Перевод с якутского
таас
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы камень.
English stone
Ис хоһооно · 18
1 аат тыл #
Хайа кытаанах, чиҥ боруодатын бытархайа, көһөҥөтө эбэтэр кэлимсэтэ
Нууччалыы Камень. Тааска утуйар, тимиргэ уһуктар, дүлүҥҥэ түһэр, дүлүҥ устун сүүрэр, халлааҥҥа көтөр баар үһү (тааб.: уот). Валерий Иванович хаптаҕай тааска олордо. Л. Попов. Кинилэр дьиэлэрин таһыгар күүстээх дьон холонон көрөр таастара баара. Р. Кулаковскай. // Уулаах сир кытыытынан (хол., өрүс, муора, күөл биэрэгинэн), түгэҕинэн ыһылла сытар бытархай, мүлүркэй кырыылаах кытаанах эттик, чай. Мелкие камешки по берегам, на дне водоёмов (напр., рек), галька. Таптыы көрбүт таастарын -- уу түгэҕиттэн умсан таһаарар. Амма Аччыгыйа. Элбэх оҕо буолан эҥин араас өҥнөөх таастары таба суумата гынаары хомуйдубут: маҥан да, араҕас да, эриэн да таастары. Н. Тарабукин (тылб.). // Араас кытаанах эттиктэр ааттарын кытары холбоһон биир уус, бөлөх өйдөбүлүн биэрэр: күндү таас, алмаас таас, чөмчүүк таас, чокуур таас, хоруоҥка таас, дэриэспэ таас, очуос таас о. д. а. В сочетании с названиями различных твёрдых тел, минералов обозначает общее родовое понятие: драгоценный камень, алмаз, жемчуг, кремень, карольки (крупные бусы), булыжник(и), утёс и т. д
Үрдүк таас дьиэлэр өрүкүһэ үүнэн, элбээн эрэллэр.
Суорун ОмоллоонТайалҕаннаах тайҕам барахсан, Таас куораттары тэнитиэхпит. Баал Хабырыыс [Аркадий Дмитриевич] Ленин куоратын килэдийэр таас уулуссаларыттан арахсан, Саха сиригэр кэлбитэ ыраатта М. Доҕордуурап
2 аат тыл #
Таас хайалардаах үрдүк сир (намыһах хотоол эбэтэр туундара сиригэр тэҥнээтэххэ)
Нууччалыы Возвышенное горное место (по сравнению с низменными или тундровыми местами)
Арҕаа таас, Илин таас (Халымаҕа эбээннэр былыргыттан таба иитэн олорбут сирдэрэ). Бүгүн улахан тыал буолаары гыммыт быһыылаах, Илин таастан ылыыһык. А. Софронов Аҕыйах хонуктааҕыта түөрт булчут мантан чугас тааска бултуу тахсыбыттара. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (4)
Билигин кини ыстаадата Арҕаа тааска баар. Ол [Арҕаа таас] хайа ойуура, алыыта эҥинэ таба аһылыктаах. Итинник улахан таас хайалаах сирдэри көннөрү таас эрэ диэччилэр. С. Никифоров Сайын аайытын тахсан сайылыыр таастарын ахтыбыттара сүр, бөртөлүөт түннүгүнэн төбөлөрө лэкээриҥнэс Кыым Бадарааны ортотунан сэрии иннинэ кумах, таас кутуулаах уонна хаптаһыны тэлгээн, олохтоохтор оҥорбут суоллара баар эбит. М. Доҕордуурап Табаҕа бааһыналарын эргиччи уонна Кириэстээххэ диэри таас кутуулаах суол оҥоһуута [бырайыакка] киирсэр ХС
3 аат тыл #
Туораах бурдугу мэлийэн, мээккэлиир төгүрүк тэрил, суоруна
Нууччалыы Мельничный каменный круг для перетирания зёрен в муку, жёрнов
Түүн үөһүн саҕана аҕам кыра туораах бурдуктаах кэлэн, тоҥнуу тааска мэлийэн сыыгынаппытынан барда. Амма Аччыгыйа Тааспыт киинэ элэйэн бурдукпутун дэлби куруппалатан кэбистибит. А. Софронов [Туораах бурдугу] сиксийэн баран, тааска тардыахтааххын АИА КХО
Өссө холобурдар (2)
Тырым таас түннүктэргэ Тыыннаах сибэккилэр Дыргыйа үүнэн кэйэллэр. Күннүк Уурастыырап Сайыҥҥы сарсыарда күн уотун сарыала Лааҕыр таас түннүгүн үөһэттэн уураата П. Тобуруокап
4 аат тыл #
Киһи уҥуоҕар ууруллар, туруоруллар өйдөбүнньүк, пааматынньык
Нууччалыы Надгробный памятник из камня, могильная плита
Мин эспит бинтиэпкэм ньиргиэрин Бэйэтин киэнинэн ааҕыныа. "Дорообо, табаарыс!" – диэбитин истиэҕим... Мин тааспар сибэкки анньыллыа. Эллэй. Таҥара дьиэтин аҕыраадатын иһигэр маҥан кырааскалаах, элбэх киһи уҥуоҕун таастара кылбарыһан көһүннүлэр. Эрилик Эристиин [Хобороос] иин үрүт тааһыгар бүк түһэр И. Егоров
5 аат тыл #
Киһи ис уорганнарыгар үөскүүр ыарытыннарар кытаанах кыра эттиктэр
Нууччалыы Маленькие твёрдые тельца, образовавшиеся во внутренних органах человека и причиняющие боль
"Быаргар таас үөскээбитэ дуу, үөһүҥ тахсар сирэ бүөлэммитэ дуу - чинчийэн, быһааран, эпэрээссийэлиэхпит", – диэбиттэрэ. Софр. Данилов. Үөс тымырын таас бүөлээтэҕинэ киһи саһарар, тириитэ кыһыйар, хойуутун өҥө сырдыыр, иигэ хараҥа өҥнөнөр. ЯАС БХ. Үөстэригэр таас үөскээбит дьонун эпэрээссийэлээн харахтарыттан сыыһы ылбыт курдук үтүөрдүтэлээн эрэр диэн кэпсиир буолбуттара Кыым Ийэ кыыл обургу -- килиэ таас тииһин киҥнээхтик кэчигирэтэр. П. Тобуруокап [Өлүү балыгын төрөтүөхтээхпин диир ойуун:] Оччоҕо, тириим тэнийэн, уҥа ылгын таас ойоҕоһум үүнүөхтээх. Ол үүннэҕинэ, Орто дойду ойууна кыайан сиэбэккэ, үйэбин моҥоон өлөн баран, үөһэ дьабыммар көтүөхтээхпин. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
[Айыы бухатыыра] Дьаргыл таас харытынан, ньыгыл таас ытыһынан Иэдэс тааска биэрдэ. Били баҕайы сири харбаан ылла Тоҥ Суорун
6 аат тыл #
Үксүн түннүккэ, иһиккэ туттуллар дьэҥкир, чараас өстүөкүлэ
Нууччалыы Прозрачное, тонкое стекло для окон, используемое для создания и других изделий (напр., посуды)
Хараҕынан мөлтөх соҕус тойон быһыылаах ээ: ачыкытын тааһа халыҥын. Софр. Данилов. Кыараҕас түннүктэр таастара алдьаммыт, сорох сиринэн кумааҕы бүөлээхтэр.
КүндэДьиэ бэйэтэ кыракый эрээри ортотуттан ыла килэркэй таас эркиннээх бэрээндэлээх буолан, син балачча улаатан, багдаллан көстөр ХС
7 аат тыл #
Үрүҥ туойтан уматыллан оҥоһуллар, сүнньүнэн иһит оҥоһуутугар туттуллар матырыйаал (саха тылыгар үксүгэр туспа өйдөммөт, үрүҥ таас иһит диэн бииргэ өйдөнөр)
Нууччалыы Белый керамический материал из глины; фарфор (в якутском языке фарфор как таковой обычно не выделяется, а понимается как посуда из белого материала, фарфора)
Иһити былыргыттан тааһынан оҥороллор. Былыты курдаттыы сардаҥата суох күн таас бүлүүһэ түгэҕин курдук көстүтэлээн ааһар. Амма Аччыгыйа Сыыр үрдүгэр [ыт көлөнөн] бурҕачытан тахсарбытын кытта, хабдьылар биһигини кыһайбыт курдук, итиннэ кылбаһан, манна таас иһит курдук хороһон олорор этилэр. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Ол сылдьан остуолтан биир таас чааскыны үлтү түһэрэн кэбистэ
Күндэ
8 аат тыл #
Өстүөкүлэ, курустаал иһит уопсай аата
Нууччалыы Общее название стеклянной, хрустальной посуды
Таас иһиттэр эрэ чап-чараастык "Ийээ" диэн үтүктэн чаҥкынаспыттара Н. Заболоцкай
9 даҕааһын #
Тааһынан оҥоһуллубут
Нууччалыы Сооруженный, изготовленный из камня, каменный
10 даҕааһын #
Таас кутуулаах, тааһынан бөҕөргөтүллүбүт
Нууччалыы Покрытый, укреплённый камнем
11 даҕааһын #
Өстүөкүлэлээх, өстүөкүлэлэммит; өстүөкүлэнэн оҥоһуллубут
Нууччалыы Сделанный из стекла, стеклянный. [Кулуба] үрүҥ таас ачыкылаах
12 даҕааһын #
Уматыллыбыт үрүҥ туойтан оҥоһуллубут (үксүгэр иһит туһунан)
Нууччалыы Изготовленный из белого керамического материала, керамический; изготовленный из фарфора, фарфоровый (обычно о посуде)
13 аат тыл #
Кытаанах, улахан күүстээх, суостаах (тааска маарыннатан, тугу баҕарар фольклорга, уус-уран литератураҕа тэҥнээн этии)
Нууччалыы Твёрдый, сильный, устрашающий (обычное сравнение различных явлений с камнем, как образцом твёрдости и силы в фольклоре и художественной литературе)
14 этии #
Нууччалыы Сказочный волшебный камень, дающий изобилие его обладателю
Этиилэр
Аптаах таас
остуоруйаҕа кэпсэнэр, баайы, аһы-таҥаһы биэрэр күндү таас Аптаах тааһын атыытыгар Аччыктыыры анаарбакка, Чурум-Чурумчуку аатыран, Туойа-ыллыы доргута Туйгуннук олорбута. Эллэй. Дьаргыл таас (былаайах) фольк. – ньиргиэрдээх, дуорааннаах, лүҥкүнэс тыастаах (былаайаҕы хоһуйар кубулуйбат эпиитэт).
С гулким звоном (постоянный эпитет, живописующий шаманскую колотушку).
Дьаргыл таас былаайаҕынан Дьалыһыйа-дьалыһыйа Дор-дор оҕуста, Дом-дом туойда.
П. Ойуунускай
Дьоллоох таас
булбут киһиэхэ баайы-дуолу, үтүө олоҕу аҕалар хара курустаал таас (итэҕэл быһыытынан хотой, мохсоҕол, халба уйатыгар баар буолар үһү).
Камень счастья – чёрный хрусталь, дающий его обладателю богатство, благополучную жизнь (по поверью, обнаруживается в гнезде орла, сокола, утки-широконоски).
Кулгааҕын тааһыгар диэри
кулгааҕар диэри (муҥутуурунан ыксары тарт – ох саа кирсин).
До самого уха (натянуть до отказа тетиву лука).
Куорсуннаах кураҕаччы оҕун -- Кулгааҕын тааһыгар диэри Лыҥкыначчы тардан, Түөлбэ хаан дүҥүрүн туһаайан Төлө тардан кэбистэ. П. Ядрихинскай
Кулгаах тааска биэр (саай) көр кулгаах
Сойуо харах ойон тураат Манчаарыны кулгаах тааска сырбатта. И. Гоголев Чүөчээски Түүлээх Уллуҥаҕы кулгаах тааска пугааһынан ытан дөйүппүтэ.
Суорун Омоллоон
Күөмэйэ таас курдук (таас тахса) бүппүт
тымныйан, күөмэйэ ыалдьан, саҥата иһиллибэт, нэһиилэ кыыкыныыр эбэтэр сибигинэйэр эрэ буолбут.
Простудившись, потерять голос.
[Сүөкүччэ] тымныйан, күөмэйэ таас тахса бүтэн хаалбыта. А. Сыромятникова Бэрэбиэсчит күөмэйэ таас курдук бүтэн хаалбыт, бэрээдэги олохтуу сатаан, кураанахха хаахыныы сатаахтыыр.
А. Фадеев
Мас-таас курдук көр мас
Суку Ньукулайы, Өлөксөөс кыыһы туоһу буолуоххут диэн мас-таас курдук этэн кэбиспитэ. А. Бэрияк Ийээ, -- эн биһикки иккиэн аҕабын ааттаһарбыт эбэтэр мас-таас курдук этэрбит буоллар, миигин кини күүһүнэн умса анньан [кэргэн] биэриэ суох этэ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
[Сиидэр кинээс] Лөкөйгө биир улахан сүөһүнү уостатыах буолан, күһүн ону эрдэ кэлэн ыларыгар мас-таас курдук этэн барбыта. Тумарча.
Муос-таас курдук көр муос I
"Мин хайа үлэтигэр үөрэнэн, холонон көрүөхпүн баҕарабын", - диэн уола муос-таас курдук хардарбыта. ХС Муос-таас курдук быһаарынан кэбистэ: "Түксү, маны ууратыахха!" А. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Дьэ билигин кини [кэргэниттэн] арахсарга муос-таас курдук быһаарынна. ХС
Муус-таас курдук
мас-таас курдук диэн курдук (көр мас).
Тыл аахсан, эппиппин мүччүрүппэккэ муус-таас курдук туруорустахпына, уһун оппун оттотуохтара суоҕун сэрэйбитим. Р. Баҕатаайыскай
Мэҥэ таас
1) киһи уҥуоҕун тааһа.
Надгробный камень, могильная плита.
Куорат курдук ыраах сиртэн дьоннорун ааттарын үйэтитээри -- атынан тиэйтэрэн таһаарбыт аанньаллаах, ойуулаах мэҥэ таастарын ханнык эрэ дьаһалта паровой двигатель туруорарга олох гына хомуйтаран ылан сиргэ тимирпит. Далан Мин көмүллүбүт ииммин кини булуоҕа, Мин мэҥэ тааспар суруллан уоскуйуоҕа. С. Данилов; 2) Соҕуруу Сибииргэ, ордук Орхон, Енисей кытылларынан түҥ былыр (V үйэттэн) туруоруллубут түүрдүү руническай суруктаах таас остуолбалар. Древнейшие (с V в.) каменные стелы с тюркскими руническими надписями [тюрк. beнgu taš – мэҥэ таас ‘вечный камень’]. Мэҥэ таастар суруктарыгар бары да түүрдэргэ билигин да туттуллар уопсай даҕааһын ааттар бааллар. АНК ТТ. Оҕо (эр киһи) санаата (сүрэҕэ) тааска - оҕолор, эдэр дьон санаалара букатын туспа, атын. Төрөппүттэрэ саныылларынан кинилэр тоҥуйдар, уйаҕаһа суохтар, дьэбирдэр диэн өйдөбүллээх этии. Выражение со значением: "дети, молодые люди думают совсем по другому, иначе, чем родители, поэтому они им кажутся холодными, нечувствительными, чёрствыми". Ийэ-аҕа санаата оҕоҕо, оҕо санаата тааска (өс ном.). Эр дьон төһө да бырааттыы буолбуттарын иһин сүрэхтэрэ тааска буоллаҕа дии, онон өй-санаа туспа, суол-иис туспа буолтун кэннэ арахсар да баар буолуо, өстөһөр да баар буолуо.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
"Оҕо сүрэҕэ тааска диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ", - дьахтар ис-иһиттэн кыйаханан-кыыһыран кэлбитэ. ХС
Санаа хара тааһа
киһини баттыыр, олус илиһиннэрэр ыар санаа.
Тяжёлые гнетущие думы (соотв. камень на сердце).
Очур бөҕөҕө оҕустаран, Тэхтир бөҕөҕө тэптэрэн, Санаабыттан санаа хара тааһа түспэтэ. С. Васильев Саргылаах санныбыт үрдүттэн Санаа хара тааһа түстэ! С. Васильев
Таас дьүлэй
киһи кыһалҕатыгар кыһаммат, сэҥээрэн көрбөт, олус тыйыс.
Равнодушный, бесчувственный, бессердечный, жестокий.
Эр киһи оройуон салайааччыта буолаат, атын дьон кыһалҕатыгар таас дьүлэйгэ, сыһыаныгар бардамҥа кубулуйбута. ХС
Тас (таас) иэнинэн барда көр иэн II
Охоноос -- бэтэрээ туоһу тутум холобурдаах дубук үктээн баран, аһардар аһаран, тиийэн, буурдууругар биир харыһы наһаа түһэн, халты тэбинэн, таас иэнинэн барда. Амма Аччыгыйа. Ол икки ардыгар Мас [киһи аата] анараа киһини атаҕын тойон эрбэҕиттэн харбаан ылан, өрө көтөҕөн баран, таас иэнинэн түһэрэр. "ХС". Таас сүрэхтээх (сүрэҕэ таас, сүрэҕэр тааһы укта сылдьар) - аһыныгаһа суох (кими, тугу да харыстыыр диэни билбэт).
Жестокий, бездушный (безжалостно относящийся к кому-чему-л.), (соотв. каменное сердце).
Бу маннык таас сүрэхтээх киһини ханнык үтүөтүн иһин таптыахха сөбүй? Тас көрүҥүн эрэ иһин дуо?
Н. ЛугиновКэбис, кэбис айбыт аҕа сүрэҕэ таас буолбатах эбит. И. Гоголев
Өссө холобурдар (4)
Туох ааттаах сүрэҕэр тааһы укта сылдьар дьиикэй киһи буолуой - бу [кыра оҕолору] сынньыталаабыт киһи?! Эрилик Эристиин Таас төрөөн олорор (турар) - туохтан эрэ санаатын таптарбакка, олус дьиппиэрэн, тыйыһыран, хамсаабакка да олорор. Неудовлетворённый чем-л. сидит неподвижно с суровым, невозмутимым, ожесточённым видом (букв. сидит, переродившись в камень). Терентьев кэпсэтии хайысхатын сөбүлээбэтэҕинэ ах баран, таас төрөөн олорон көхсүн этиппэхтиирэ.
Н. ЛугиновСэпсигир маҥан бытыктаах кубархай сирэйэ таас төрөөн дьиппиэрбит. П. Ламутскай Уол ыксаан аҕатын диэки көрбөхтөөтө да, аҕата букатын хамсаамына, кубарыйан, кытаанахтык санаммыттыы сэҥийэтин бытыгын чоротон, таас төрөөн олордо. В. Катаев
Таас тиис, муос тиис!
харсар оҕустары киксэртиир оҕолор хаһыылара.
Возгласы детей, которыми они подстрекают бодающихся быков (букв. каменный зуб, костяной зуб).
Муос тиис! Таас тиис! Киксэртээн оҕолор чаҕаараллара, Муос тиис! Таас тиис! Суон тииттэр, Чөҥөчөктөр ордоотууллара. И. Гоголев
Таас уорҕатынан көр тас уорҕатынан
Биһиги бары көрөн турдахпытына сүүнэ улахан кугас оҕус атырдьаҕынан быраҕыллыбыт түүтэх курдук өрө эһилиннэ уонна таас уорҕатынан барда. Далан Ааны аргыый аһан киирэн иһэммин, халтарыйан, чуут таас уорҕабынан бара сыстым. И. Никифоров
Таас ытыс
олус кэччэгэй, тугу да ыһыктыан баҕарбат.
Скряга, жмот, сквалыга (букв. каменная ладонь).
Таһыттан киирбит таас ытыс, туораттан киирбит туос уллуҥах (өс хоһ.). Тааһы бырахпыт курдук - олус дөбөҥнүк, түргэн баҕайытык уонна кытаанахтык (утуй). Сразу, очень быстро и крепко (уснуть) (букв. как брошенный камень). Күнү дэлби сылайан баран, түүн тааһы бырахпыт курдук утуйан тураҕын, сарсыарда биирдэ уһуктаҕын. Далан Ыар сорудаҕы толорбут, ыран-быстан кэлбит уолаттар сонно тута кэбиинэлэригэр охтуталаабыттара да, тааһы бырахпыт курдук ньимси утуйан хаалбыттара. В. Яковлев
Өссө холобурдар (2)
Оо, олус да ыараханнык, тааһы бырахпыт курдук, утуйбуппун. ХС Таллан таас орой фольк. – талыы-талба төбө (тард. сыһыар-х тут-лар). Крепкая, умная голова (букв. отборная каменная макушка). Мин этэр тылбын таллан таас оройгунан таба оройдоо эрэ (диир ат иччитигэр). Саха фольк
Бу мин өйбүн
таллан таас оройбун таба андаҕайдыҥ! Ньургун Боотур. Таллан таас оройдорум төйөөхөйдүү доргуйда. Суорун Омоллоон. Таллан таас уораҕай фольк. – амырыыннаах-алдьархайдаах таас килиэ дьиэ, арҕах (абааһы бухатыыра олорор дьиэтин сүрдээн-кэптээн хоһуйан этии).
Мрачное зловещее каменное логово (изображение-описание жилища богатыря преисподней, абасы).
Бу Тимир Ыйыста Хара бухатыыр таллан таас уораҕайыгар тиэттэр эрэ өлүү бөҕө үтүрүйүөҕэ, алдьархай бөҕө ааҥныаҕа. Саха фольк Таллан таас уораҕайын оройуттан өһөх хара төлөн өрө оргуйда да, кырынаас дьаарын курдук ыы-дьаар сабыта биэрдэ. Ньургун Боотур.
Тастан киирбит таас уллуҥах
атын туора киһи; абааһы көрүллэр туора урдус.
Совершенно незнакомый, посторонний, чужой; чужак, неприятель (букв. вошедшая снаружи каменная стопа).
Ягоҕа Отелло -- тастан киирбит таас уллуҥах. Кини маврга өһө-сааһа улуу омугумсуйуу өһө-сааһа. Эрчимэн. Таһыттан киирбит таас ытыс, туораттан киирбит туос уллуҥах эргэр. - туга да суох, дьиэлээх тойоҥҥо сөбүлэппит, ыалга эбии иитимньи, айах адаҕата эрэ буолар киһи. Чужой, втёршийся в доверие к хозяину дома, от которого домочадцам ждать добра не приходится. Түөрт түөрэм (түөрэҥ) таас туйах фольк. – бухатыыр атын сыыдам сырыытын, бүдүрүйэри билбэт эрчимин, иччитигэр бэриниитин хоһуйан этэр уустук эпиитэт. Постоянный сложный эпитет, характеризующий копыта богатырского коня в эпосе олонхо (букв. четыре каменных копыта, оставляющие круглый след). Хоро-хоро диэн хоролуулларын аҕай кытта түөрт түөрэм таас туйахтарынан төлө тэбэн түстүлэр.
П. ОйуунускайТүөрт түөрэҥ таас туйаҕын тыаһа өрө табыгыраата. Ньургун Боотур. Ууга тааһы бырахпыт курдук (кэриэтэ, бырахпыттыы), ууга бырахпыт таас курдук - 1) букатын суола-ииһэ көстүбэккэ, сураҕа-садьыга иһиллибэккэ, быркыта суох (сүт). соотв. как в воду канул. Ууга тааһы бырахпыт курдук сураҕа суох сүппүтэ. И. Федосеев
Өссө холобурдар (2)
[Настайа] "ааһан эрэр ханнык эрэ киһини булсан" адьас чиэски сиргэ түһэн, ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалбыта. П. Аввакумов Уйбаан Сэмэнэбис били Маайа кумааҕыларын ылан барыаҕыттан ыла, ууга бырахпыт таас курдук сүтэн хаалар. Н. Якутскай
Чаачыгырыыр таас таҥалай көр таҥалай
Мин бэйэлээх
кубулҕаппын куудьунан, Чуучугуруур туус тумус, Чаачыгырыыр таас таҥалай [Хотой кыыл буоламмын көттүм].
(Чачыгырыыр) таас таҥалайа чаҥырҕаата, Чаҥыргыы-чаҥыргыы сараадыйан кэллэ. П. Ойуунускай
15 этии #
Нууччалыы Мелкие камни, ярким узором, виднеющие, просвечивающие сквозь толщу прозрачной воды
Этиилэр
Алмаас таас көр алмаас
Ол пааматынньыкка -- алмаас тааһы илиитигэр тутан баран, көрө турар саха булчутун мөссүөнүн туруоруом этэ.
Суорун ОмоллоонАҕыс уон аҕыс араас Аалыы кырыыланан көстөр Аатырбыт-сураҕырбыт Алмаас тааспыт. П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
Эн көмүскүн, эн көрөр хараҕыҥ алмаас таас курдук үчүгэй. С. Ефремов
Бурдук тардар таас көр таас, суоруна
Кыһыары соҕус куорат суутуттан аҕа ууһугар биирдии бурдук тардар таас таҕыста, мин аҕабар биир тааһы биэрдилэр. Саха сэһ. II. Ийэҥ былыр баайга Бурдук тарпыт тааһа Кэпсиир эн олоххун, Үөскээн үүнэн испиккин. П. Тулааһынап
Дэриэспэ таас көр дэриэспэ
Тыс быстар тыас тыаһа Дэриэспэ таас курдук Дэлбэритэ ыстанна.
П. ОйуунускайБүлүү дэриэспэ таас хайалара өрө сүгүллэн тахсан баран, аллара чарпа буолан саккырыыллара. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Мин сүүс миэтэрэ үрдүктээх дэриэспэ таас хайа чыпчаалыгар турабын. С. Ефремов
Дьаптал таас көр дьапталҕа
[Ийэ дойдум] Акылаатын Алын төрдүн Дьаптал таастан Дьаарыстанан, Ирбэт тоҥтон Тиийэн иҥнэр Эрэл, бигэ Тирэхтэннэ, Килиэ тимир Эркиннэннэ. Күннүк Уурастыырап
Дьапталҕа таас көр дьапталҕа
Алта хос дьапталҕа таас муосталаах Алаһа бараан дьиэ барахсан Аана арыллаҥныаҕынан [тыас дэлбэритэ ыстанна].
П. ОйуунускайТөрүт буор ийэ сирбит -- Дьапталҕа таас дьайыҥнанан, Сөҥөн, дьиппинийэн үөскүөҕүттэн Күндүттэн күндү баайын, Дириҥ түгэҕэр саһыаран, Иҥэриммитэ баар этэ. С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
Дьарҕаа таас поэт. - оһуор-бичик курдук дьэрэлийэн көстөр бытархай таастар (үксүн уу курдат көстөрүн этэллэр) Дьарҕаа таас түгэҕэ ууну курдаттыы дьэрэлийэн көстөр. Амма Аччыгыйа
Дьилэй таас
быыһа-хайаҕаһа суох, бүтэй, ньыгыл, чиҥ таас боруодата.
Твёрдый, монолитный, не имеющий трещин камень.
Дьилэй таастардыын киһилии кэпсэтэр Дьикти доҕорум, иһит-сэргээ, Мичилийэр кыыс билсиһээри, кыбыста Мичээрдиирин сэрэйбэккин ээ! И. Эртюков Испиэскэ таас - таас хайалаах сиргэ баар оппуохалаах сөҥүү боруодата. Осадочная горная порода, содержащая известь. Сөҥүү боруодаларыгар -- миэл уонна испиэскэ таастара киирсэллэр. СПН СЧГ. Испиэскэ тааһа - сир ахсын баар хайа минерала. КДМ Х. Соҕуруу Европа үгүс сис хайалара -- сүрүннээн сөҥүү боруодаларыттан - испиэскэлээх таастан (известняк), кумахтаах таастан (песчаник) үөскээбиттэр. КВА МГ
Курустаал таас көр курустаал
Күн уотун курдук өрө күндээрбит, кустук төлөнүн курдук дьэрэлийэ сандаарбыт курустаал таас дыбарыаска мунньустан олорон, саха үлэһит норуотун үрдүк сэбиэтэ, улуу мунньаҕа ууруу ууруоҕа. П. Ойуунускай. Хараҕын кыламаннарыгар курустаал таас курдук дьэҥкир уулар кылабачыҥнастылар. Күндэ. Киһи син биир курустаал таас иһит. Н. Босиков. Күндү таас - үксүн киэргэлгэ туттуллар үчүгэй чаҕылхай көрүҥнээх, ыарахан сыаналаах таас.
Ценный и красивый камень, используемый для украшений; драгоценный камень.
Чароит - күндү таас. Маша -- кэһиэччигэ күндү тааһынан күлүмнүүр. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
Арай ол уйаара-кэйээрэ биллибэт ыас хараҥа ортотугар дьоллоох Дьокуускай уоттара күндү таастыы күлүмүрдүүллэр.
Н. ЛугиновКүрбэ таас - туспа сытар улахан мөкүнүк таас. Большой массивный круглый камень, лежащий отдельно; булыжник. Кулуннарын тириитин сүллэ уонна дьиэтин аанын икки өттүгэр күрбэ тааһы ууран баран, кулунун тириитинэн бүрүйэн кэбистэ. Саха фольк Биир күрбэ тааска сэргэстэһэн олорон харчыларын аахпыттара. И. Гоголев Бүрүнэ сытар соммун аһан көрбүтүм, хаспаҕым айаҕын улахан күрбэ таас бүөлүү түспүт. Т. Сметанин
Муҥха тааһа
таастыган диэн курдук.
[Сылгы] кыла - туһах, сэлээппэ, илим, дэйбиир, муҥха; туйаҕа - тимэх, муҥха тааһа [буолар]. "Кыым".
Очуос таас көр очуос
[Чурумчукуну] Дьуоҕата биллибэт далайга Чурулуу тыаһыыр байҕалга -- Чымаан үрдүк чыпчааллаах Очуос таастан бырахтылар. Эллэй. Соһо таас - кырааскалыырга туттуллар сымнаҕас кыһыллыҥы таас.
Мягкий красящий камень красного или охристого цвета.
Булгунньах бэйэтэ буоллаҕына сууллан көөһөнөр соһо таас дииллэр. Күннүк Уурастыырап Суорба таас - көнө иэдэстээх туруору таас (хайа). Крутая, отвесная скала, утёс. Суорба таас хайаны да чаҕыйбакка дабайаллар. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (7)
Улуу өрүс кытыытынааҕы суорба таас хайа. Багдарыын Сүлбэ. Суол икки өттүнэн Суорба таас хайалар Кирпииччэ өҥүнэн Кремль эркининии Кэрэлээн тураллар. С. Васильев Суоруу таас - тэҥнии кылааккайдаммыт таас. Тесаный камень. Россия үөрэхтээҕэ П. С. Паллас Енисей өрүс салааларыгар -- суруктаах суоруу таастары булбутун туһунан ыстатыйа таһаарбыта. АНК БТТ. Сүлүүдэ таас - хаҕылана сылдьар дьэҥкир хаптаҕай минерал (былыр түннүккэ өстүөкүлэ оннугар тут-лара). Плоский слоистый прозрачный минерал (в старину использовали для окон вместо стекла), слюда. Хаҥырҕастаах хаппахчы Киһи көрүөр Килбиэннээх буоллун диэн, Сүлүүдэ тааһынан Сүрэ тупсарыллыбыт.
П. ОйуунускайСыа таас - муус маҥан дьүһүннээх таас. Чисто белый камень, кварцит. Сыа таас курдук ыраас мөссүөннээх Хобороос кубарыйталаан хаана оонньоон ылаттаата. А. Сыромятникова Көстөкүүн бу тэтэркэй хааннаах, уһун синньигэс ньылбаархай сирэйдээх, сыа таас курдук муус маҥан кыысчааны сөбүлүү көрдө. Н. Заболоцкай Үс ыалдьыт, ол иһигэр икки мааны сыа таас курдук маҥан дьахталлар. СДТА. Сымара таас - үксүн туспа сытар улахан бөдөҥ таас. Отдельно лежащий, плотный гладкий камень; глыба, булыжник. Ол [төҥүргэс] аттыгар ынах ханнын саҕа сымара таас сытар. Амма Аччыгыйа Уһуктаах уот дьиэрэҥкэй үҥүүтүн Хара сымара тааска Харыстан ордук дириҥник Хараҕалыы анньан кэбиспит. Күннүк Уурастыырап Онуоха ат сылгы -- Түөрт атаҕын холбуу үктэнэ түстэ да, түөрт хаардаах бугул курдук Хара сымара тааһы логлу тэбэн кэбистэ. Ньургун Боотур.
Таас барааҕа
уһун атахтаах, уһун тумустаах улахан чөкчөҥө.
Один из видов куликов.
Таас бас - улахан төбөлөөх, олус хатыылаах лапчааннардаах кыракый өрүс балыга. Маленькая с большой головой и колючими плавниками речная рыба, ерш. Балык миинэ сөп соҕус сыстаҥнас буоларын наадатыгар кыра балыгы - таас баһы уонна алыһары - иһин хайытан, үчүгэйдик сууйан баран, хатырыктаабакка эрэ буһарыллар. Дьиэ к. Сордоҥнору да, таас бастары да, -- бэл сыта сыҥсаар майаҕастары уу түгэҕин ньоҕороҕуттан орообуттара. УуУЛ.
Таас боруута
хаас аһылыга буолар боруу.
Хвощ, хорошо поедаемый гусями.
Таас былдьырыыта - көннөрү былдьырыыттааҕар кыра былдьырыыт. Маленький по размеру кулик. Дурдабыт иннинээҕи бадарааҥҥа таас былдьырыыта "чырылык-чарылык, дьири-дьир" дии-дии, сүүрэн догдоруйар, арыт тохтуу түһэр, уһуктаах уһун тумсунан бадараантан тугу эрэ булан аһыыр. В. Тарабукин Таас дьааҥы - ото-маһа суох сыгынньах таас хайа. Нагромождение каменных скал без растительности, гольцы. Адаардаах арҕастаах таас дьааҥы анныгар, Аргыардаах Аммаҕа, мууһурбут буоругар Хааннарым тохтоннор мин өлөн эрэбин, Хараҕым сабыллан мин ииҥҥэ киирэбин.
П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (4)
Халтаҥ таас дьааҥылар үрдүк арҕастарыгар хаһан да уулбат, таас буолбут муус ардайдаахтар. А. Сыромятникова Таас дьиэ - таастан, кирпииччэттэн, блоктан, керамзиттан уо. д. а. кытаанах матырыйаалтан оҥоһуллубут, толору хааччыллыылаах дьиэ. Построенный из камня, кирпичей, блоков, керамзита и т. п. твёрдых материалов благоустроенный дом. Мин улааттарбын эрэ субу хайа чыпчаалыгар сүрдээх үчүгэй, кырасыабай гына таас дьиэ туттуоҕум. С. Ефремов Ити уопсайы, баҕар, көтүрүөхтэрэ, оччоҕуна таас дьиэ ылыахпыт ээ. В. Гольдеров Буорунан симиллэн оҥоһуллубут намыһах дьиэлэр быыстарыгар уһулута ойон үрдээн турар таас дьиэлэр бааллар. Эрилик Эристиин
Таас дьүлэй көр дьүлэй
Павел Бакланов кэргэнэ икки кулгааҕынан таас дьүлэй. Н. Якутскай. Таас дьүлэй киһиэхэ Кулгааҕар сипсийимэ. Эн тараҕай киһиэхэ Тарааҕы бэлэхтээмэ. И. Гоголев. [Ыарыһах] кулгааҕар наар туох эрэ тыас куугунуур, мэйиитэ эргийэр буолбут, онтон тугу да истибэт таас дьүлэй буолбут. "ХС". Таас дьоно - хайалаах сир олохтоохторо.
Жители горной местности; горцы.
Өймөөкөөҥҥө олорор сахалар бэйэлэрин таас дьонобут диэн ааттаналлар. ПЭК СЯ Я. Тэҥн дойду дьоно, тыа дьоно. Таас испиэскэ - уматтахха оппуоха буолар хайа боруодата, таас. Известняк. Таас испиэскэни уматан, испиэскэ тиэстэтэ оҥорон баран омуһахха кутар табыгастаах. "Кыым". Хостонор туһалаах баайдары норуот хаһаайыстыбатыгар туһаналлар. Сорохтор, холобур, туой, кумах, гранит, испиэскэ тааһа тутууга наадалаахтар. КЗА АҮө. Таас көмүһэ - хайа боруодатын иһигэр үөскээбит олохтоох көмүс. Рудное золото или серебро, находящееся в самом месторождении. Быйыл биһиги таас көмүһүн сирийэн көрдөөһүҥҥэ уонна чинчийэн үөрэтиигэ улахан болҕомтону уурар сыаллаах бөдөҥ масштабтаах түөрт саҥа партияны тэрийдибит. Тумарча. Таас куһа - 1) Илин Сибииргэ хайа үрэхтэригэр уонна күөллэригэр ууһуур-үөскүүр кэрэ, чаҕылхай эриэн дьүһүннээх кыра кус. Очень красивая, пёстро окрашенная маленькая утка, обитающая на горных реках и озёрах Восточной Сибири, каменушка. Таас мородутун үксүн таас куһа диэн ааттааччылар; 2) уһун тумустаах, хара өҥнөөх, кынатыгар үрүҥнээх кыракый кус (Хотугу муора арыытыгар тааска кыстыыр). Небольшая чёрная с длинным острым клювом птица, зимующая на острове Большой Котельный; 3) Хотугу муустаах байҕал кытылын очуос таастарыгар уйаланан ууһуур-үөскүүр уу кустара (хол., улун, ээбиллэ). Морские утки, гнездящиеся на прибрежных скалах Северного Ледовитого океана (напр., крохали, морянки). Көтөр баһаарын быыһыгар таас кустара эмиэ баар буолаллар. Таас кэмпиэт - араас өҥнөөх дьэҥкир киһи эмэн эрэ сиир кытаанах кэмпиэтэ; лампысыай. Разноцветные твёрдые сосательные конфеты; леденцы. Суругу оскуолаттан үөрэнэн бүтэн кэлэн иһэн сиэнэ кыыс Таата эбэтигэр ааҕан туһалаан барда. Манньатын таас кэмпиэт ылла. В. Иванов
Өссө холобурдар (1)
Таас лүөнэ - уокка умайбат, синньигэс бөҕө утахтардаах минерал. Огнестойкий крепкий тонковолокнистый минерал, асбест. Таас лүөнэ үүммэт. Ону хайаттан хостууллар. Утахтарын быыстара сап. Утахтара төһө да синньигэстэрин иһин олус бөҕөлөр уонна саамай кылаабынайа уокка умайбаттар. ЮГ КХЭДьС.
Таас лыглыйа (алтан харах, хаҥынай хаас)
саамай кыра хаас, тумсун төрдүн диэкинэн сүүһүгэр үрүҥнээх, атаҕа, тумса араҕас.
Гусь белолобый, пискулька.
Таас от
силиргэҕиттэн үүнэр, лабааларын икки өттүнэн тэрэччи үүнэр сэбирдэхтээх, элбэх сыллаах оттуҥу үүнээйи.
Папоротник.
Таас от сииктээх сиргэ, ойуурга, аппаҕа, Саха сирин соҕуруу уонна арҕаа эҥээригэр үүнэр. АНК ТСТЗС
Таас ото
таас быыһыгар үүнэр эмтээх от.
Камнеломка.
Таас өрдүкээнэ (мас чаҥкыныар, таас чыккымайа)
чыркымайга олус маарынныыр, ол эрээри арыый улахан.
Чирок-трескунок.
Таас тардааччы көр самахчыт
Таас тардааччы муҥханы ыанньыктаан, аа-дьуо ылан истэҕин аайы билэр дьоҥҥо муҥха хаамыыта ырылыччы суруллубут сурук курдук көстөр. Н. Босиков. Таас тардыыта итэҕ. - былыргы сахалар итэҕэли кытта сыһыаннаах билгэлэриттэн биирдэстэрэ. Сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр өлбүтэ буолбут киһини бурдук тардар таас даардатын анныгар сытыардахтарына, кини тааһы эргитэр киһи инники олоҕун туһунан таас кэпсиирин истэр.
Один из видов святочных гаданий, связанных с поверьями якутов в старину: если под поставку жерновов уложить "умершего", то жернова рассказывают ему о судьбе того, кто вращает их (букв. верчение ручных жерновов).
Таас тардыытын туһунан А. Е. Кулаковскай сиһилии суруйан турар. Дьаакыптаахха бу киэһэ Таас тардыыта буолбута. Күннүк Уурастыырап
Таас турааҕа
хара тураахтааҕар лаппа кыра, кукаакытааҕар эрэ улахан, үрүҥ эбириэннэрдээх күрэҥ, Дьааҥы турааҕа, оҥоло.
Кедровка.
Таас туус - 1) сиртэн хостонор, ууга дөбөҥнүк суураллар, дьэҥкир эбэтэр маҥанныҥы, күөхтүҥү, саһархайдыҥы, харатыҥы өҥнөөх тааһырбыт туус (киһи сиир тууһун кристаллара кэлимсэлэспиттэрэ, силбэспиттэрэ). Монолитное сращение кристаллов поваренной соли, ископаемая каменная соль белого, синего, жёлтого, сероватого цвета. Кэмпэндээйигэ оппуохалаах, таас туустаах хайалар элбэхтэр. И. Данилов "Элгээйи" сопхуос таас тууһу бэйэтин күүһүнэн бэлэмнээн, сүөһүгэ киэҥник туттар буолла. МСИ ХСИи. Туустартан уоҕурдуулары оҥороллор. Оттон таас тууһу киһи аска туттар. КЗА АҮө; 2) үлтүрүйбэтэх кытаанах туус (бороһуок туустан ордук хабархай). Каменная соль. Таас үйэ (үйэтэ) - дьон сүнньүнэн таастан оҥоһуллубут туттар сэптэринэн туһанан олорбут кэмнэрэ. Период времени, когда люди использовали обычно каменные орудия труда, каменный век. Былыр таас үйэ саҕана бастакы дьон наар эт-хаан көрдөбүлүнэн, тоҥнохторуна итиигэ тардыһан, аччыктаатахтарына бултаан аһаан бэрт судургутук олорбуттара.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (4)
Дьон туттар сэптэри алтантан оҥостор буолуохтарыттан ыла таас үйэтэ бүтэн, металл үйэтэ саҕаламмыта. КФП БАаДИ. Муус үйэ кэрэхсэбиллээх боппуруоһунан таас үйэ дьоно 20-чэ тыһыынча сыллааҕыта хабараан тымныылаах Хотугулуу илин Азиянан Хотугу Америкаҕа тиийэ тарҕаныылара буолар. ГКН МҮАа. Таас үрэх - хайалаах, таастаах сиринэн сүүрдэр үрэх. Речка, текущая по горным, каменистым местам. Хаардаах кыараҕас толоон анараа кытыытынан таас үрэх устан дьэрэлийэр. Амма Аччыгыйа Таас үрэҕи кыйа баран истэххэ, кини тыаһа араастаан уларыйар. Т. Сметанин "Үтүө киһи суобаһа бу таас үрэх уутун курдук ыраас буолар, тукаам", - диэбитэ ийэтэ. ЭК Тэҥн. буор үрэх, от үрэх.
Таас хабах
хайаҕа көстөр бороһуок курдук ньалҕархай боруода.
Тальк.
Таас хабдьыта
туундара курупааскыта, хара дьабадьы.
Тундряная куропатка.
Таас хайа - тулатынааҕы сирдэриттэн уһулуччу үрдээн көстөр кытаанах, чиҥ боруодалартан үөскээбит үрдэл. Возвышенность из твёрдых пород земли, поднимающаяся над окружающей местностью. Онон-манан куйаас былытын курдук таас хайалар төбөлөрө уһулута ыстанан, чөмчөрүһэн көһүннүлэр. А. Софронов Ыраахтан көрөн былыт диэбитим - адаархай таас хайалар буолан бардылар. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Уһулута ойбут таас хайалар саһаран көстөллөр. С. Ефремов Тэҥн. буор хайа, мыраан.
Таас хайаҕа
хайа аппыт (хайдыбыт) сиринэн ньолҕоруйан түһэр эмтээх сымала.
Горный бальзам, мумиё.
Таас хайаҕа ис ыарыытыгар эмтээх буолар. СТТТ. Таас хараҥаччыта - уһун кынаттаахтар этэрээттэригэр киирсэр уһун чылбыйбыт кынаттардаах олус сыыдамнык көтөр улахана суох, ол эрээри буор хараҥаччытынааҕар обургу көтөр. Стриж. Таас хараҥаччылара Саха сиригэр ыам ыйын бүтүүтүгэр кэлэллэр. Таас харах эргэр. – дьиҥнээх харах оннугар угуллар өстүөкүлэ; ачыкы. Искусственная линза вместо глаз; очки. Харахпар баҕар таас хараҕы уктарыам. Саллааттар с. Таас чох - сиртэн хостонор умайар хара дьүһүннээх таас. Каменный уголь. Таас чох үүнээйилэр сир анныгар сөҥөн хаалбыт тобохторуттан үөскээбитэ. КВА МГ. Таас чоҕунан дьиэлэри ититэллэр, оттук быһыытынан фабрикаларга, собуоттарга, тимир суолларга туһаналлар, ыстаалы, чугууну уһаарарга тутталлар. КЗА АҮө. Дьааҥыга хорҕолдьун көстүбүтэ, Халыма, Лена өрүстэргэ уонна Саха сирин соҕуруу өттүгэр таас чоҕу булбуттара. ХС
Таас чөркөйө (чыркымайа, мас чаҥкыныара)
чыркымайтан арыый улахан, өлбөөркөй күөхтүҥү өҥнөөх, Саха сиригэр тэнийбит көтөр, ыам ыйын ортотун диэки кэлэр.
Чирок-трескунок.
Тааһы кытта таас буол
таас курдук кытаатан, таастыйан хаал.
Превращаться в камень, стать подобным камню, окаменеть (букв. с камнем стать камнем).
Ол үҥүү буоллаҕына, Уга эргэрэн эмэҕирэри билбэккэ, Тимирин дьэбин кыайан сиэбэккэ, Тааһы кытта таас буолан, Билигин даҕаны турар үһү. Күннүк Уурастыырап Тараҕай таас - от-мас үүммэт таас хайалара. Гольцы, гора без всякой растительности, скала, сопка. Онон-манан тараахтаан түһэр үрэхтэр сүнньүлэриттэн уратыта барыта таас: сымара таас, суорба таас, тараҕай таас. П. Егоров
Өссө холобурдар (1)
Ардайдаах тараҕай таас таманнардаах, -- Үрдүк орой мындааҕа, Туруук тоҕой тумулга Өрө хааман тахсыбыттааҕым. С. Зверев
Тиис тааһа
тиискэ испиэскэ тааһыран хам сыстыыта.
Отвердевшие известковые отложения на зубах, винный камень.
Тииһим тааһа аалан ыарытар. Тимир таас (тааһа) - иһигэр тимир холбоһо сылдьар ыарахан чиҥ хайа боруодата. Железная руда. Тимир тааһын боруодатыттан үс гыммыт биирэ ыраас тимир тахсара. МАП ЧУу. Сыраан уус уолаттарынаан күһүн Бүлүү уута түспүтүн кэннэ уҥуор тахсан маҥан хайа анныттан сүөһү сүрэҕин саҕа тимир таастары хомуйан бугул оҥортоон баран, муус турбутун кэннэ икки-үс оҕус сыарҕатынан тиэйэн киллэрэр эбит. ХС Тэҥн. болгуо. Туруук таас - 1) үөһээ ньуура сытыары олохтоох очуос таас. Утёс, имеющий на самом верху горизонтальную поверхность. Нөҥүө күнүгэр күн тахсыыта илин туруук таас үрдүгэр икки куба курдук үрүҥ таҥастаах дьон көстөллөр. Саха фольк
Өссө холобурдар (16)
; 2) туруору эркиннээх таас хайа иэдэһэ. Крутая, отвесная скала. Туруук хайа үрдүттэн байҕалга ыстанан кэбистэ. Уһулута ойбут туруук таас хайалар саһаран көстөллөр. С. Ефремов Түннүк тааһа - курдары көстө сылдьар дьэҥкир, үлтүрүйүмтүө чараас лиис (сырдыгы аһарарын иһин үксүн түннүккэ тут-лар). Стекло (обычно оконное). Саҥа оскуола тутуутун улахан өттө бүттэ гынан баран, кирпииччэ, түннүк тааһа, кырааска, тоһоҕо эҥин тиийбэккэ хаалла. Амма Аччыгыйа Лааппы түннүгүн тааһа үлтүрүйэн лыҥкыныыр. Н. Якутскай Кини түннүк тааһа быһан, самааскалааһыҥҥа киирдэ. М. Доҕордуурап Улаатыннарар таас - икки өттүнэн лоппоҕор ону-маны бөдөҥөтөн көрдөрөр төгүрүк өстүөкүлэ таас. Увеличительное стекло, лупа, линза. [Эрилик Эристиин] хаҥас ханныктык эмэтик борутар хараҕынан улаатыннарар тааһынан көрөн, кумааҕытыгар умса түһэн сытан суруйара. Эрилик Эристиин Владимир Лукич кутаа таһыгар олорон, туох эрэ таастары үлтүрүтэ охсо-охсо, -- улаатыннарар тааһынан кыҥастаһар.
Г. КолесовЛуупа сүрүн чааһынан улаатыннарар тааһа буолар. КВА Б. // Микроскоп. Микроскоп. Улаатыннарар тааһынан көрдөххө, ыарыы үөнэ көстөрүн туһунан кэпсээтэ. Амма Аччыгыйа Үүттээх таас - ортотунан үүттээх кыракый испиэскэлээх таас (былыргы итэҕэл быһыытынан киһини, сүөһүнү ыарахан ыарыылартан эмтииргэ туһаныллара). Известковый камешек с отверствием посередине, по старинному поверью излечивающий от многих тяжких болезней человека и скот. Ынахтарын эмиийдэрин боҕуруоскай отунан эмиэ ыһаарбыта, кур сыанан эмиэ уҥунуохтаабыта, үүттээх тааска эмиэ ыабыта. Үүттээх таас баҕас былыр туһалыырга дылы буолара. Амма Аччыгыйа Хайыр таас - 1) үрүт-үрдүгэр өрөһөлөммүт обургу да, кыра да таастар. Груда камней. Мин күн тура-тура Хайаны сууһарабын, Хайыр тааһы суоран Тутабын эн оскуолаҕын. С. Данилов Мин институту бүтэрбит халыҥ хахтаах диплому сиэппэр уктан, геолог аатыран баран сис хайалар быыстарынан тус хоту дьулуруйар өрүс хайыр таас биэрэгэр кэлэн турабын. П. Авакумов; 2) тутууга аналлаах кыра гына үлтүрүтүллүбүт таас, хайа боруодата. Щебень. Муостаҕа тэллэй үөскээбэтин наадатыгар муоста анныгар хайыр таастаах уонна испиэскэлээх кураанах туойу куталлар. Дьиэ к. Халлаан тааһа - космос куйаарыттан сиргэ түспүт эттик. Метеорит. Түөрт киилэ кэриҥэ ыйааһыннаах халлаан тааһа биир дьиэ кырыысатын уонна үрдүн курдары түһэн баран радиоприёмникка кэтиллибит. ЭБЭДьА. Харчы таас түөлбэ. – кыра, бытархай, төгүрүк таас. Галька. Өрүс оргуйан бидилийэр күөс курдук мэҥилдьийэ, өрүтэ эппэҥэлии, харчы таастарынан бырдааттана сытар. ХС Чай таас - кумах булкаастаах кыра таас. Гравий. Кумах кытылы таҥнары түһэн, чай таастары кырдырҕаччы үктээн ууга киирдэ. С. Никифоров [Убайым] ууну тыаһаппакка, оргууй туутун оруур уонна төттөрү кэһэн, кураанах чай тааска тахсан, туутун тылбыытын төлөрүтэн, таҥнары тутар. ХС Ымыйахтаах дьоно хаһан да кварцитовай чай тааһы оҥорботохторун чуолкайдык билэллэрэ. ЭБЭДьА. Чарпа таас - чараас бытархай таастар хатталаспыттара. Груда мелких тонких камней. Атаҕын анныгар сытар чарпа таастар -- өссө да көтө илик түүҥҥү сииктэринэн килбэчиһэллэр. Т. Сметанин Чокуур таас - саһархайдыҥы кугас дьэҥкир олус кытаанах таас (былыр үксүн хататынан охсон, кыым таһааран, уот ыларга туттуллара). Очень твёрдый камень желтовато-коричневого цвета, в старину обычно использовали для высекания огня, кремень. [Сэмэн Трынкин] намыһах уҥуохтаах, дьулурҕа, чокуур тааһын курдук хатан -- киһи этэ. Амма Аччыгыйа [Чурумчуку] Чачынньыары аҕалла, Чакыыр тааһы чаһырҕатта, Сандаар уоту чаҕылытта. Эллэй.
Ый тааһа көр халлаан тааһа
[Тамерлан] таптыыр уола эдэркээн киһи өлбүтүн эмиэ мантан чугас баар хайа үөһэ таһаартаран көмпүт, уҥуоҕар аарыма ый тааһын уурдарбыт, араас суруктаан-бичиктээн. С. Руфов. Этиҥ тааһа итэҕ. – куурусса сымыытын саҕа сырдык таас. Былыргы сахалар итэҕэллэринэн эмтээх, ол эрээри ону булбут киһи айыыргыыр, дьоҥҥо көрдөрбөт, ким да тыыппат сиригэр кистиир.
Светлый, величиною с куриное яйцо громовой камень. По старинному поверью якутов: он целебный, но попадается не к добру, поэтому его держали в "чистом месте" и в тайне.
Сорохтор этиҥ тааһын "сата" диэн ааттыыллар. ХИА КОВ О. Др -тюрк., тюрк. таш, тыш, даш
16 аат тыл #
Сүөһү кэлин өттүнэн хам сыстыбыт хас да уҥуох, уҥуох иһэ, баччах
Нууччалыы Таз, тазовая кость (обычно при свежевании скота)
Буут кэриҥэ эти, саамай эмиһиттэн (тааһа ордуга дуу, түөһэ ордуга дуу?) – үөрэххэ үөрэнэр кыыстарыгар Айталыынаҕа мууһаан ууруохтара. В. Иванов Таас уҥуоҕа үс паара уҥуохтаах: хоҥхочох уҥуоҕа, нокоо уҥуоҕа, самах уҥуоҕа. Итилэр бары ыксары сыстыһа үөскээбиттэр. СИиТ. Түөс, таас, куҥ, хоҥхочох эттэрэ ордук минньигэстэр. ФВН ЭХ К. Русск таз
17 аат тыл #
Олус дириҥэ суох улахан төгүрүк иһит
Нууччалыы Таз (посуда)
Сыыҥкабай таас. Алтан таас. Иһити тааска сууй. Алтан таас муостаҕа лыҥкынаата. Амма Аччыгыйа Кириисэ тахсан, истиэнэҕэ турар суунар тааска сирэйин сууна турда Эрилик Эристиин
18 этии #
Нууччалыы Тазовая кость
Этиилэр
Таас уҥуоҕа
туорай уҥуоҕа, ыпсыы уҥуох Тоноҕостор салаалара бэйэ-бэйэлэрин кытта кэлимсэтик силбэспит буоланнар биир таас уҥуоҕун үөскэтэллэр.
СИи Т. Русск таз