ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тартар

Нууччалыы увлекаться чем-л., тянуться к чему-л

Ис хоһооно · 7

1 #

Тугунан эмэ умсугуй, умсугуйан туран оҥор, гын

Нууччалыы Увлекаться чем-л., тянуться к чему-л

  • тарт диэнтэн дьаһ. туһ. Остуолларыгар биирдии улахан мас тэриэлкэҕэ буспут эти аҕалтаран тартарар.
    Саха фольк
  • Эмээхсин бакырыспыт тарбахтардаах илиитэ кыыс төбөтүн таарыйбытыгар, Ньырбачаан этин тартаран дьик гына түспүтэ.
    Далан
  • Хаарыс ырбаахытын дээдэйбит иһэ үтэн тахсыбытын солко куһаат курунан тартарбыт. Уустаах Избеков. Улахан баҕайы кыһыҥҥы күөл баҕадьытын икки суксурҕа оҕуһунан тартаран аҕаллылар.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (12)
  • [Хобороос:] Ээдьии, аны табах тартарымаары гыммыт дии.
    С. Ефремов
  • Александр өр буола-буола дириҥник ынчыктаан ылаттыыр, уһуннук тартаран уһуутаан кэбиһитэлиир.
    М. Доҕордуурап
  • Молоох Лөгүөнтэй кинээс, дьон тартаран, баҕадьы уларсан көрдөбүл тэрийдэ.
    Эрилик Эристиин
  • Бурдукпутун сыстарыахпыт, астатыахпыт, тартарыахпыт. "ХС"
  • Үөрэнэр кыах суоҕун Микиитэ бэркэ билэр, ол гынан баран оскуолаҕа курдаттыы тартара турар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини кинигэни олус таптаан, тартаран ааҕар.
    Суорун Омоллоон
  • Дьон үлэҕэ, абылаппыт курдук, тартаран бардылар
    М. Доҕордуурап
  • Кимиэхэ, туохха эмэ талас, санааҕын туттар. Θ Испытывать влечение, тягу к кому-чему-л. Мин сүрэҕим ийэ буоругар Мээр курдары тартарар.
    С. Данилов
  • Дьөгүөссэ да эбэтин диэки бэркэ тартарара. "Кыым". Ол эрээри биһиги ханна да буолбуппут, төһө да ыраах барпыппыт иһин тоҕо наар дьиэбитигэр курдаттыы тартара, ахта сылдьабытый?
    ФВН ТС
  • Угуттан, сылаанньый (сылааска). Θ Чувствовать томление, блаженство от тепла. Оһох сылааһыгар тартаран, нухарыйан барбыппын быһыылаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Искандеров -- оһоҕун сылааһыгар тартаран иттэ турар.
    Эрилик Эристиин
  • Күн уота көхсүн сылытарыгар тартаран, айылҕа бу дьикти да, модун да көстүүтүн одуулаһа, сөҕө-махтайа турда
    П. Филиппов

2 #

Хоруттар, хорут (сири)

Нууччалыы Пахать (землю). [Дьэкиим:] Аны түүн сөрүүҥҥэ сирбитин тартарыахпыт

  • Онтон дьэ сирдэрин тартара киирдилэр.
    Суорун Омоллоон
  • Урууп мас тиэйдин, от тиэйдин, сир тартардын – барытыгар оҕуһа
    Күндэ

3 #

Өйгүн сүтэрэн, түүрүтэ тыыттаран оҕут, тартарар ыарыынан ыарый

Нууччалыы Страдать судорогой, припадками, от эпилепсии

  • Сиэллээх Сэмэн биир моһуоктаах. Ол моһуога – кини субу-субу тартаран ыалдьар.
    Н. Босиков
  • [Барааннар] күүстээх өттүлэрэ тартардаллар да, тута охтубат этилэр. С. Сарыг-оол (тылб.)

4 #

Биири атыҥҥа майгынныырдык оҥор, атыҥҥа хабаатыннар (хол., саҥараргар)

Нууччалыы Делать что-л. по подобию и под влияниям другого, на другой манер (напр., говорить)

  • Кини нууччалыы үчүгэйдик уонна хайдах эрэ ураты минньигэстик тартаран саҥарара.
    Г. Угаров
  • Мин "дьээ-буо" диэн биирдик ылланар дьиэрэтии ырыаны икки киһи, биирдэрэ аныгылыы тартаран, иккиһэ былыргы үгэһи тутуһан ыллаабытын икки аҥыы ылынан олордум.
    П. Аввакумов
  • Хаһыакка сахалыы ааттар ситэ тылбаастаммакка биитэр нууччалыы тартаран суруллаллар
    ХС

5 #

Тугу эмэ соһон, состорон аҕалан туруор, миэстэтин буллар

Нууччалыы Подвезти что-л. (напр., сани с сеном) к какому-л. месту и оставить там

  • Титииктэр диэкиттэн элбэх баҕайы бөтүөн иһити тиэйбит тэлиэгэни ортоку дьиэ таһыгар тартаран аҕалбыттарын -- көрдүм.
    Эрилик Эристиин
  • Сыарҕабын саҥардыы түстэнэн эрэр от тэллэҕэр сыннаран аҕалан, кыдамаһытым иннигэр тартардым
    ХС

6 этии #

Нууччалыы Испустить вопль, издавать громкий гортанный звук при вдохе (от испуга, неожиданности)

Этиилэр

Иҥиир ситиитин тартарар көр иҥиир

  • [Маайа] сорох ардыгар иҥиир ситиитин тартаран чиччигинии түстэ.
    Эрилик Эристиин
  • "Күн таҥара буол", – диэн ытыырын быыһыгар сарылыы-сарылыы, харахтарын өҥүргэһинэн көрөн, иҥиир ситиилэрин тартарар.
    ХС

Минин (иҥин) да тартарбат көр иҥ II

  • Киэһэ кыра соҕус мунньах оҥоробут, биһиги киһибит атыытыгар төрүт да минин тартарбат курдуга.
    А. Сыромятникова
  • Баабыр [киһи аата] иҥин да тартарбат. Хамсатын аргыый, холкутук оборор.
    Н. Заболоцкай

Үөһүн тартарар

бөтөр курдук күүскэ өрө тыынан саҥата таһаар Абдуркулла быһаҕынан анньыллыбыт киһилии, үөһүн тартаран кылана түстэ. Эрилик Эристиин. Оҕонньордоро үөһүн тартаран ылбахтыыр. Н. Павлов. Хайа тартарар кэпс. – хас да үлэни тэҥҥэ оҥоро, толоро сатыыр.

Разрываться на несколько дел.

  • [Аҕата ыалдьан] Сахаар бэркэ олуйтаран, хайа тартарар аатыгар барбыта. В. Яковлев

7 этии #

Тартарар ыарыы кэпс. – киһи өтөр-өтөр өйүн сүтэрэн, түүрүтэ тыыттаран, титиристээн ыалдьар ньиэрбэ ыарыыта, ана Бүлүүһэ отун бүтүннүү көөнньөрөн -- тартарар ыарыыга эмп быһыытынан тутталлар. ТКП ТДЭҮү. Уончалаах уоллара тартарар ыарыынан ыалдьан өлбүтүн туһунан истэрэ. "ХС". Төрүөҕүттэн тартарар ыарыылаах дииллэр. "ХС"

Нууччалыы Эпилепсия

«Т» буукуба