Перевод с якутского
сындыыс
аат тыл
Нууччалыы падающая звезда
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Халлааҥҥа сулус сууллан субурус гынан ааһыыта (атмосфераҕа метеорит түһэн умайарын көстүүтэ)
Нууччалыы Падающая звезда (о метеорите)
Сотору-сотору халлааны сындыыстар хайыта суруйтууллар. Н. Якутскай Халлааҥҥа сындыыстар сүүрэллэр. Н. Түгүнүүрэп Кириһээннээҕи үрдүлэринэн сындыыс сулус сүүрэн күндээрийэн ааспыта Д. Таас
2 аат тыл #
Тоноҕосчут улахана
Нууччалыы Стрекоза большого размера
Сындыыс көтө сылдьар. Сындыыс окко олордо. Тат. жөндөз
3 аат тыл #
Муоста эбэтэр оҥкучах үрдүн сиһэ
Нууччалыы Опорный брус строительного сооружения, балка (на которую настилается пол)
Сындыыс мастар быыстара барыта күөх түүнүгүнэн бүрүллүбүттэр. Амма Аччыгыйа Сыттык маска ууруллубут сындыыс үрдүнэн бэрэбинэнэн тэл-муоста оҥоһуллар уонна сүүрбэ сэнтимиэтир халыҥнаах буорунан даҥ кутуллар. СГК ТҮЧ. Муоста сындыыһа сиргэ сыстыбат буолара хайаан да наада. Дьиэ к
4 этии #
Нууччалыы Низкая гора, возвышение, простирающееся вдоль реки, речки
Этиилэр
Сындыыс хайа (сыыр)
өрүс, үрэх кытылын батыһа барар намыһах хайа Бу өрүс сындыыс хайатын дьурааларыгар моонньоҕонунан, оттон кытыла хаптаҕаһынан баай сир эбит.
Улуу толооннор уруйдаһа, сындыыс хайалар сырдыйа түспүттэрэ. Д. Апросимов Турар очуоска төбөлөрө Тохтон суулуннулар, Сытар сындыыс хайалар Сырылыы тоҕуннулар. П. Ядрихинскай