Перевод с якутского
быһах
аат тыл
Нууччалыы нож.
English knife
1 аат тыл #
Быһарга аналлаах аҥаар өттө биилээх, уһуктаах уһун синньигэс укка олордуллубут тимир
Нууччалыы Нож. Саха быһаҕа. Килиэп быһаҕа. Тимир быһах. Иисээн хас да чоҥкуну быһах өнчөҕүнэн хайыта охсо-охсо, аҕалан уурталаан биэрдэ. Дьэ, сылаас таба силиитэ минньигэһэ бэрт буолар эбит. А. Софронов. Күөрэгэй биирдэ илиитин быһахха быспытыгар ийэтэ бокуонньук үкчү маннык отунан баайан эмтээбитэ. Т. Сметанин. Быһах угун кыстыбат, суор хараҕын оҥсубат. Саха фольк
2 этии #
Быһах угун саҕа - олус кыра, буолуохтааҕыттан лаппа кыра Бу быһах угун саҕа сүөһү сыаната диэхтээн... "Сахаада". Быһах угун саҕа дьарҕаалар [балыктар] устан кэллилэр. ФФ ХХ
Нууччалыы Очень маленький, значительно уступающий по размерам нормальному
3 этии #
Нууччалыы Очень большой нож (для охоты)
Бадаайы быһах - олус улахан быһах (булка тут-лар) Ону [кыталыгы] ол киһи бадаайытынан дабыдалын тосту быраҕан ылла. ПЭК СЯЯ. Баалтааны ууһа балталаабыт, Барык-сарык илбискэ этиллибит Обот-соллоҥ олуй-молуй, Хааннаах дьаргыс бадаайы быһаҕым.
П. ОйуунускайБиричиинэй быһах - бүк тутуллар кыра быһах. Θ Складывающийся перочинный нож. Сэмэн оҕонньор Хабырыыска оскуолаҕа киирэригэр кэтэр таҥаһын-сабын, үөрэххэ наадалаах арааһын уонна биир биричиинэй быһаҕы атыыласта. Амма Аччыгыйа Уоттан тэйиччи кэнсиэрбэ бааҥката солуурчах өрө тардыллан турар, ол аттыгар ньуоска, биричиинэй быһах көстөллөр. С. Никифоров
Өссө холобурдар (5)
Аччыгый оҕо бадаархай тиит хатырыгар биричиинэй быһаҕынан бэйэтин аатын быстар.
Суорун ОмоллоонБыһах уһугунан тиийэн тостубутугар дылы - туруоруллубут сорук туолара чугаһаан баран, бэрт кыраттан иҥнэн, мэһэйдэтэн, туолбат кутталга киириитэ. Θ Наступление угрозы срыва из-за мелких, незначительных помех, перед самым завершением поставленной задачи. Тогойкин быста ыран, ыал уотун көрөн баран: "Быһах уһугунан тостор диэбиккэ дылы, уотун көрөн бараммын... Суох, суох, сырдыгар тахсан бараммын охтуом". Амма Аччыгыйа Быһах үөһэ - саха быһаҕын хаптаҕай өттүгэр уһун синньигэс куоһах. Θ Продольный желоб на плоской стороне якутского ножа. Бырдьай саха ууһа охсубут үөстээх сытыы баҕайы быһаҕынан кыһа-кыһа, олуктуу-олуктуу, бүк-тах тута-тута чааркааны оҥортуур.
КүндэМуос уктаах, үс үөстээх сүрдээх үчүгэй быһах кыыҥҥа угуллан, Тураах Уйбаан оронун үрдүгэр ыйанан турар. МНН. Быһах эрбии - аҥаар илиинэн эрбэнэр, биир өттүгэр эрэ тутаахтаах эрбии. Θ Ножовка. Бу тоҕойум, эрбии. Быһах эрбии диэн. Көрөөр эрэ, маһы эрбиэҕим. Багдарыын Сүлбэ. Оттон эмээхсиним буоллаҕына, быһах эрбиинэн эрбиирдии аалар: “Хайа, ынаҕыҥ ханнаный?”.
М. ШолоховТюрк. бычак