Перевод с якутского
дэриэспэ
аат тыл
Нууччалыы глинистый песчаник, дресва. [Хайаҕа] Үүттүүр коронкалар буруолуу-буруолуу дьилэй дэриэспэни дьөлө ытыйаллара
1 аат тыл #
Туой булкаастаах кумах биир кэлим буола силимнэспититтэн үөдүйбүт кэбирэх, үксүгэр араҥалардаах дьапталҕа таас
Нууччалыы Глинистый песчаник, дресва. [Хайаҕа] Үүттүүр коронкалар буруолуу-буруолуу дьилэй дэриэспэни дьөлө ытыйаллара
Онно кэлин динамиты угаллара уонна дэлби тэптэрэллэрэ. И. Данилов [Кулун Куллустуур] Сордоҥ балык уорҕатын Субуруччу уурбут курдук, Тимир килиэ муостатын Дэриэспэ курдук дэлби түһэн кэбистэ ТТИГ КХКК
2 аат тыл #
үөхс. Баҕайы, дирээн
Нууччалыы Дрянь, негодяй. [Бүөтүр:] (уолу баттаҕыттан харбыыр, хаһыытыыр)
"Дэриэспэ, баттыыгын дуо?" Амма Аччыгыйа [Күөх Көппө] (соһуйар). "Айа-айа! Оҕонньор, иирэн кэллиҥ дуу? " (Атын сиргэ) "Топпот кинээс дэриэспэ".
Суорун Омоллоон[Ааныка:] (оҕонньорун) "Бу дэриэспэ туох буола сылдьарый! Бу хайаларын оҕотун уоран аҕалла" С. Ефремов
3 этии #
Нууччалыы Дресва, песчаник
Этиилэр
Дэриэспэ таас
кумах уонна туой булкуспутуттан үөскээбит үлтүрүйүмтүө таас Өлүү таалатын үрдүгэр Өттүктүү сыттаҕына Дэриэспэ таас тыаһа Дэлбэритэ ыстанна.
[Киирик:] "Дьэ бу баар Элиэнэ эбэ хотун биир маанылаах дэриэспэ таас тумула, ааттаах Чөмчөҕөн хайата диэн". С. Ефремов Бүлүү дэриэспэ таас хайалара, өрө сүгүллэн тахсан баран, аллара чарпа буолан саккырыыллара. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Русск. дресва ‘мелкий щебень’