ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

батас

аат тыл

Нууччалыы старинное холодное оружие в виде большого ножа, насаженное на длинную рукоятку

English polearm what is similar to the European glaive, the Japanese naginata, and the Chinese guandao

1 аат тыл #

Булка эбэтэр сэриигэ туттуллар быһахтыҥы быһыылаах, уһун укка олордуллубут сэп

Нууччалыы Старинное холодное оружие в виде большого ножа, насаженное на длинную рукоятку

  • Мэхээлэ Силиби таһырдьа ыҥыран таһааран икки харыстаах сыгынньах батаһы биэрбитэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Кини араас суол сэрии кыргыс сэбин: оҕу, үҥүүнү, батаһы сытыылыыр, оҥостор
    Саха фольк

2 аат тыл #

Тугу эмэ кытта охсуһарга күүс-көмө, самнарарга кыах

Нууччалыы Мощная сила в борьбе с кем чем-л

  • П. А. Ойуунускай поэзияны олус таптыыра. Поэзия киниэхэ -- доҕоро, охсуһар батаһа, көтөр кыната этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Уус-уран мэтириэт сатабыллаах илиигэ киирдэҕинэ, сытыы кылаассабай батас буоларын итэҕэйэбит
    ФЕВ УТУ

3 этии #

Этиилэр

Баҕа батаһа көр баҕа

  • Алаас аҥаар өттө - олоччу таҥара кийиитэ сибэкки, аҥаара - сап-саһархай алтан от, уу кытыыта баҕа батаһын сибэккитинэн көҕөрөр.
    В. Гаврильева
  • Сииктээх сири батыһа үүммүт баҕа батаһа. “ХС”

«Б» буукуба