ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ханнык

туоһулааччы, аат тыл

Нууччалыы вопросительное слово со значением какой, который, какого рода, что за

English which, what kind of

I

1 аат тыл #

ыйыт. солб. аат. Предмет бэлиэтин ыйытар тыл

Нууччалыы Вопросительное слово со значением какой, который, какого рода, что за

  • Ханнык дьүһүннээх аты аттанан кэлбиккиний?
    Саха фольк
  • "Ханнык бурдугу?" – диэтэ Микиитэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ханнык көмө нааданый да, күүһүм кыайарынан көмөлөһүөм
    И. Федосеев

2 этии #

Нууччалыы Лучший, наилучший

Этиилэр

Ханнык диэбит

олус үчүгэй, аһара үчүгэй, чулуу Алмаас саҕа бөҕөттөн бөҕө аан дойдуга суох.

  • Бэл диэтэр, ханнык диэбит ыстаал сымыйа.
    Н. Заболоцкай
  • Ханнык диэбит кынаттаах Кырыымпалыы ыллыыра.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тув. кандык ‘какой’
II

3 #

эб. Саҥарааччы баҕатын, баҕарыытын көрдөрөр

Нууччалыы Выражает желание, пожелание говорящего

  • Тутулук, доҕуһуол буолбатар ханнык ньии!
    М. Хара
  • Илья Иванович кулгааҕар ити тыл тиийбэтэр ханнык.
    А. Сыромятникова
  • Олус наһаа сылыйда, буурҕа түспэтэр ханнык
    ХС

«Х» буукуба