр.
соотв. дать прикурить кому-л.
– Биитэр, ол оҕоҕор сытан биэрэҕин дуу, үөскүн үөстэтэҕин дуу? Хайа, миэхэ, кыттыгаскар ону биллэр.
Суорун Омоллоон
Үөһэ тэстэр
үтүө санаата киирэр, санаата табыллар, көнньүөрэр, аламаҕай буолар.
Становиться добрым, добреть, быть веселым, вежливым.
Саһааннаах, сүүйэн, үөһэ тэстэн олорор буолан, дьэ ылынна. Эрилик Эристиин Лөгөнтөй үөһэ тэстэн үөрэ-көтө кэпсэппититтэн, Уйбаан, дьыала табыллар буолла дии санаан, улаханнык эрдийдэ. Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
Эмээхситтэр үөстэрэ тэстэн былыргыларын түөстүлэр. Н. Апросимов
Үөһэ тэстэр суола көр өс II
Булт туһунан кэпсэтии буолла да
Охонооһой үөһэ тэстэр суола.
НАГ ЯРФС II
6 этии #
Нууччалыы Сплав меди с цинком, оловом, желтая медь, латунь
Этиилэр
Сис үөһэ көр сис
Хайдах эрэ Уодьуганнарын тутаммын, Умсары баттааммын, Иэннэрин иҥиирин Ибили таһыйаммын, Силбиктээх илиибинэн Систэрин үөһүн чиккэлдьитэр этим?!!
П. ОйуунускайНухарыйдахха, [кутаа] уот өһөн барар, силиигиттэн, сиһиҥ үөһүттэн соппоҥ тымныы оборор. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
Мааҥын, сарсыарда, хотонугар киирээри туран, кыра кытыйаны көп-түгэх бэс үөрэни испитэ бараммыт, иһэ сиһин үөһүгэр хапсыччы тардан хаалбыт. Эрилик Эристиин Үөс алтан түөлбэ. – алтан цинканы кытта холбоспут саһархайдыҥы дьүһүннээх булааһыга (холбуу уһаарыллыбыта) Үөс алтан киһи мэтириэтэ дьырайан турар эбит. Д. Говоров Ыстаал тимир сындааһыннаах, Үөс алтан сүрүннэрдээх, Хара ханааттардаах, Сыып тимир тымырдардаах Күлгүөһүннээх, күлүмнээбит Күтүр өлүү сэптэрим Күөстүү оргуйа тураллар эбит. С. Зверев
Үөс тардар
сүөһү бүөрүттэн сиһин тоноҕоһун бата баран, өрөҕөтүгэр тиийэр чараас эт (үрүҥ искэ киирсэр).
Тонкий слой внутреннего мяса, плотно прилегающее к хребту от почки до диафрагмы (относится к белым потрохам).
Үөс тардары өрөһөлүү сулуйан ылан идэһэлэммит киэһэҕэ буһарыллар. Бары даҕаны урукку курдук чоҕочу саллаары, үөс тардар үтээри, идэһэ сиэри тоҥоту кэтэспиттэрэ ыраатта. Далан
Өссө холобурдар (1)
Харабыл начаалынньыгар оҕус үөс тардарын буһарын, хобордоох муҥунан көтөҕөн илдьэн, иннигэр ууран биэрдэ. А. Сыромятникова
Үөс тымыр
сүрэх ытарҕатыгар кэлэн киирэр суон тымыр.
Вена.
Утаакы буолбат, икки ыта абааһы уолун икки атаҕын үөс тымырдарын быһыта тыытан, көхсүн хаанын көҥү сүөкээн кыайаллар-хотоллор. Саха ост. I. Үөһүн (сиһин үөһүн) (быһа) тарт эргэр. – сүөһүнү, сылгыны иһин хайытан сиһин үөһүн (сүрүн хорук тымырын) быһа тардан өлөр. Убить скотину разорвав ее аорту (древний и, в основном ритуальный способ). Салбаныкы чырбаччы тардылла сытар сүөһүнү түөһүн тылынан харыс кэриҥэ хайа баттаат, сиһин үөһүн быһа тарда охсон кэбиспит. Далан Түөртээх соноҕоһу үөһүн тардан өлөрдүлэр. Н. Түгүнүүрэп
Өссө холобурдар (1)
Сибилигин сиһин үөһүн тардар инибин. Р. Кулаковскай
7 аат тыл #
Туох эмэ ортоку өртө, ортото, киинэ
Нууччалыы Центральная часть чего-л
Дойду үөһүгэр. Бу дойдубут тэбэр сүрэҕэр, үөһүгэр сылдьар киһи кэпсээнин-ипсээнин дэлэй буолуо? Н. Туобулаахап Илиҥҥи улуустар эргийэр үөстэригэр соҕотоҕун түөлбэлээн хаалбыт дэриэбинэҕэ уот курдааһыны туоратан сибээһи тиэрдии боппуруоһа тирээн турар. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
Үөс, киин, куорат сирдэргэ – Үгүс харчылаах эрэ буол. Аара суолга сылдьарга – Аттаах аргыһы эрэ бул Кыым Туох эмэ (хол., сир-дойду) саамай бастыҥ өттө. Θ Самая лучшая часть чего-л. (напр., какой-л. территории). Сымала кырбаһа баай оҕонньоттор эһэ баһа буолан олороннор дойду-сир үөһүгэр ходуһа өҥүн-өлгөмүн апчарыйан баай гынан олорор этилэр
Күндэ
8 аат тыл #
Туох эмэ (хол., үлэ-хамнас, олох) үгэннээн барар, оргуйар киинэ
Нууччалыы Центр, где что-л. сосредоточено или проявляется в наивысшей степени (напр., работа, жизнь)
Поэт куруук олох үөһүгэр сылдьарын, сырдык иһин охсуһууга кыттарын ордорор. Онно кини туттар орудиета – ырыа, тойук. П. Тобуруокап Эдэрдэр билигин олох, үлэ үөһүгэр сырыттахтара. Туох аанньа киһи бу үчүгэйгэ туос иллэҥ буолуой?
Н. ЛугиновЭн, Баһылай, оччотооҕута эппит тылгын толорон эмиэ үлэ үөһүгэр сылдьаҕын, олох оргуйар ортотугар олороҕун С. Руфов
Өссө холобурдар (1)
Тыа сирин гаастааһын туһунан олох үөс боппуруостарын быһаарыы билиҥҥи кэм сүрүн ирдэбилэ буолан турар В. Скрябин
9 аат тыл #
Туох эмэ (хол., түүн, сайын) саамай ортото, үгэнин кэмэ
Нууччалыы Середина, разгар чего-л. (напр., лета, ночи)
Хараҥа үөһүттэн соҕотохто мүччү ойон таҕыста. Амма Аччыгыйа Мин уон икки саастаахпар Лена эбэ хотуну сайын чээл үөһүгэр саамай көҕөрөн-наҕаран, ситэн-силигилээн турдаҕына, аан маҥнай көрбүтүм. В. Протодъяконов Харахтаах көрбөттүк кистээннэр, Хараҥа түүн үөһэ Ыстыыктаах саа уоһар тирээннэр [аҕатын] Ыстаапка илдьэллэр. А. Абаҕыыныскай
Өссө холобурдар (1)
Аһылыгар табыллыбакка Чооруона бу сай үөһэ кэтэҕэ хохойон, букатын эриччи хатан хаалла У. Нуолур
10 аат тыл #
Өрүс, үрэх уутун сүүрдэр сүнньэ, өрүс сүүрүгүн ортото
Нууччалыы Русло, фарватер реки
Сүрүн үөс. Үстүйэлиир салаалаах Үкэрдиирэ күөх оппут Үрэх-өнньүөс үөһүгэр Үтэн-үүнэн үрдээтэ. Күннүк Уурастыырап Доҕотторо уһун маһынан болуотун өрүс дохсун сүүрүктээх үөһүгэр анньан кэбиһэллэр. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
Мастар быыстарынан Индигир тас үөһэ тардыылара эҥэлдьиһэн көһүннүлэр Т. Сметанин Күөл кытылтан ыраах ортотун диэки өттө. Θ Средняя часть озера. Киэҥ Байкал килэрийэр кэтит үөһүттэн кирилиэс курдук кэккэлэспит сэгдэҥэ долгуннар сэлэлээн, Улан Ходо хайатын аннын диэки сырсан ааһа тураллар. Аҕата алтахтаан туран, күөлүн кытыытыгар киирдэ, чарапчыланан үөс диэки одууласта. И. Гоголев Арай ол олордохторуна, отучча бөдөҥ кус хаста да күөлү эргийбэхтээн баран, үөс диэки барылаан түспүттэр Г. Васильев
11 аат тыл #
Үүнээйи (үксүгэр мас) умнаһын киинэ, ортотунан устатын тухары барар кэбирэх кытархай дьүһүннээх сүрүн курдук этэ
Нууччалыы Средняя, более мягкая красноватая часть стебля, ствола растения (преим., дерева), сердцевина
Талах үөһэ. Тамылҕан үөһэ. Хатыҥ үөһэ чэй баҕайы күөмэйин үрэр, иһэ-үөһэ бүтүннүү курулуйан ыалдьар. А. Сыромятникова Сытыы эрбии, үөл мас үөһүгэр Эмти тардан киирэн иһэр. И. Чаҕылҕан
Өссө холобурдар (3)
Талах эрэ барыта сүгэ уга буолбат. Үөһэ суох талах сүгэ уга буолар ХС Суруйарга аналлаах, иһигэр хойуу чэрэниилэлээх, уһун төгүрүк быһыылаах саарык уруучуга киинэ. Θ Стержень с чернилой для шариковых ручек. Уруучукам үөһэ тохто сылдьар. Ол тэрил суона билиҥҥи саарык уруучука суон үөһүгэр холооноох Хомус Уйбаан
12 даҕааһын #
суолт. Туохха эмэ ордук сүрүн, улахан эбэтэр киин суолталаах
Нууччалыы Имеющий наиболее важное, главное значение в чем-л
13 этии #
Нууччалыы Увлекаться, выйти за пределы приличия (из-за жадности или безнаказанности). [Аппысыар:] Һэ-һэ, көр эрэ, үөһүгэр киирдэ ээт. [Ньукулай:] (баран тохтотор)
Этиилэр
Үөһүгэр киирэр
ымсыытыгар эбэтэр эр ылан, наһаалыыр, аһара барар, үлүһүйэр Тохтоо, доҕор, өлбүт дии, көрбөккүн дуо?
Күндэ.
Үөһүн тап
манньытар, бэйэҕэ тардар ньыматын бул.
Найти способ привлечь кого-л. на свою сторону (букв. в жельч его попадать).
Аргыстай сүрүн болҕомтотун ити дьахтарга уурарга, хайаатар даҕаны үөһүн табарга сананан, бу сыа буолан сымнаан, арыы буолан ньылҕарыйан киирэн кэпсэтэ олордоҕо. И. Никифоров Булан сатаан кэпсэтэҕин ээ. – Тыый, үөстэрин табар куолу. "ХС"
14 этии #
Нууччалыы Крыло невода, опускаемое в воду последним, поближе к фарватеру реки
Этиилэр
Үөс кынат
өрүс муҥхатыгар кэлин үөс диэки түһэриллэр кыната Ыстанан түһэн, муҥха үөс кынатын тартылар.
Н. Габышев.
Үөс сир
элбэх дьонноох-сэргэлээх, сүрүн нэһилиэнньэ олорор киин сирэ.
Центральный населенный пункт, где живет основная часть населения.
Бу үөс сиргэ сылдьар киһи эн билэриҥ-истэрин буолуо, сэрии сураҕа хайдаҕый? Н. Түгүннүүрэп Кини Бүлүүтүттэн чыҥха атын дойду. Саамай харахха быраҕыллара, үөс сири кытта ыаллаһа турар буолан эбитэ дуу, мааны баҕайы бөдөҥ киһини кытта аһара мара, кыра киһи аргыстаһа хаамсыбыттарын курдук көстүү. Э. Соколов