ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сындааһын

аат тыл

Нууччалыы голенное сухожилие

1 аат тыл #

Сүөһү сототун синньигэс иҥиирэ

Нууччалыы Голенное сухожилие (у живтных)

  • Оҕонньор барыллаата саастаах, хаар маҥан баттахтаах эмээхсин иҥиир сындааһынынан тобугар сап хатан имэрийэр.
    Н. Якутскай
  • Хала Элэмэһэ сылгыттан уратылаах сылгы эбит. Ол курдук үс хабахтааҕа, биирдии ордук сындааһын иҥиирдээҕэ үһү
    И. Федосеев

2 аат тыл #

Ким-туох эмэ сэниэтэ-күүһэ, ыарахаттары тулуйар кыаҕа

Нууччалыы Стойкость, способность вынести что-л., выносливость

  • Ол эрээри, оҕонньоттоор, бука билигин да сындааһыммыт тобоҕо сырыттаҕа буолуо ээ.
    В. Яковлев
  • Манна сэрии хас биирдии күнэ, биирдии хонуга, чааһа барыта өлүү-алдьархай, сындааһын сыыйыллар, сылба баранар муҥа-таҥа.
    С. Васильев
  • Бириистэри чахчы иҥиир быччыҥнаахтар, сылайбат сындааһыннаахтар хомуйдулар. "Кыым". Ср. монг. шандас(ан), бур. шандааһан ‘сухожилие (на задних ногах у животных)’

«С» буукуба