ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дойду

аат тыл

Нууччалыы земля; страна

English land, country

Ис хоһооно · 10

1 аат тыл #

Нууччалыы земля; страна

English land, country

  • дойду сурахтаах, алаас ааттаах
    у каждой страны своя слава, у каждой поляны своё имяidiom — each country has its glory, each glade has its name

2 аат тыл #

Дьон, норуот туспа олохсуйан олорор сирэ

Нууччалыы Местожительство; место для проживания

  • Алаас ааттаах, дойду сурахтаах (өс ном.). Бырадьааҕы кэриэтэ сылдьар киһибин. Бу дойдуга сылдьыбытым быдан буолла.
    А. Софронов
  • Ханна эрэ ыраах быйыл сайын бу дойдуну буулаан дьон бөҕөнү куттаабыт эһэ часкыйара иһиллэр.
    Суорун Омоллоон
  • Арай, бу дойдуга кирпииччэ үктээбит буоланнар, буочука аҥара тимир оһохтоох
    Н. Габышев

3 аат тыл #

Киһи төрөөбүт-үөскээбит сирэ, кини киэҥ эйгэтэ (тард. ф. -гар тут-лар)

Нууччалыы Место рождения, родина, родимый край (употр. в притяж. ф.)

  • Дойдубар Сунтаарга сынньана, кымыс иһэ, ыһыахха оһуокайдыы кэллим.
    И. Данилов
  • Дойдубар билэр дьонум аҕыйаан хаалбыттар, оҕолор дэлби улаатан, кими да билбэт буолбуппун.
    С. Ефремов
  • Билигин киниэхэ дойдутуттан ким да санаан суруйбат
    Н. Габышев

4 аат тыл #

Киһи, норуот олорор судаарыстыбата

Нууччалыы Государство

  • Дойду өлөр тиллэр кутталга турардыын-турбаттыын кыайыы туһа диэн биир санаанан күргүөм үлэҕэ туруммуттара.
    И. Федосеев
  • Биһиги көрдүүр баайбыт, дойдуга маннык күчүмэҕэй күн кэлэн турдаҕына, улахан наадалаах буолуохтаах.
    Г. Колесов
  • Алмаас дойду промышленнай таһымын үрдэтэргэ, үлэ таһаарыытын элбэтэргэ көмөлөһөр
    И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Туспа судаарыстыба, омук сирэ. Θ Зарубежные страны, зарубежье. Европа дойдулара. Азия дойдулара. "Азия оҕолоро" аан дойдутааҕы спортивнай оонньууларга Кытай, Япония, Индия, Корея, Монголия о. д. а. дойдулар оҕолоро кыттыыны ылбыттара

5 аат тыл #

Саха сирин киин оройуоннара (хоту оройуоннарга утары туруоран)

Нууччалыы Центральные районы Якутии (в противопоставлении северным районам). [Эргис Г

  • У. ] Кини дойду дьоно диэн Саха сирин киин өттүн эрэ дьоно буолаллар диэн чуолкайдык арааран этэр. Багдарыын Сүлбэ. Кини [Саха сирин киин оройуоннара] кытыы оройуоннарга биир тылга түмүллэн, үрдүттэн "дойду", "Дьокуускай" диэн киин сир быһыытынан бочуоттанан ааттанара.
    ХС
  • Дойду сирин кыыһа ааһа иистэнньэҥэ, бэртээхэй оһуордьута биллибитинэн барбыта
    ГИП КДь
  • Элбэх дьонноох-сэргэлээх сир, үөс сир (тыа сиригэр, үрэх баһыгар утары туруоран). Θ Людная, густонаселенная местность; центральная усадьба. Дойду сир сибикитэ, киһи алаас тыына билиннэ.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Мин санаабар дойдуттан киһи тахса сылдьара буолуо.
    Н. Неустроев
  • Кыстатан таһаарбыт сүөһүтүн дойдуга үүрэн киллэрэн эстибит аччык дьоҥҥо түҥэтэн биэрбитэ
    И. Данилов

6 аат тыл #

Ким эмэ, туох эмэ олохсуйбут сирэ; ким эмэ, туох эмэ ордуута

Нууччалыы Местожительство кого-л., местопребывание, обиталище

  • Сүллүүкүттэр дойдуларыгар түстэҕим диэн, килээр-малаар көрөн дьэлтэҥнэтэ турдум.
    П. Ойуунускай
  • Тоҥустар дойдуларыгар таба көлө буолар
    Амма Аччыгыйа

7 аат тыл #

Туох эмэ ураты айылҕалаах, көстүүлээх, тугунан эмэ уратыланар сир

Нууччалыы Место, пространство, отличающееся характерным ландшафтом местность

  • Бэл диэтэр -- чакыр таас дойду сарсыардата бэйэтэ эмиэ туһунан ураты үчүгэйдээх буоллаҕа үһү.
    Г. Колесов
  • Үгүс хайалар уонна сис хайалар үмүөрүһэн турар сирдэрэ хайалаах дойду диэн ааттанар. МНА ФГ. Халыма өрүс сүнньэ, тыа, күөл, үгүс үрэх дойдута
    ХС

8 аат тыл #

истор. Өрөбөлүүссүйэ иннинэ уонна сэбиэскэй былаас маҥнайгы сылларыгар: ким эмэ бас билэр өлүү ходуһата

Нууччалыы В дореволюционное время и в первые годы советской власти: участок покоса, выпаса, принадлежащий кому-л. (частному лицу)

  • Дьахтарга дойду суоҕа. Уол оҕо сүрэхтэннин да дойдуланара. Багдарыын Сүлбэ. Бүтүн нэһилиэк дойдутугар баайдар бэйэлэрин бас билэр үптэрин курдук тойоргуур буолаллара.
    Эрилик Эристиин
  • Бу хочо бүтүннүүтэ Микииппэрэп кинээс дойдута
    М. Доҕордуурап

9 этии #

Нууччалыы Множество стран

Этиилэр

Аллараа дойду көр аллараа

  • – "Кэбис, эмээхсин, инньэ диэмэ. Хайа, ол Аллараа дойду сүртэн сүрдээх дойду буолуо эбээт". Ньургун Боотур. Таҥхата да куһаҕан Табыллыбатах киһи буолла: Халлааны хампатыыһы, Хараҕатын төлөрүтүүһү, Аллараа дойдуну алдьатыыһы, Айдааны оҥорууһу.
    П. Ойуунускай

Анараа (ол) дойду көр анараа

  • Улуну эрэйдээх өллөҕүнэ, биһиги ол дойдуга холбоһуохпут.
    С. Зверев

Анараа дойдуга атаар (ыыт) көр анараа

  • [Бандьыыттар кинини] Аммаҕа тиийдэххэ анараа дойдуга атаарыах курдук буолан бэрт дөбөҥ соҕустук итэҕэйдилэр.
    ХС

Анараа дойдуга аттан (айаннаа) көр анараа

– Чэ, бу... Валя... көрөн кэбис! Анараа дойдуга аттана сыстым быһыылаах. Аны да хайдах буолар биллибэт. В. Яковлев. Бачча дойдуга (кэл, тиий, о. д. а.) – ыраах сиргэ (кэл, тиий).

В столь далекие края (прибывать, ехать).

  • Эдэр суруксут үп-үчүгэйдик кинилэр диэки көрөн кэбиһэ-кэбиһэ: "Эһиги баттанан бачча дойдуга кэлэ сылдьар дьону аанньа ахтан дьыалаларын көрбөккүт", – диэн мөккүһэ сатаабытын кулубалар саба саҥаран кэбиспиттэрэ.
    Эрилик Эристиин

Дойду иччитэ көр иччи

  • Былыргы хараҥа дьон бу харыйаны, "дойду иччитэ" үүннэрбит маһа диэн ааттыыр сурахтаахтара.
    Суорун Омоллоон
  • Бу кыталыктаах эбэни санааҥ: дойду иччитэ бэйэтэ дьаарбайан-таалалаан ааһар сирэ, ол иһин ыраас, ол иһин субу курдук!
    А. Сыромятникова

Дойдуну (дойдугун) быс көр өтөххүн быс

Аата суох сүөһүлэрин ойуурга таһы-быһа куоттаран кэбистэ, бука, дойдуларын быстахтара. И. Гоголев. Күн дойдута (сирэ) поэт. – сырдык күннээх ыраас, кэрэ дойду.

Светлая, прекрасная солнечная страна.

  • Айыы сирэ аһаҕас, Күн дойдута көҥдөй (өс хоһ.). Ол айаҥҥа, буурҕаҕа Мин көлүөнэм кэлбитэ, Көҥүл ырыаҕа аһаҕас Күн дойдутун киэргэтэ.
    С. Данилов
  • Оҕуй бараан дойду фольк. – ким эмэ дьиэ-уот туттан, нус бараан олохсуйбут дойдута. Мир, свет, в котором кто-л. живет комфортно, уютно. Ньэлбэҥ Айыыһытым! Урааҥхай саха буоламмын, Уҥуох арахсарым, Оҕуй бараан дойдубар Оҕо төрөтөрүм кэллэ...
    П. Ойуунускай

Ол (анараа) дойдуга бар (аттан)

өл, олохтон туораа.

Отправляться на тот свет, умереть.

  • Мыычаар ол батталлаах үйэ бүтэйдии нүөлүппүтүттэн өрүттүбэккэ, кинини кытта аҕыйах сылынан быысаһан ол дойдуга аттанара эрэ хаалбыт киһи. ФЕВ УТУ. Эн эһэҥ отут саастааҕар -- Ойоҕостотон үс хонукка сыппыта, Онтон төрдүс түүнүгэр Ол дойдуга аттаммыта.
    ХС
  • Орто дойду фольк., миф. – мэлдьи сайыннаах хонуу куйаар дойду; Айыы дьоно олорор сирдэрэ (Аллараа дойдуга утары). Средний мир, где живут люди, происходящие от светлых божеств Айыы (как говорится в олонхо "страна с ярким солнцем, вечнозелёной степью", антипод Нижнему миру). Орто дойду аппатын-дьаппатын тэҥниэҥ суоҕа (өс хоһ.). Орто дойду күүһүн аҥара күүстээх, Баайын аҥара баайдаах, Дьолун аҥара дьоллоох Киһи буолуох тустаах этим. Ньургун Боотур. Сэттэ күнүстээх түүнү мэлдьи оонньоон-күлэн баран, Орто дойдуга сирдээх-дойдулаах дьон Орто дойдуга тарҕаһан хаалбыттар.
    Саха фольк
Өссө холобурдар (11)
  • Орто дугуй дойду фольк. – Айыы дьоно олорор бүөм сирдэрэ. Милая, уютная страна, где уединенно обитают племена Айыы. Улаҕатыттан Уорастыйан сырдыыр халлааннаах, Отохсуйбат От ньээкэ кырыстаах Орто дугуй буор ийэ дойду Оҥоһуута биир буолбатах.
    С. Васильев
  • [Сөмөлүөт] Саха урааҥхай Саргылаах-уйгулаах Орто дугуй дойдутун Үөһээ өттүнэн -- Чаҕылҕанныы курбуулаан, Этиҥнии ньирилээн, Элэҥнэтэлээн ааста. Нор. ырыаһ. Сүөл дойду фольк. – ыраах улахан, ытык сир, дойду. Дальняя, могучая, священная земля, страна. – Нохоо, Мин даҕаны эйиэхэ Сүөл дойдуттан Сөптөөх киһи буолуом. Ньургун Боотур. Туруу бараан (дьаҕыл) дойду фольк. – тулхадыйбат таһаалаах, дьон олоҕо сириэдийбит дойдута. Обжитая непоколебимо надежная земля. Кыһын кыыһа кыскыар сата -- Туруу бараан дойдуну Туман-будук көрүҥнээтэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Орто туруу бараан дойдум, Ураанай кус туоһахтатын курдук, Туналыйа көстөн кэллэ.
    С. Зверев
  • Тэгил дойду фольк. – ыраах дойду. Далекая страна. Тэгил дойдуттан Тэҥнээх киһи буолуом Диэммин эйиэхэ тахсыбытым. Ньургун Боотур. Тэгил дойдуларынан тэлэһийэр киһи хайаан да биир эмэ омук тылын билэрэ наада эбит.
    ХС
  • Үөһээ дойду миф. – мэлдьи сайыннаах, уйгу-быйаҥ дойдута, дьону төлкөлүүр үтүө айыылар-таҥаралар олорор дойдулара. Верхний мир, где живут светлые божества – Айыы (как говорится в олонхо "страна изобилия, где вечное лето"). Үөһээ дойдуттан Ыйытыыта суох Сылдьарым иннигэр буруйдааннар, Үөһээ Дьылҕа Тойон Остуолбатын маныырга ыйбыттара. Ньургун Боотур. Кинилэр бу алаас сыһыыга түһэн үҥкүүлүү сырыттахтарына, Үөһээ дойдуттан ииппит Иэйэхсит хотун түспүт.
    Саха фольк
  • Үс дойду фольк., миф. – сир-дойду бүтүннүүтэ; Үөһээ, Орто, Аллараа дойдулар барылара. Вселенная, все земли, все страны; все миры (Верхний, Средний, Нижний). Үс дойду күрүөһүтүн сэрэтэн туран -- Сүүс омук сүбэтин түмэргэ.
    С. Зверев
  • Хамаан-имээн (томоон-имээн, кимээн-имээн) дойду фольк. – олоҥхоҕо туойулларынан, ол дойду маһыттан бухатыыр ох саатын оҥороллор. Легендарная страна, воспеваемая в олонхо: именно там растут деревья, из которых делают лук для богатырей. Хамаан-имээн дойду Хатыҥа хатыҥнаах, Кимээн-имээн дойду Киилэ кииллээх -- Томоон-имээн дойду тордохтоох Туоһунан тордоммут -- Көрүлүүр көр муос саа диэн -- Улуу ньургуна манна эбит.
    П. Ойуунускай
  • Хол дойду фольк. – сэргэстэһэ чугас сытар, тэҥ кыахтаах, күүстээх дойду. Сопредельная страна, равная по силе и мощи. Улуу омуктар убаҕастарыгар хамыйахтаммыт, Хол дойдулар Хойууларыгар быһахтаммыт Гитлер саайкатын Кириэппэһэ кэрдилиннэ.
    С. Васильев
  • Хол дойдуттан холоонноохтор Холоспутунан бардылар.
    П. Ядрихинскай
  • Хоро дойдута фольк. – соҕуруу; көтөр кыстыыр сирэ. Страна, где зимуют птицы; южная страна. Хороттон кэлбит хоҥор кус. ПЭК СЯЯ. Хотоҕойдоох кыылбыт Хоро сириттэн кэлэн холбосто. Саха нар. ыр. II. Хотоҕойдоох аймаҕа Хоро сиригэр куотаары, Хонууга, ууга Холбоһон хоммут.
    А. Софронов
  • Тойук дойду кэпс. – олус ыраах, киһи ылла да тиийбэт сирэ. Очень отдаленнная местность; местность, до которой долго добираться (ехать). Дьэ, ол Кулун өлбүт диэн сиргэ айанныах диэтэххэ тойук дойду буоллаҕа.

Эһэ-бөрө дойдута

киһи олорбот, кэлиитэ-барыыта суох түҥ сир.

Безлюдная глухая местность; тайга.

  • Онно ким, хаһан оттообута баарай. Эһэ-бөрө дойдута буолбат дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Иирэлээх үрэх баһыгар Эһэ-бөрө дойдутугар, Мин итэҕэйбэт санаабар Куорат бэрдэ ситэн турар. С. Данилов

10 этии #

Аҕа дойду үрд. – төрөөбүт ийэ дойду (ийэ дойду диэннээҕэр туттуллуута кыараҕас, ордук дойду көмүскэлин уонна күүһүн-уоҕун хаҥатыы туһунан этэргэ тут-лар) Аҕа дойду Улуу сэриитэ.

Нууччалыы Родная земля, отечество (обычно употр. в значении "защищать, оборонять страну, Отечество")

Этиилэр

Арҕаа (арҕааҥҥы) дойдулар

Арҕаа Европа уонна Америка дойдулара.

Страны Западной Европы и Америки.

  • Эбиэт, сахалыы эбиэт буолбатах, миинин кытта аахтахха, биэс бүлүүдэттэн тэриллибит, арҕаа дойдулардыы эбиэт буолла.
    Д. Таас

Бу үчүгэй өрүттээх түмүктэр,

диэтэ араатар, – арҕааҥҥы дойдулар экономическай санкциялар бэлиитикэлэрин ыыталларын үрдүнэн ситиһиилэннэ.

  • "Кыым".

Биир дойдулаах

кимниин эмэ биир сиргэ төрөөбүт эбэтэр олорор киһи.

Земляк.

  • Биир дойдулааҕым, үөлээннээҕим наукаҕа саҥа арыйыыларын туһунан уочарка суруйа кэллим.
    Г. Угаров
  • Семен Гаврильевиһы билигин даҕаны биир дойдулаахтара умнубаттар. А. Ү. Бу дойду итэҕ. – киһи тыыннааҕар олорор сирэ. Мир, свет, срединный мир, в котором живет человек, мир людей. Өлбөт үйэлээх айылҕа Өлөр тыыннаах ыччата Мин барахсан бу дойдуга Бото болдьоҕум кылгаата.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • Бу дойдуга күлүүгэ барыам кэриэтэ Күнүм сирэ кэриэс.
    С. Зверев
  • Уон икки оҕобуттан ордон хаалбыт Ньургуһуммут сүттэ, биһигини бу дойдуга тыыннаах накааһыгар хааллартаата. Дьүөгэ Ааныстыырап.

Дойду киһитэ

Саха сирин киинин эбэтэр киин оройуоннарын, Бүлүү сүнньүн олохтооҕо (хотугу сахалар өйдөбүллэринэн).

Житель центральной Якутии или центральных и Вилюйских районов (по представлениям северных якутов).

  • Табаһыттар итиччэ үчүгэй ырыаны ким суруйбутун, хайалара ыллыырын туһунан туоһуласпыттарыгар, кыбыстыах иһин, дойду киһитэ тугу да билбэт буолан биэрдэ. "Кыым". Ийэ дойду үрд. – төрөөбүт дойду, төрөөбүт-үөскээбит сир. Родина, родная сторона. Дьоллоох уол оҕо бар дьонугар, Ийэ дойдутугар дурда-хахха буолар, үҥүү-батас тутар.
    Суорун Омоллоон
  • Ийэ дойду ньуура тупсан Тупсан, уйгу буолла.
    Күннүк Уурастыырап

Илиҥҥи дойдулар

Азия дойдулара.

Восточные страны, восток.

  • Илиҥҥи дойдуларга нүөлсүтүллэр эрэ хонууларга сир оҥоһуутунан дьарыктаныахха сөп. АЕВ ОҮИ. Илиҥҥи дойдуларга муҥура суох былаастаах ыраахтааҕылаах бөдөҥ судаарыстыбалар үөскээбиттэрэ. КФП БАаДИ.

Соҕуруу (итии) дойду

дойду киин уонна соҕуруу регионнара.

Центральные и южные регионы страны.

  • Соҕуруу дойду Сайыҥҥы түүнэ Саха сирин сайыҥҥы түүнүттэн атын.
    Т. Сметанин
  • Соҕуруу дойдуга маһы үүннэрэн бүтүн куйаар хонуулары, куораттары, дэриэбинэлэри көҕөрдөллөр.
    М. Доҕордуурап

Тас дойду

кыраныысса таһынааҕы дойду, омук сирэ, судаарыстыбата.

Зарубежье, зарубежные страны, заграница.

  • Аан дойдутааҕы тустуу күрэҕэр тас дойдуттан алта уонча күрэхтэһээччи кэлбит.

Төрөөбүт дойду

1) ийэ дойду.

Родина.

  • Сүөһү иитиитин сайыннарарга төрөөбүт дойдубут улууттан улуу соругу туруорар.
    М. Доҕордуурап
  • Гайдар кинигэтин дьоруойун холобурунан үөскээбит бу кэрэ хамсааһын сэбиэскэй оҕолор төрөөбүт дойдуларыгар итии тапталларын -- чаҕылхай көстүүтэ буолан саас-үйэ тухары умнуллуо суоҕа. Софр. Данилов; 2) киһи күнү көрбүт, үөскээбит, улааппыт сирэ. Родимое место, родная сторона. Бэл, бу кыра булгунньах үрдүгэр ыттыбыппар, төрөөбүт дойдум ньуура кэҥээн көһүннэ.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (3)
  • Өр сылдьыбакка гынан баран таҕыстахха, төрөөбүт дойду күндү буолар эбит.
    С. Ефремов
  • Өлөксөй сайын үөрэх кэнниттэн сынньалаҥар төрөөбүт дойдутугар таҕыста.
    В. Протодьяконов
  • Хайа дойду кэпс. – туохха эмэ наһаалааһыны дьиктиргээн эбэтэр сөбүлээбэккэ этии. Восклицание, выражающее удивление или неодобрение выходками кого-л. Хайа дойду бачча буолуор диэри улахан санаалаах киһиний, оҕолоор! Ньургун Боотур.

Хоту дойду

1) киин улуустартан хоту сытар.

Район, край, расположенный к северу от центральных районов Якутии.

  • Бу муус болуо тыыннаах хоту дойдуга буспут-хаппыт кыыс ыттарын, арыт бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэ үөрэммит.
    Н. Якутскай
  • Кус кэлэр, хоту дойду айылҕата уон араас чэгиэн-чэбдик куолаһынан эмискэ киэркэйэн уһуктар. Н. Заболоцкай; 2) Саха сирэ (Россия киин уонна соҕурууҥҥу регионнарынан арааран этиигэ). Якутия (в отличие от центральных и Южных регионов России). Ол эрээри ийэ кыраай, Оҕо-уруу угуйуута Улахан буолан, ыҥырар Миигин хотугу дойдуга. Эллэй. Хоту дойдубут барахсан Сайынын кырдьык кумаардаах, Кыһынын чысхаан тыаллардаах. П. Тулааһынап

«Д» буукуба