ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

иҥиир

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы сухожилия

English sinew

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

анат. Быччыҥнары холбуур кытаанах утахтар

Нууччалыы Сухожилия

  • Айыы куо дьэллик кымньыынан иэнин иҥиирэ килбэйэн көстүөр диэри дэлби таһыйда. Ньургун Боотур. Атаҕын иҥиирэ хоҥнон, атаҕа иһэн хаалла.
    Н. Габышев
  • Атаҕым иҥиирэ такыччы тарда сытан, тугу гыныамый?
    И. Гоголев
  • Убаһа ньахчас гынан, үс атаҕынан ойуох курдук буолан эрдэҕинэ, бөрө иккис такымыгар иилистэн, көрүөх бэтэрээ өттүгэр такым иҥиирэ быһа баттаабыттыы барда
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
  • Хатыллыбыт иҥиир сап утахтара, сылаас ууга улам сиигирэн, синньигэс төбөлөрүттэн саҕалаан өһүллэн, үөһэ-аллара түллэҥнэһэн бараллар
    Н. Якутскай

2 аат тыл #

Сүөһү быччыҥнарын холбуур утахтартан иистэнэргэ анаан оҥоһуллубут сап

Нууччалыы Сухожильные нити

  • Онон бу киэһээҥҥи бэлэмнэниигэ боччумнаах ситиһиинэн сүппүт иҥиир көстүүтэ буолла.
    Н. Заболоцкай
  • Кимнээх эрэ илиилэрэ иҥииринэн иистэнэллэрэ, ким эрэ ыһыырынньык симириктиир кыһыл уотугар иннэни кытардара. С. Курилов (тылб.)
  • Иҥиир киһи.
Өссө холобурдар (2)
  • Ис куҥҥар имэҥнээх, Иҥиир эрбэхтээх, Тас куҥҥар дьалыннаах, Табар тарбахтаах Хандалы хара тыа хаххалаах Хаан Хандыган оҕонньор.
    П. Ойуунускай
  • Ыҥырыыга биһиги да бэлэммит, Ыйыллаҕас иҥиир ыччаттар!
    Күндэ

3 аат тыл #

Күүс, күүс-уох

Нууччалыы Сила, мощь

  • Эҕэрдэлээх ийэ дойдум Чэчирии сайдарыгар Эрчимнээх иҥиирбинэн Эйэни уһансар Эйэ сирин буойунун Биирдэстэрэ буолабын.
    Саха фольк
  • Бурхалей бэйэтэ даҕаны, аччыгыттан сэниэтэ быстан иһэр этэ буолан баран, урукку иҥиирин тобоҕунан аргыһынааҕар арыый ордук хаамар.
    Эрилик Эристиин
  • Тоҕус уоннаах толунньаҥ Токуйбутун көрүмэҥ: Иҥиирдэрэ эрчимнээх.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • Ахсым иҥиирин киирэн көнтөс тулуйбат күүстэнэн барыах этим
    М. Доҕордуурап

4 даҕааһын #

Быччыҥнары холбуур утахтартан оҥоһуллубут

Нууччалыы Сухожильный

5 аат тыл #

Күүстээх, кытаанах, кытаҕас

Нууччалыы Сильный; крепкий

6 этии #

Иҥиирин иҥиирдээ түөлбэ. көр иҥиирин сыый. [Малаанньа Сипсикигэ:] Харыалай иҥииргин иҥиирдиэҕэ, Сэрэппэтэҕэ диэйэҕин. Л. Попов.

Нууччалыы Тянуть жилы из кого-л

Этиилэр

Иҥиирин сыый

1) олус күүскэ, сиэри таһынан үлэлэтэн сэниэтин быс, күүһүн эс Чэ, баҕар, бүттүүн туһабытыгар кыһанар да буол, оттон тоҕо дьон иҥиирин сыыйаҕыт, түүннэри-күнүстэри үлэлэтэҕит. М. Шолохов (тылб.); 2) таһыйан, охсон, кэһэтэн биэр.

Проучить, наказать; дать березовой каши.

  • Чэ, сотору иҥииргитин сыыйа оонньуурум буолуо!
    Амма Аччыгыйа
  • Иҥииринэн хаппыт кэпс. – хатыҥыр гынан баран күүстээх (киһи туһунан). Сухощавый на вид, но жилистый (о человеке). Тас көрүҥүн көрөн сэнээмэ-иҥииринэн хаппыт киһи.

Иҥиир силгэ

эриллэҕэс быччыҥнаах, күүстээх.

Сильный, с кручеными рельефными мышцами (человек).

  • Иҥиир силгэ бэйэлээхтэр Ибир да гынан көрбөтүлэр.
    П. Ойуунускай
  • Һэ-һээй! Түөспэр уотум күүрэр, Истиэп эбэм киэҥиэн! Атым салгын сата сүүрүк! Илиим иҥиир силгэ.
    П. Ойуунускай

Иҥиир ситиитин тартарар

уҥан, тыынын былдьаһан, чиччигиниир, мөхсөр.

Агонизировать, биться в судорогах.

  • "Күн таҥара буол", – диэн ытыырын быыһыгар сарылыы-сарылыы, харахтарын өҥүргэһинэн көрөн, иҥиир ситиитин тартарар.
    Эрилик Эристиин
  • "Киэр буолуҥ!" – диэн хаһыытаамахтаан иһэн уҥан кэлэн түстэ. Иҥиир ситиитин тартарда, айаҕыттан күүгэн бычыгыраата.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Кэрэмэс кыра уола Охонооһой тиэрэ мэтэрийэн кэлэн сиргэ иттэннэри түстэ, иҥиир ситиитин тартаран чиччигинээтэ.
    Болот Боотур

Иҥиир тараһа буол

наһаа, сиэри таһынан үлэттэн дьүдьэй, уҥуох-тирии буол.

Дойти до крайнего истощения от непосильной работы.

  • Муҥу-сору көрөммүт, Муҥур уһугар тиийэммит, Баайга-токко кэлэммит, Баттал илимэр иҥнэммит, Иэскэ-күүскэ киирэрбит, Иҥиир тараһа буоларбыт.
    С. Васильев
  • Сорох үлэлиир, иҥиир тараһа буолар, оттон кини кустаан таҕылын ханнарар.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Баттал илимигэр ордук кэбирэхтик иҥнэллэрин, иэскэ-күүскэ киирэн иҥиир тараһа буолалларын арамаан кэпсиир. ССЛИО.

Иҥиир тараһалаа, этирик түөстээ

уҥуох-тирии буолуор диэри көлөһүннээ.

Беспощадной эксплуатацией доводить до крайнего истощения, изнурять работой, драть шкуру с кого-л.

  • Миигин үйэм тухары бу айылаах гынна... иҥиир тараһалаата, этирик түөстээтэ, кылгас сонноото.
    Суорун Омоллоон
  • Кытыыга олорор Кыһалҕалаах дьону Эрийэн-мускуйан, Этирик түөстээн, Элбэҕи иҥэрэн, Иһэ дэдэйэн, Байан-тайан кэллэ.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
  • Иҥиир харгыл түөлбэ. көр иҥииринэн хаппыт. Иҥиирэ кытааппыт кэпс. – күүс киллэрбит, күүһэ-уоҕа сиппит. Физически окреп, стал настоящим мужчиной. [Нүһэр Дархан:] Хор, бу бэдик иҥиирэ кытааппыт, Мин туйахпын хатарыыһы!
    И. Гоголев

Ириэнэх иҥиирдээх

хайыы-үйэ үлэлээн-хамнаан үлэҕэ эриллибит, хаппыт; көлөһүнэ тохтубут.

Закалившийся в труде, уже вошедший в колею; работающий в поте лица.

  • Ириэнэх иҥиирдээх уолан дьоннуун Илгэ быйаҥы сомсо сылдьабын, Күөх от сыатыгар сытыы хотуурбун Киэҥник далайан эмиэ ылабын.
    И. Егоров

Иэнин иҥиирэ кэдэҥниир көр иэнэ кэдэҥниир

  • Ити дьиэ диэки кэллэр эрэ, Джаган иэнин иҥиирэ кэдэҥнии түһэр, модороон матыыгата күөрэҥниирэ түргэтиир.
    А. Федоров
  • Ити хааҕыргыы-хааҕыргыы суксулдьуйа көтөр хара суору көрбүт оччотооҕу кэнэн сордоох, куһаҕан битэ тардан, айыыны санаан, куйахата бүрүтэ тыытан, иэнин иҥиирэ кэдэҥниэ этэ. "Кыым".

Иэн иҥиирин курдук эрийсэр

кими эмэ кытта тэбис-тэҥҥэ эрийсэр, иннин төрүт биэрбэт.

Оказывать достойное и упорное, равное по силе сопротивление кому-л.

  • Эйигин кытта иэн иҥиирин курдук эрийсэр, мас хайдыбытын курдук туруулаһар оҕо көстүбүт.
    Н. Неустроев

Тоҥ иҥиирдээх

үлэлээн-хамнаан сылайа-элэйэ илик, сэниэтэ, күүһэ-уоҕа көҕүрүү илик (киһи).

Не изнуренный работой, полный энергии (букв. с мерзлым сухожилием).

  • Буор хаһыытыгар бу тоҥ иҥиирдээх уолаттары аҕаллым.
  • Мөхсүбүт күүскүтүн Эппит тулуйбакка Эймэнийэ турабыт... Туох ааттаах тоҥ иҥиирдээхтэр Тутустаххыт буолла?!!
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
  • Тоҥ иҥиирдээх дьон, көр, аһаан киириэх икки ардыгар төһөнү эмэни элэстэтэн кэбиспит буолаллар ээ!
    Амма Аччыгыйа
  • "Дьэ эрэ, тоҥ иҥиирдээх оҕо кэллэ, кыдамалатыахха сыһыта таарыйа," – диэн күө-дьаа буола түспүттэрэ.
    П. Аввакумов

Туруйа курдук тура иҥиир

хаппыт, хатыҥыр гынан баран, үрдүк уҥуохтаах, логлоруттаҕас быччыҥнардаах киһи.

Высокий, сухопарый, но с мощной мускулатурой (человек).

  • "Ээ, ол оннук күүстээх үлэҕэ баһымньы уга тулуйуо дуо? Кини оҕонньорун көрүмэҥ, туруйа курдук тура иҥиир эбээт," – Монастырев мэҥэстэ түстэ. М. Доҕордуурап

7 этии #

Нууччалыы Растяжение сухожилий

Этиилэр

Иҥиир сындааһын (сындааһын иҥиир) көр сындааһын

Хаар маҥан баттахтаах эмээхсин иҥиир сындааһынынан тобугар сап хатан имэрийэр. Н. Якутскай. Бөҕө сындааһын иҥиирдэ аҕал. М. Попов. Халла Элэмэһэ сылгыттан уратылаах сылгы эбит. Ол курдук үс хабахтааҕа, биирдии ордук сындааһын иҥиирдээҕэ үһү. И. Федосеев. Иҥиир уунуута эмп. – быччыҥнары холбуур утахтар сыыһа туттууттан, эмискэ күүскэ хамсаныыттан эҥин уһаан хаалан ыга тута, тарда сылдьар дьоҕурдара мөлтөөһүнэ Эрчиллибэтэх дьон күрэхтэһиигэ кыттыбыттарыттан иҥиир уунуута элбээтэ. Иҥиирин тыаһа лачыгырыы (лыҥкыныы) түстэ фольк. – норуот тылынан уус-уран айымньытыгар бухатыыр этэ-хаана муҥутуурдук күүрэн, охсуһууга бэлэмнэнэрин ойуулааһын.

В устном народном творчестве: формула описания наибольшего нервно-мышечного напряжения богатыря перед схваткой с противником.

  • Иҥиирин тыаһа Лачыгырыы-лачыгырыы Лыҥкыныы түстэ, Таныыта тартаҥнаата, Тарбаҕа лачыгыраата.
    П. Ойуунускай
  • Бу дойду суостаах дойду буолла, сүдүрүннээх сүдү сир буолла. Үс төгүл кэннинэн хааман чинэһийэн баран өрө тыыллан чиччигинээтэ – иҥиирин тыаһа, айа кирсин тыаһын курдук, лыҥкыныы түстэ. Ньургун Боотур. Иэмэх курдук эриллибит иҥиирдэрин тыаһа лыҥкынаата...
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. сиҥир

«И» буукуба