Перевод с якутского
ук
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы рукоятка
English handle
Ис хоһооно · 10
1 аат тыл #
Нууччалыы рукоятка
English handle (of a cutting tool)
быһах уга ручка ножаknife handle
2 туохтуур #
Тугу эмэ туох эмэ иһигэр киллэр, хаалаа, батар
Нууччалыы Вкладывать, всовывать, вдевать что-л. во что-л. [Чыычаах] ол олорон таас биир үлтүркэйин айаҕар укта
“Кэпсэт, тэҥнэһиэхпит дуо?!” – диэтэ Сөдүөччүйэ, уҥуох тарбахтарынан иннэ үүтүгэр сабы угаары кыҥастаһа олорон. Амма Аччыгыйа Ыаҕайатыттан хаппыт балыгын сүөкээн баран, куһун укта Т. Сметанин
3 туохтуур #
Кими, тугу эмэ ханна эмэ киллэр (хол., балыыһаҕа, хаайыыга)
Нууччалыы Помещать, вводить кого-л. куда-л. (напр., в больницу, тюрьму)
Оҕонньоттору балыыһаҕа угаллар. Амма Аччыгыйа Балачча өр буолла, иччитэх балаҕаҥҥа ат уга барбыт бандьыыт киирэн биэрбэтэ. Н. Заболоцкай [Пистолет – Семёновка:] Тойонуом, хаайыыга угума! С. Ефремов
4 туохтуур #
Дуобакка, саахымакка фигураны, ньыкааны атын ньыкааҕа, фигураҕа соруйан биэрэн сиэт
Нууччалыы В шашках, шахматах нарочно давать бить фигуру, пешку
Биэс дуобаты уган биэрэн, түгэхтэн биирдэ эргитэн ылыы буолла НСС ОоО
5 туохтуур #
Сүүйүүлээх оонньууга харчыта туруор
Нууччалыы Делать ставку, ставить на кон (напр., на скачках)
Сүүрүк акка уктум
6 этии #
Нууччалыы Грустить о ком-чём-л.. по кому-чему-л., печалиться. [Күкүр Уус:] Миигинньик курдук дьоннору бу үйэ улахан моһуокка, санааҕа укта
Этиилэр
Атаҕын да укпат көр атах
Мин тыыннааҕым устатыгар эн амайа сытыйбыт Кутуругуҥ [киһи аата] бу дьиэҕэ атаҕын да укпата буоллар үчүгэй буолуо этэ. Р. Кулаковскай Оҕонньор өһүргэнэн, киҥэ-наара холлон барбыт, онтон ыла икки ыйы быһа атаҕын да укпатах. БТТ.
Атаххын да угума көр атах
Киэр бар! Икки харахпар көстүмэ, мин дьиэбэр атаххын да угума! ХС
Атаххын ук
тумсугун ук диэн курдук (көр тумус).
[Семен Данилов] уус-уран литератураҕа атаҕын саҥа укпута. ОГГ СМ
Илиигин ук көр ук
(Ким эмэ) айаҕар уган биэр (бырах) көр айах. “Ээйии, онно олох барбаппын, абааһы оҕонньорун айаҕар уган биэримэҥ”, – диэн көрдөспүтэ үһү. С. Юмшанов
Кирдээх илиигин ук (уктар) көр кирдээх
Өй ук көр өй
[Ньукулай:] Үгүһү да саҥаран туһалыыр биллибэт, син онон өй угар суох. А. Софронов Биһигини сүбэлээччи, өй уган биэрээччи тойоммут Бииктэр үһү. Л. Попов
Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх
Өйү угар дэһэллэр.
Айталын.
Санааҕа ук
кимтэн, туохтан эмэ санаарҕаа, мунчаар Суорун Омоллоон.
Муос мустуукка угуллубут сурук Костяны улаханнык аймаата, ыгылытта, санааҕа укта. Н. Габышев
Санаа ук
өй ук диэн курдук (көр өй).
[Киирик:] Ол табаарыстар миэхэ санаа уган, онтон ыла кыһыл бартыһаан буолтум. С. Ефремов Ким эрэ Эйнштейнтэн автограбын көрдүүргэ санаа укпута. ЭБЭДьА.
Тумсугун ук көр тумус
“Ааныскаа, айманыма.
Биһиэхэ тумсуларын угуохтара суоҕа”,
диэтэ Сидоров.
Ээйиис! Бу хотуммут, хотоҥҥо тумсун угаат, туох буолла? ХС
Тыын ук көр тыын II
Иэдэйиэх киһини Дьонноро кэлэннэр Тыын уган тураллар. С. Данилов [Үрүйэ] Утаппыкка тыын угар Уйгулаах да уу буоллаҕыҥ. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
[Кавказ чараас былыттара] Соҕуруу халлаан тыын угар Таммаҕа буолан түстүннэр. И. Эртюков
Уган биэр
бэйэҥ быыһанаары, үчүгэй буолаары, атын киһини түбэһиннэр, буруйдат.
Выдать, подставить кого-л.
Соруйан төттөрүлэһэҕин. Хата Бүөккэни уган биэриэхпин баҕарбатаҕым диэ. Далан Эн биһигини, чугас ыалгын, көмүскэһиэххин билиминэ, уган биэрэ сылдьаҕын. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Чэ, олус мунчаарыма, эйигин уган биэриэхпит суоҕа. М. Попов
Ук биэрэр
аан аһар диэн курдук (көр аан I).
Хата эн этииҥ айымньыны сыаналааһыҥҥа ук биэрэр, ханнык даҕаны киритиэрийи суох гынар. Далан Паапа үбэ кулаактааһыҥҥа сөп түбэһэрин билэ-билэҕин собус-соруйан мөккүһэҕин. Аны билигин кэлэн соруйан дьоҥҥо ук биэрэн этэ тураҕын. ХС
Өссө холобурдар (1)
Уокка уган биэр көр уот II
7 этии #
Нууччалыы Придавать силу, энергию
Этиилэр
Күүстэ ук
ким эмэ санаатын көтөх Киэһэ аттыгар кэлэн олорон баран: ”Крепись, крепись, надо брать себя в руки“,– диэбитэ кыыс киниэхэ күүс угаары. Суорун Омоллоон. [Тыыл дьоно] күүтүүлэрэ саллаакка күүс угара. Т. Сметанин. Киһи ыарахан күнүгэр көмөҕө кэлэр, күүс угар амарах санаалаах, ыраас дууһалаах дьон сир олоҕун симииллэр. “ХС”.
От (бугул) ук – от
кэбиһэргэ сыарҕаҕа оту, бугулу тиэй. Укладывать сено (копну) на санях, дровнях для стогования. Сөдүөт бугул уга сылдьар. Амма Аччыгыйа Ийэм от угар, мин оҕус сиэтэбин, кыдамаһыппыт Уус Мандар диэн киһи. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Кирилл тыраахтар сыарҕатыгар от угар. Нэртэ.
Туу ук
ууга (хол., күөлгэ, үрэххэ, быһыкка, элгээҥҥэ) балык тутарыгар анаан туута уур.
Положить в водоёме вершу.
[Быргый] хорууга быһыт оҥорон, быыһын-ардын бүөлээн туутун укта.
КүндэКутуйах тумуһаҕын аннынааҕы обургу күөлгэ Хабырыыс туу угар. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Оҕонньор, үрэх уута түһэн, өрө дьондойон тахсыбыт мастаах быһыкка туу угар. А. Фёдоров
Үптэ ук
ханнык эмэ тэрээһиҥҥэ харчыта биэр, харчынан көмөлөс.
Вкладывать деньги (в какое-л. предприятие, мероприятие).
[Максим:] Мөлүйүөн үбү уктахха күндү отон саада үүнэн мөлбөйүө үһү. Амма Аччыгыйа
8 аат тыл #
Ханнык эмэ туттар тэрил, сэп-сэбиргэл (хол., сүгэ, өтүйэ, хотуур о. д. а.) тутааҕа, тугу эмэ (хол., былааҕы) илиигэр тутар өттө
Нууччалыы Ручка, рукоятка, черенок какого-л. инструмента, древко (знамени, флага)
Өтүйэ уга. Сүгэ уга. Быһах уга. Чоочо хараҕа суох эрэйдээҕи дэйбиирин үрүҥ көмүс угунан төбөҕө сырбатан эрдэҕинэ, анарааҥҥыта харытын тоһуйан биэрдэ. И. Гоголев Александр уонна Миронов кыһыл былааҕы икки угуттан күөрэччи анньан, уулуссаҕа тахсан бастаатылар. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Үҥүү уга кыыл ыараханын кыайан уйбакка эрдэ хар гынан хаалла Н. Заболоцкай
9 аат тыл #
Үүнээйи (сэппэрээк, от, сир аһа, сибэкки о. д. а.) сэбирдэхтээх умнаһа
Нууччалыы Стебель, куст
Атырдьах ыйын үтүө күнэ – Кинилэр үрдүлэригэр, Отон уга, сир симэҕэ Иннилэригэр тэлгэнэр. С. Данилов Витя бэрт хойуу астаах ук анныгар хаптас гынан хаалла. Н. Заболоцкай Оттуҥу үүнээйилэр уктара сымнаҕас, сүмэһиннээх, күөх КВА АҮө
10 этии #
Этиилэр
Быһах угун саҕа көр быһах
Быһах угун саҕа Быыкаа эрэйдээх Олорбута биир сылга Син дьиэни дьиэлээн. Баал Хабырыыс Биир быһах угун саҕа уол оскуолаҕа эһиил киириэ. С. Федотов
Дьэдьэн уга көр дьэдьэн
Алаас саҕата барыта дьэдьэн уга.
Кыа уга (кыа от) көр кыа
[Былыр] Оччолорго ас, таҥас чычырбас, Оҕуруот аһа дуол суоҕа, Буолара дьылы туоратар ас: Кииһилэ, кириэн, кыа уга. Эллэй. Көһүйэҕэ буһарыллыбыт кыа уга сүрэҕэлдьээбитттии сырдьыгыныыр. М. Доҕордуурап
Кыстык угун саҕа балаҕан көр балаҕан
Айаннаабытын иккис күнүгэр уҥа биэрэккэ кыстык угун саҕа кыракый балаҕан турарын көрөн, Сүөдэр болуотун кытыыга тигиһиннэрэр. Н. Якутскай Таһырдьа арҕааттан түспүт күүстээх силлиэ кыстык угун саҕа балаҕан эркинигэр хаары тибэн бурҕачытара. Күннүк Уурастыырап