ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыраах

даҕааһын, аат тыл, сыһыат

Нууччалыы далёкий

English distant, far, remote; far

Ис хоһооно · 11

1 даҕааһын #

Нууччалыы далёкий

English distant, far, remote; far

  • ыраах дойдулар
    далёкие страныdistant countries

2 даҕааһын #

Чугас буолбатах, чугаһа суох, тэйиччи баар

Нууччалыы Находящийся на большом расстоянии от чего-л., далёкий, дальний, отдалённый

  • Кырдьаҕас нууччалар үгэстэринэн, уруулар ыраах айаҥҥа барбыт күннэригэр дьиэ миинньиктэммэт эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Ураһаттан соччо ырааҕа суох сиргэ биһиги табаларбыт аһыы сылдьаллара.
    Т. Сметанин
  • Ити курдук олох, охсуһуу туһунан кэпсэтэ-кэпсэтэ, доҕордуулар ыраах суолу билбэккэ хаамтылар
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (7)
  • Хараҕа ырааҕы көрбөт, кулгааҕа чугаһы истибэт (өс ном.). Чугаһы чуораанынан, ырааҕы барабаанынан ыҥыран, сыбаайба оҥорбут.
    Саха фольк
  • Доҕордуу дьоҥҥо Ыарахан чэпчиир, Ыраах да чугаһыыр.
    П. Тобуруокап
  • Күлсүү-салсыы, ырыа-тойук – маннык айаҥҥа сир ырааҕа биллибэт
    Т. Сметанин
  • Ыраах этиҥ этэр.
    Н. Неустроев
  • Кеша биһикки уолбутунаан кумахтаах кытылга тиийэн, соччо ырааҕа суох сөтүөлээтибит.
    Н. Габышев
  • Төбөтүн түөһүгэр ыһыктан кэбиһэн баран, доҕоро аата эрэ үнүөхтээн ыраах хаалан иһэр.
    Эрилик Эристиин
  • Балыктаах солуурчахпыт ыраах төкүнүйэ турда
    Т. Сметанин

3 даҕааһын #

Хаһан эмэ буолуохтаах эбэтэр урут буолбут, ааспыт

Нууччалыы Отдалённый большим промежутком времени от какого-л. момента

  • Өрүс турбут. Сайын буолуоҕа ыраах.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу нуурайар, саргылаах Сайсарыны ахтаннар, Кэлиэхтэрэ кый ыраах Үйэлэртэн сахалар.
    С. Данилов
  • Ол биһиги дьоммут хаһан сыылан-таалан сыысоту [хортуоппуй киэнин] хомуйаллара ыраах
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (4)
  • Оччотооҕуга, оҕобут ыал буоларын санаатахха, ырааҕа бэрт курдуга. Софр. Данилов. Тордоохоп, адьас өрдөөҕүнү, ырааҕы санаан, чочумча саҥата суох олордо.
    С. Никифоров
  • Күндэ инникини, ырааҕы көрөн суруйбутун билиҥҥи киһи эмиэ бэркэ биһирээн ааҕар
    ХС
  • Аныгы ыччат былыргы биһигиттэн ыраах сабырыйа дьон эбээт.
    Амма Аччыгыйа
  • [Баҕа – тураахха:] Көтөр кынаттаах ууһуттан Ырыаһыккынан даҕаны Ыраах бастыҥнараҕын. Күн Дьирибинэ. Биһиги үйэбитигэр таҥас билиҥҥи таҥастааҕар ыраах кырасыабай, киэргэллээх этэ! М. Горькай (тылб.)

4 даҕааһын #

Туспа-туора, олох атын, тэйбит

Нууччалыы Отчуждённый, чуждый, далёкий (напр., по духу, во взглядам)

  • Хайабыт сүрэҕэ төрөөбүт ийэбититтэн ыраах буолуой.
    Суорун Омоллоон
  • [Ася:] Ыраах, дириҥ кэпсэтиилээх дьон эбиккит.
    Н. Габышев
  • Хаһан эрэ тапталлаах, чугас киһитэ Селенин, бу кылгас кэпсэтииттэн сылтаан, өһүөннээх буолбатаҕына, туора, ыраах, толоос киһи буола охсубутун кини [Нехлюдов] өйдөөтө. Л. Толстой (тылб.)
Өссө холобурдар (3)
  • Сиртэн халлаан ырааҕын кэриэтэ ырааҕы саныыр киһи (өс хоһ.). Серёжа онно тулатыгар сыһыана суох тугу эрэ олус ырааҕы, уһуну толкуйдуур курдуга.
    Н. Лугинов
  • Ырааҕы, киэҥи көрөр, өйдүүр буолуохха наада.
    М. Доҕордуурап
  • Куриль, табаларын күрэйинэн дьарыйан биэрэ-биэрэ, ырааҕы саныы истэ. Доҕордоһуу т

5 аат тыл #

Тэйиччи баар, ыраатан көстөр сир; тэйиччи баар ким, туох эмэ

Нууччалыы Удалённое место, видимое глазом далёкое пространство, даль; кто-что-л., находящееся вдали

6 аат тыл #

Хаһан эмэ буолуохтаах эбэтэр урут буолбут, ааспыт кэм

Нууччалыы Что-л., отдалённое большим промежутком времени, далёкое будущее, давнее прошлое

7 даҕааһын #

Улахан суолталаах, далааһыннаах туох эмэ (хол., санаа, толкуй туһунан)

Нууччалыы Глубина и широта (напр., мысли), значительность и сложность содержания чего-л

8 сыһыат #

Чугас буолбакка, тэйиччи, ыраата

Нууччалыы Далеко, вдали, вдалеке; вдаль, далеко

9 сыһыат #

Улаханнык, ырааҕынан, лаппа

Нууччалыы Намного, гораздо, значительно, превыше чего-л

10 этии #

Нууччалыы Далеко не уедешь

Этиилэр

Муннуҥ анныттан ырааҕы көрүмэ көр мурун

  • Муннуҥ анныттан ырааҕы көрбөт сордоох эбиккин. Муораны түгэҕинэн тургутар, халлааны ырааҕынан эргитэр – муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан диэн курдук (көр муора).

Сирдээн тимириэҕин (тимириэн) сир кытаанах, көр тимир I

  • Бардам баай батталыттан куотан сирдээн тимириэхтэрин – сир кытаанах, халлааннаан көтүөхтэрин – халлаан ыраах эбит. Софр. Данилов.

Ыраах барыаҥ суоҕа

элбэҕи ситиһиэҥ суоҕа Маннык бэлэмнээх ыраах барыаҥ суоҕа. Ыраахтан (ыраах) буолбат (буолбатах, үһү) кэпс. – туох эмэ (хол., куһаҕан) буолара дөбөҥ.

Нетрудно, нехитро, долго ждать не приходится (о наступлении, совершении чего-л. плохого).

  • Биһиги да итинник буоларбыт ыраах үһү дуо?
    Н. Лугинов

Тыҥыраҕы кистээтэххэ сатанар

кыратык дьорҕойдуҥ, бэйэҕин биллэрдиҥ да, ынкыбыдыларга тыллыыллара ыраахтан үһү дуо?

  • Кинээһи да аҕалар ыраах буолбатах. "ХС"

11 этии #

Нууччалыы Задолго до какого-л. момента. [Оҕус] төрүөн ыраах инниттэн кыһын уһун этэ дии

Этиилэр

Ыраах иннинэ

туох эмэ буолуон быдан иннинэ Амма Аччыгыйа.

  • [Бэрэбиэччит – Казаковка:] Ол нуучча мааҕын эһиги Киириги кытта барыаххыт ыраах иннинэ, Киириктээх диэки манан кэлэн туораабыта.
    С. Ефремов

Ыраах ордук

быдан, лаппа, ырааҕынан үчүгэй.

Намного, гораздо лучше, куда лучше, чем что-л. иное.

  • [Ньукуу:] Бу курдук икки саары икки ардыгар сылдьыахтааҕар, саа тутан этэрээккэ киирбит ыраах ордук буолсу.
    А. Софронов
  • Мара киһи марабынан, Маспын-оппун булбутум, Ынахтарбын көрбүтүм Ыраах ордук буолууһу.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
  • Сатаспат буола-буола олоруоххут кэриэтэ, арахсан хааллаххыт дии. Ол ыраах ордук сынньалаҥ.
    ХС
  • Ср. ДТС ырах, кум. йыракъ, тув. ырак, кирг. ыраак ʽдалёкий, далекоʼ

«Ы» буукуба