ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сулус

аат тыл

Нууччалыы небесное тело, звезда

English star

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Хараҥаҕа сырдык туочука буолан көстөр, айылҕатынан Күн курдук халлаан эттигэ

Нууччалыы Небесное тело, звезда

  • Чолбон сулус. Араҥас сулус.
  • Халлааҥҥа сулус бөҕө бачыгыраабыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Сир-халлаан куйаара бүтүннүүтэ ахсаана биллибэт сулус, хас биирдии сулус биһигиттэн ыраах баар күн
    АЕВ ОҮИ

2 аат тыл #

Хайа эмэ эйгэҕэ (хол., ускуустубаҕа, успуорка, үлэҕэ) үрдүк ситиһиитинэн киэҥ билиниини ылбыт киһи

Нууччалыы Знаменитость, звезда

  • Өлгөм үүт өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы сулуһа Ирина Олесова мантан, Бэрт Ууһуттан, тахсыбыта. "Кыым". Уус-уран гимнастикаҕа талааннаах кыракый сулустар үгүстэр
    Кыым

3 аат тыл #

Биир эргимтэттэн төгүрүччү тэҥник сараадыйан тахсыбыт үс муннуктуу уһуктаах салаалардаах геометрия бөгүүрэтэ уонна оннук быһыылаах предмет

Нууччалыы Геометрическая фигура, предмет, звезда

  • Ол очуос охсуллар оройун үрдүгэр Биэс салаа сулуспут тырымныы умайар.
    П. Ойуунускай
  • Кремль рубин сулуһа Сууллубута диэн суоҕа. Эллэй. Албан ааттаах байыаска Арҕаа Украина кырдалыгар Сандаарар кыһыл сулустаах Саҥа пааматынньык туттулар
    С. Васильев
  • Оннук быһыылаах бэргэһэҕэ, хортууска уо. д. а. анньыллар воинскай значок. Θ Воинский значок, звезда. Кыа хаан олбохтонор кыргыс дьүһүнүн ылынна, бэргэһэтин сулуһа умайда, хараҕа уоттанна, троннуун бэйэлиин хааннаах төлөнүнэн өрө күлүмнээтэ.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (4)
  • Кинилэр бу кыра буор уҥуохха сүгүрүйэн, бэйэлэрин кыһыл сулустаах пилоткаларын устубуттара.
    Суорун Омоллоон
  • Хортууһугар кыһыл сулус кылбачыйар
    Н. Заболоцкай
  • Оннук быһыылаах анал бэлиэ, уордьан. Θ Знак отличия, орден, звезда. Эн [Таатта] киэҥ иэҥҥэр уу тыллаах Эриэккэһэ элбээтин, Кыһыл Көмүс сулустаах Үгүс герой үөскээтин! Эллэй. Саха норуотун эрэллээх уола Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаланна.
    Д. Кустуров
  • Санныгар икки кыракый сулустаах пуорма киитэлин ылан кэттэ
    ХС

4 аат тыл #

Кинигэҕэ араас сыаллаах туттуллар болдьох бэлиэ

Нууччалыы Условный значок, звёздочка

  • Тылбаастанар тыллары сулустарынан бэлиэтэннэ.
    Д. Говоров
  • Ордук уустук ыйытыыларга сулус туруоруллубут
    КФП БАаДИ

5 аат тыл #

Туһаайыыны, сайдыыны кэрэһэлиир туох эмэ

Нууччалыы То, что определяет направление, развитие чего-л., путеводная звезда

  • Мин суолдьут Соҕотох сулуһум Иккиһин иэйбэттик өспүтэ.
    С. Данилов
  • Биһиги сирдэтэр сулуспут ол омуннаах-төлөннөөх РАПП тэрилтэтэ этэ.
    Н. Заболоцкай
  • Буулдьа толон Буурҕа устун Сирдээн, Кыһыл сулус тыкпыта
    А. Абаҕыыныскай

6 этии #

Муора сулуһа зоол. – иннэ курдук тириилээх тоноҕоһо суох муора харамайа Син эмиэ бары иннэ тириилээхтэр курдук, муора сулустара муораҕа олохсуйаллар. ББЕ 3. Тюрк. йулдуз, йолдыз, жултуз

Нууччалыы Морская звезда

«С» буукуба