ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тулун

туохтуур

Нууччалыы отделяться, отрываться, отваливаться от чего-л. целого, прикреплённого вместе

English be pulled out

1 туохтуур #

Туох эмэ бүтүнтэн, бииргэ сылдьартан арахсан, хоҥнон кэл

Нууччалыы Отделяться, отрываться, отваливаться от чего-л. целого, прикреплённого вместе

  • Чаанньык оргуйан -- туллубут тутааҕын үүтүнэн итии туман өрө дьурулаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Сааны көрбүтүм – сомуога туллан хаалбыт.
    Т. Сметанин
  • Өр уһуннук туттуллубут өтүйэ уга ытаһата сахсайан, халкыҥнаан туллуон да сөп
    ПАЕ ОСС

2 этии #

Нууччалыы Основа чего-л., самая важная, главная, основная часть чего-л

Этиилэр

Кэтэҕэ тулунна көр кэтэх

  • Киһиргээн кэтэҕэ тулларын кэрэйбэт (өс хоһ.). Күн ‹хараҕата› туллара, күһэҥэ ‹быата› быстара буолла (күһэйдэ) көр күһэҥэ. Иккиэн түөс түөстэриттэн анньыһан турдулар... Дьэ, күн туллара, күһэҥэ быстара диэн дьэ буолла.
    Саха фольк

Туллар тутаах

туох эмэ саамай сүрүнэ, олоҕо Сүөһү диэн саха киһитин иитимньитин биир суол туллар тутааҕа.

  • Настаа илгэлээх Ийэ сирин эргийэр киинигэр, туллар тутааҕар, Москваҕа -- тиийэн кэлбитэ.
    П. Аввакумов
  • Балыыһа биир туллар тутааҕа Афанасий Платонович Ушницкайга бүгүн хара сарсыардаттан ыла үгүс түбүктээх күн үүммүтэ.
    В. Васильев

Туллубат тулааһын

кимиэхэ, туохха эмэ өйөбүл буолар күүс, ким эмэ тирэҕэ, эрэлэ.

Сила, поддерживающая кого-что-л., поддержка, опора, надежда.

  • [Бэрэсидьиэн:] Эһиги, уустар, саха омук духуобунай култууратын биир туллубат тулааһына, силлибэт силиһэ буоларгытын өйдөөн туран, -- үлэлээҥ-хамсааҥ! "Кыым".

Тулхадыйбат (туллаҥнаабат, туллубат) тулааһын көр тулааһын

  • Ср. эвенк. тул-дардаай ‘обломаться (о роге) у корня’

«Т» буукуба