ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тутаах

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы часть предмета, за которую его берут или держат рукой; ручка, рукоятка

English handle

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Туох эмэ тутара, тутуллар чааһа

Нууччалыы Часть предмета, за которую его берут или держат рукой; ручка, рукоятка

  • Аан тутааҕа. Чаанньык тутааҕа.
  • Туохтан да тутааҕа суох ыйанан турар баар үһү (тааб.: халлаан сиигэ). Микиитэ эрбии тутааҕын ыһыктан кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Томсон тумаҥҥа умса анньыллаат парашютун тутааҕын төлө тардар.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Сүөдэр, бүлүмүөтүн тутааҕыттан илиитин арааран, холкутуйан анараа күтүрдэри кыҥастаста
    Д. Кустуров

2 аат тыл #

Туох эмэ быһаарар киин суолталаах өттө

Нууччалыы Основная, ведущая часть чего-л., стержень

  • Үлэ буолар – киһи аймах дьолун тутааҕа.
    Суорун Омоллоон
  • Олохпут тутааҕа, сир киинэ, Киһи аймах дьолун биһигэ, Оо, Москва, эн, Москва барахсан, Тураҕын ээ ньиргийэ ахан
    Күннүк Уурастыырап
  • Тутаах үлэһит. Тутаах боппуруос.
Өссө холобурдар (2)
  • Куукуна – саллаат аһылыгын бэлэмниир биир тутаах сир.
    С. Никифоров
  • Сири үчүгэйдик, сатабыллаахтык туһаныы – тыа хаһаайыстыбатыгар тутаах боппуруос. "Кыым". Дьиэ кэргэн иллээх-эйэлээх буолуута – оҕону табатык иитии тутаах усулуобуйата. Дьиэ к

3 даҕааһын #

суолт. Киин суолталаах, сүрүн

Нууччалыы Имеющий важное значение, главный

4 этии #

Этиилэр

Туллар тутаах көр тулун

  • Боппуруос туллар тутааҕа быһаарыллар кэмэ буолла.

Үлэһит киһи

бу биһиги сүүнэ судаарыстыбабыт туллар тутааҕа, суон өһүөтэ, сууллубат тулааһына.

  • Г. Нынныров.

Сүөһү диэн

саха киһитин иитимньитин биир суол туллар тутааҕа.

  • Сэрии дьонун, үрүҥ этэрээтин туллар тутаахтара биһиги буоллахпыт дии. А. Сыромятникова

5 этии #

Нууччалыы Главный член предложения (подлежащее или сказуемое)

  • Тутаах чилиэн төхт. көрүҥ. – этии сүрүн ис хоһоонун биэрэр икки тылтан (туһаантан уонна кэпсиирэттэн) биирэ Этии тутаах чилиэннэрин аннынан тардыҥ.
  • Этии тутаах чилиэннэрин булуталааҥ. СТ С. Тутаах этии төхт. көрүҥ. – баһылатыылаах холбуу этии сүрүн чааһа. Θ Основная часть сложноподчиненного предложения, главное предложение. Учуутал тутаах этиигэ сурук бэлиэлэрин туруорарга сорудахтаата. Ср. уйг., алт. тутка, тув. туда ʽрукоять, рукоятка’

«Т» буукуба