Перевод с якутского
арыт
сыһыат, аат тыл
Нууччалыы пространство, промежуток между чем-л
English sometimes
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Туох эмэ быыһа, ардайа
Нууччалыы Пространство, промежуток между чем-л
Мастар бөдөҥөөн, арыттара кэҥээн, мэһэйэ суох буолбут суол эмискэ уһуннук аллара түһэн куугунаан барда. П. Аввакумов Сотору тыа чугаһаан арыттара арыллан истэ. А. Федоров Бу курдук бааһынатын кытыытыгар, Булуук ойоҕос арытыгар, Оннооҕор сыһыы ортотугар Сыыс от кыбыллан тахсааччы, Сытыган эрбэһин баар буолааччы С. Васильев
2 аат тыл #
көмө аат суолт. Ортотугар, быыһыгар (үксүн икки диэн ахс. ааты кытта тут-лар)
Нууччалыы Между чем-л. (чаще употр. с числ. икки)
Куорат уонна Табаҕа ардыгар. Онон бу Убсанур икки Байкал икки ардыларыгар айылҕаттан бэрт тосту-туора туспалар баалларын ырытан көрө сатыыллара. Эрилик Эристиин Киһини быыһыыр омунугар кини икки ардыларыгар ыстанан киирдэ Н. Заболоцкай
3 сыһыат #
суолт. Сороҕор, сорох ардыгар, хаһан эмэ
Нууччалыы Иногда, изредка, временами
Кини [өс хоһ. ] дьүөрэлии тылынан оҥоһуллар, үксүгэр аллитерациялаах буолар, арыт рифмалаах да буолар. Саха фольк Биһиги арыт мэнигилээн Вера Дмитриевнаны ыксатарбыт буолан баран, таптыыр этибит. Амма Аччыгыйа Арыт ардах, хаар түһэр кэмигэр киһи кыраныыссаҕа кыайан дабайбат түбэлтэлэрэ тахсаллара Н. Якутскай
4 сыһыат #
ситим т. Чахчылары солбуйар түгэннэри, көстүүлэри бэлиэтиир этии биир уустаах чилиэннэрин, этиилэри кэккэлэччи ааҕан уонна араартаан холбооһуҥҥа туттуллар
Нууччалыы Употребляется для разделительно-перечислительного соединения однородных членов предложения, предложений при перечислении чередующихся фактов и явлений (то... то)
Тыал арыт хотуттан, арыт арҕааттан үрэр. Н. Габышев Ата аа-дьуо сэлбэйэр, Суол очура сиксийэр. Арыт ыарҕа, арыт хонуу Ааһа устар утуу-субуу. П. Тобуруокап Арыт олус бэһиэлэй, Арыт олус көрсүө буолар, Арыт чобуо, Арыт сэмэй, Кимин билэр күчүмэҕэй. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Арыт сүтэ-сүтэ, арыт көстө-көстө, тииҥ мастан маска, лабааттан лабааҕа ыстаҥалаан испитэ В. Гаврильева
5 этии #
Нууччалыы Они перестали жить в мире и согласии (обычно о жизни супругов, которые разводятся - букв.: расстояние между ними увеличивается)
Этиилэр
Икки саары икки ардынан көр икки
Кини саҥа былаас былыргы оонньууну - көрү сөбүлүүрүн, сөбүлээбэтин билбэт этэ. Онон икки саары икки ардынан эппитэ. И. Федосеев. Петухов үрээнньик урукку куорма таҥаһын какаардата суох кэппит, Сараапап атыыһыт эмиэ икки саары икки ардынан таҥныбыт. Н. Якутскай. Сир-халлаан икки ардыгар хаал - мээнэ, көрүүтэ-истиитэ суох хаал.
Оставаться без присмотра, на произвол судьбы.
Хата, “Охотскайга сир-халлаан икки ардыгар хаалларан кэбиспэтэхтэр”, - диэн махтаныаххын билиминэҕин эн [таах саҥараҕын]. Амма Аччыгыйа Барон курдук үтүө киһини сир-халлаан икки ардыгар хаалларар хайдах табыллыай?! П. Филиппов
6 этии #
Нууччалыы Иногда, иной раз, временами, порой
Сорох ардыгар - арыт, хам-түм, хаһан эмэ Сорох ардыгар [Кулаковскай] субу айаҥҥа бараары сылдьар курдук, таба ыстааннаах кэлэрэ.
Суорун ОмоллоонСорох ардыгар яблоко, груша уонна сливалар лабаалара сиргэ таҥнары намылыһан көстөллөр. Н. Якутскай Сорох ардыгар, суол ортотугар киһи ойон тахсан илиитинэн сапсыйан тоһуйар. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
Хайа икки ардыгар - хайдах маннык түргэнник. Θ Как так быстро, как же, когда же. “Хайа икки ардыгар ону истэн кэллэҕэй?” - диэн, буруйдаах дьон соһуйа санаатылар. Н. Заболоцкай Ол хайа икки ардыгар Ньууккаҕа сылдьа оҕустуҥ? С. Ефремов Др. -тюрк. ара