Перевод с якутского
хайа
аат тыл, туоһулааччы, тыл, кэнники тыл
Нууччалыы значительная возвышенность, поднимающаяся над окружающей местностью, гора
English mountain
Ис хоһооно · 16
1 аат тыл #
Тулалыыр сириттэн уһулучу чорбойон үрдээн тахсар эниэлээх, тэллэхтээх уонна чыпчааллаах буор эбэтэр таас үрдэл
Нууччалыы Значительная возвышенность, поднимающаяся над окружающей местностью, гора
Маҥнай хайа аннынааҕы хахыйахтар көстүбэт буоллулар. Амма Аччыгыйа Дылбаахы хайатын кылбаархай үрдүттэн Мин ийэ кыраайбын эргиччи көрдүм. Эллэй. Хайа үрэхтэрэ, үрүйэлэрэ буордаах, будулхай уунан сүүрүгүрдүлэр Н. Заболоцкай
2 этии #
Нууччалыы Золотые горы сулить (обещать). [Христолюбов:] Кини кыһыл көмүс хайаны эрэннэрээччи
Этиилэр
Кыһыл көмүс хайаны эрэннэр
улахан манньаны, баайы-дуолу биэриэх буолан эрэннэр В.
Протодьяконов.
Хаар хайа буол көр хаар
Отчуоттара хаар хайа буолан, тиийэн кэлбитэ. "ХС"
3 этии #
Нууччалыы Земляная гора, не скалистая
Этиилэр
Арҕас хайа көр арҕас
Үрэх уҥуоргу кытылын батыһа арҕас хайалар үллэрэҥнэһэн бара турбуттар. Амма Аччыгыйа
Буор хайа
буор модьоҕолоох хайа Ким эрэ Кинини [куобаҕы] сонордоһон, Буор хайаны өрө дабайбыт. С. Данилов. Тэйгэспит буор хайалар сирэйдэринэн уу сыккыстаан сүүрэр тыаһа иһиллэр. М. Доҕордуурап. Муус хайа геогр. – ууга дьаалатынан уста сылдьар хайа мууһуттан ойдубут улахан көһөҥө муус.
Отколовшийся от ледника дрейфующий ледяной массив с глубоко погруженной подводной частью, айсберг.
Антах муус хайалар көстөллөр.
Суорун ОмоллоонАйманар муус хайалар Аалсыһа анньыһаллар. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Онно халҕаһа долгуннар Муус хайалары кыйдыыллар. С. Данилов
Сис хайа көр сис
Үөһэ тайҕаҕа тахсар суол Бодойбо үрэҕин батыһан, Кропоткин сис хайатын туоруур. Н. Якутскай Сис хайа саамай үрдүк сирэ соҕуруулуу-илин уһугар баар. КВА МГ
Сыгынньах хайа
туох да үүнээйитэ суох хайа.
Голые скалы.
Сыгынньах хайа таастарын Муора эҥсэр биэрэгэр. Күннүк Уурастыырап
Таас хайа көр таас I
Чита үрдүнээҕи таас хайаҕа Семёнов атаман бүлүмүөтэ, кини буутун тоҕу хадьырыйбыта. Амма Аччыгыйа Сааппас таас хайа туруору сирэйин үрэн сирилэтэр. ПН ТОК
Сындыыс хайа (сыыр) көр сындыыс II
Турар очуоска төбөлөрө Тохтон суулуннулар, Сытар сындыыс хайалар Сырылыы тоҕуннулар. П. Ядрихинскай. Хайа боруодалара геол. – сир хаҕын дьапталҕата буолар чиҥ эбэтэр көпсөркөй маассалар: туой, кумах, испиэскэ тааһа, кыраньыыт, мыраамар о. д. а.
Горные породы.
Үгүс хайа боруодатыгар тимир баар. ДНА СХБКК
Хайа дойду
хайанан тулаламмыт, хайалаах сир.
Горная местность.
Кавказ
хайа дойду.
Хайа иччитэ
1) көр иччи.
Сэттэ дьэрэкээн хайа, Аҕыс мас хайа, Тоҕус туруук хайа иччилэрэ! Бары аһаан-сырҕаан туруҥ!
Өксөкүлээх Өлөксөй
Горилла
харыылла, хайа иччитэ. П. Ойуунускай. Чучунаалары араас сир-дойду олохтоохторо араастаан ааттыыллара, холобур: сучунаа, сээдьэк, мээлкээн, хайа иччитэ, хаар киһитэ эҥин. Саха сэһ. 1977; 2) түөлбэ. чыс кутуйах.
Северная пищуха.
Чыс кутуйаҕы Дьэһиэйгэ хайа иччитэ диэн ааттыыллар. Хайа мууһа геогр. – үрдүк хайаларга үөскээбит уонна онно сытар эбэтэр хочоҕо тэнийбит көһөҥө муус дьапталҕата. Шельфовый ледник. Хайа сыата түөлбэ. – таас хайаҕа диэн курдук (көр таас I). Хайа сыата доруобуйаҕа туһалаах.
Хайа сыдьаана көр сыдьаан
Хайа сыдьаанынан бараар.
Хайа турааҕа
таас турааҕа диэн курдук (көр таас I).
Таас турааҕын атыннык хайа турааҕа дииллэр.
Хайа тэллэҕэ
хайа сыырын аллараа өттө.
Подножье горы.
Хайа тэллэҕэр аммонал эстэн, Тайҕа тыабыт дьигиһийдэ. Эллэй. Табаларын соһон аллара хайа тэллэҕэр тордох таһыгар биирдэ баар буолбуттара. Болот Боотур
Үрдүк хайа тэллэҕэр, Үҥкүр үрэх биттэҕэр
Кыстык угун саҕа Кыра буор балаҕаҥҥа оҕонньордоох эмээхсин Уһун саастарын моҥообуттара.
С. Васильев.
Хайа үлэтэ
сиртэн хостонор туһалаах баайы хостооһуну кытта сибээстээх үлэ эйгэтэ.
Горное дело.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка хайа үлэтин инженерин идэтигэр үөрэтэллэр.
Хайа хараҥаччыта
тас көрүҥүнэн, олохторун майгытынан хараҥаччыларга олус майгынныыр эрээри, бөдөҥ, ордук эрчимнээхтик, сылыбыраччы дайбанаат, үксүн элиэтээн, тэлээрэн көтөр, сиэрпэлии быһыылаах уһун кынаттаах, олус кылгас атахтаах көтөр.
Стриж.
Хайа хараҥаччыта Саха сирин соҕуруу кэриитигэр бэрт дэҥҥэ түбэһэр. ИВС ЭТТ
Хайа хаспаҕа көр хаспах
Субу кириэппэс Невскэй боруотата хайа хаспаҕын курдук аҥкылыс гынна. Н. Габышев Биһиги ротабыт хайа хаспаҕын үрдүгэр олорор дэриэбинэни ылыахтаах этибит. М. Доҕордуурап
Хаптал хайа көр хаптал
Бразильскай хаптал хайа Амазонскай намтал саҕа иэннээх сири ылар. КВА МГ. Арҕаа Сибиир дэхси сирэ Орто Сибиир хаптал хайатыттан улаханнык кээһэммит. ФГ- 7.
Хайа чыпчаала
хайа куупаллыҥы быһыылаах саамай муҥутуур үрдүгэ.
Горная вершина, пик.
Биир киһи үөһэни былдьаспыта, Хайа чыпчаалын булаары. Күннүк Уурастыырап [Константинов] хайа чыпчаалын диэки Киириги батыһыннаран бара турар. С. Ефремов
Хайа эниэтэ
хайа көстөр аһаҕас өттө, хайа сирэйэ сыыйа намтыыр сирэ.
Видимый склон горы.
Хайа эниэтинэн таҕыс. ДТС, тюрк. хайа ‘скала’
4 #
Туох эмэ хайдарын, алдьанарын курдук; хайдыар диэри
Нууччалыы Рассекая, раскалывая на две части; так, чтобы раскололось, распалось
Хайа тоҥ. Хайа үктээ. Хайа хат. Хайа астахха хаан тахсыбат, сиирэ астахха симэһин тахсыбат (өс хоһ.). [Бэдэрим] өрөҕөтүн хайа ытардыы кыҥаан баран чыыбыспын тардан кэбиспитим. БББ. Мас умнаһа ортотунан хайа ыстаммыт. Эвен фольк
5 этии #
Этиилэр
Ааны хайа быраҕар көр аан I
[Семёнов] кыыһыран, кыһыйан, ааны хайа быраҕан тахсар. С. Ефремов Быһа охсубут быһаҕаһа, хайа охсубут аҥаара хаалбыт (ордубут, буолбут) көр быһа I. Били ыыс араҕас буола саарыгыра уойбутуттан туох даҕаны хаалбатах, соҕурууттан хайа охсубут аҥаара, быһа охсубут быһаҕаһа эрэ ордон кэлбитэ. Далан
Өссө холобурдар (1)
Төрөөбүт алааспын, Хомустаахпын, ахтан хайа охсубут аҥаарым, быһа охсубут быһаҕаһым буолла… ХС
Искин дэлби (хайа) үктүөм көр ис VI
Ороспуонньугу искин хайа үктээн кэбиһиэм. Эрилик Эристиин
Көмөрү хайа туппуттуу, туппут (курдук) көр тут I
Көмөрү хайа туппут курдук хап-харанан көрбүт кыыс.
Хайа быспыт аҥаара көр быс
Өлүөнэ илин эҥээригэр эбэтэр Дьокуускайга ат сүүрүүтэ буоллаҕына, өрөспүүбүлүкэ хайа быспыт аҥаара онно ханньары тартарар. "Кыым".
Хайа охсубут аҥаара хаалбыт көр аҥаар
Киһи билбэт гына уларыйбыт: хайа охсубут аҥаара хаалбыт. В. Яковлев "Оо, оҕом көтөхтөрөөхтөөбүт даҕаны, – диэтэ Маарыйа. – Хайа охсор аҥаара хаалбыт". ХС
Хайа тартарар көр тартар
[Аҕата ыалдьан] Сахаар бэркэ олуйтаран, хайа тартарар аатыгар барбыта. В. Яковлев
Хараҕын хайа тардаат көр тарт
Хараҕын хайа тардаат, атын ыҥыырдатар. И. Чаҕылҕан
6 этии #
Быһа (быһыта, үлтү, хайа, хайыта, тоҕо) тыылын көр тыылын. Арай мин биллим сөрүүн тыаҕа Ороһулаан үүнэр оччугуй отоннор Хахтарын хайа тыыллыбыттарын. И. Алексеев.
Этиилэр
Хайа (хайыта) суруй көр суруй
Кумааҕыны хайа суруйдум. Ср. бур. хаҕал ‘раскалываать; разорвать’
7 аат тыл #
ыйыт. солб. аат. Предмети ыйытар тыл (этиигэ быһаарыы буолар)
Нууччалыы Вопросительное слово, выступающее в позиции определения (который, какой)
Хайа киһи ол курдук буолуой?
П. ОйуунускайОттон эн хайа хотуҥҥунуй бу? Амма Аччыгыйа
8 аат тыл #
суолт. Хас да баартан чопчу биирэ
Нууччалыы Какой именно из нескольких, который
Ити дьон хайалара хайаларыттан ордон тахсара билигин оччо биллибэт эбээт. Амма Аччыгыйа Хайата кэрэний: сир ийэ эбэтэр бу халлаан килэҥэ? П. Тобуруокап Дьуона бу оҕолортон хайаларыттан да улаханнара, күүстээхтэрэ. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС хайу ‘какой’
9 кэнники тыл #
Утары эппиэти күүтэр ыйытыыны күүһүрдэр уонна көрдөрөр (соруйар, дьиктиргиир, чуолкайдыыр уо. д. а.) дэгэттээх буолуон сөп
Нууччалыы Выражает прямой вопрос (может иметь оттенки значения побуждения, удивления, выделения и т. п.: ну, что, а)
Микиитэ, хайа, Маайыһы билбэтиҥ дуу? Амма Аччыгыйа Хайа, төннөн киирдиҥ дуу?
Суорун ОмоллоонХайа, тукаам, чэйбит хайаста? ХС
10 кэнники тыл #
Туһулууну кытта туттуллан, кэпсэтээччи болҕомтотун тардыыны көрдөрөр
Нууччалыы В сочетании с обращением, употребляется для привлечения внимания собеседника
Хайа, бу өйдөөх оҕо, эйигин ийэҥ көрдөөн эрэрэ дии. Амма Аччыгыйа Хайа, доҕоччуок! Мин эйигин билиэҥҥэ түбэһэн өлбүт диэн истибитим дии. Эрилик Эристиин Булду хойобууннаатахтарына Ньургуһун: "Хайа, Лоокуут, кытаатыый!" – диирэ Дьүөгэ Ааныстыырап
Өссө холобурдар (3)
"Хайа, нохоо!" – диэтэ тойон соһуйбут куолаһынан. Амма Аччыгыйа Хайа, наһыылканы диибин дии! Н. Заболоцкай Хайа-а, бу оҕобут тиийэн кэллэ дии ХС
11 кэнники тыл #
Соруйар киэби уонна туохтуур төрүт пуорматын кытта туттуллан дьаһайыыны, хайааһыны оҥорорго этиини күүһүрдэн көрдөрөр
Нууччалыы В сочетании с глаголами повелительного наклонения и формами инфинитива, усиливает и выражает побуждение, призыв к действию
Хайа, кэлэн чэйдии түс. Амма Аччыгыйа Хайа, аны тииҥҥэ тута барыаҕыҥ.
Суорун ОмоллоонОо дьэ, хайа, Утуйуохха, утуйуохха Күннүк Уурастыырап
12 кэнники тыл #
Этиллэр санаа сөбүлэспэт харда, утары этии буоларын көрдөрөр
Нууччалыы Выражает возражение говорящего тем или иным мыслям собеседника (а ведь, да ведь)
Хайа, эн кэм дойдулаах, дьонноох төрүт киһи буоллаҕыҥ дии.
КүндэХайа, мин эйигиннээҕэр олох эрэйин-буруйун үгүһү биллим ини.
Суорун ОмоллоонКырдьаҕас дьоҥҥо мэнээк киирэр-тахсар, хайа, куһаҕан ини. Софр Данилов
13 кэнники тыл #
Тугу эмэ эмискэ көрөн соһуйууну, дьиктиргээһини көрдөрөр
Нууччалыы Выражает удивление, испуг говорящего при внезапном обнаружении чего-л
Хайа, аны уоллаахтар эбит дуу? Амма Аччыгыйа Хайа, аны бу сээбэспит букатын босхо барбыт эбит дии!
Суорун ОмоллоонҺук, хайа, аны хаптаһыммыт босхо тиийэн кэллэ Чолбон
14 кэнники тыл #
суолт. Соһуйууну, соруйарга ыҥырыыны көрдөрөр (бүтэһик аһаҕас дорҕооно уһатыллыан сөп)
Нууччалыы Выражает удивление или призыв к действию
15 этии #
Нууччалыы Кому из нас повезёт, или я, или он
Этиилэр
Хайа сирэйбинэн (сирэйгинэн, сирэйинэн) көр сирэй
Кыыс дьон сырдык харахтарын хайа сирэйинэн уун-утары аһаҕастык көрүөн сөбүй?
Суорун ОмоллоонХайа сирэйбинэн ити дьону көрүөх бэйэккэбиний диэх курдук кыбыстан, саҥата суох сөҥөн олордо. Бэс Дьарааһын.
Хайабыт буолар
иккиттэн биирбит биирбитин хотуохтаах, баһыйыахтаах – эбэтэр мин, эбэтэр кини диэн этии Дьэ көрүөхпүт, хайабыт буолар.
Хайата да буоллар
туохтан да тутулуга, мэһэйэ суох, булгу.
В том и другом случае, в любом случае.
Хайата да буоллар биһиги бүгүн барабыт: ардах да буолан тохтотуо суоҕа. ГНС СТСДТ. Хайа үөдэн айаҕар (түгэҕэр) түстүҥ (ханна түһэн хааллыҥ)? – ханна баран хааллыҥ, туох ааттаах өр буоллуҥ? соотв. куда запропастился, где тебя чёрти носят? (букв. в какую преисподнюю провалился?). Били балай эмиэ хайа үөдэҥҥэ дьөлө түстэ? Амма Аччыгыйа "Хотуок, хайа үөдэн айаҕар дуу, түгэҕэр дуу түһэ сырыттыҥ?" – диэн хотун, күөмэйин сонотон, мөҥөр былаастаах ыйытар. Н. Якутскай
Хайа үһү диэн
аккаастыах эрээри аккаастыырын кэрэйэн, сүрэ бэрт буолуо диэн.
Считая неприличным, неудобным.
Бу сырыыга хоннорумаары гынан баран, таһырдьа тымныыта бэрдиттэн хайа үһү диэн хоннордо. ГНС СТСДТ
Хайа хайалара
иккиэн, хас биирдиилэрэ.
И тот и другой; каждый из них; оба.
Хайа хайалара да буруйдаахтар быһыылаах. НАГ ЯРФС II
16 этии #
хайа сах (сахха) көр сах III. Хаарыан алар, хайа сахха, Халыҥ хаара бысталаммыт. Күннүк Уурастыырап Аҕатынаан туппут пааматынныктара хайа сах айгыраабыт. Н. Якутскай Куһаҕан таҥастаах өттүлэрэ хайа сахха бабыгырас буола дьагдьайбыттар. И. Гоголев
Этиилэр
Хайа дойду көр дойду
Хайа дойду бачча буолуор диэри улахан санаалаах киһиний, оҕолоор! Ньургун Боотур. Туох саҕын, хайа дойду өр хаһыстыҥ!
М. Горькай
Хайа икки ардыгар көр арыт
"Хайа икки ардыгар ону истэн кэллэҕэй?" - диэн, буруйдаах дьон соһуйа санаатылар. Н. Заболоцкай