ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чолбон

аат тыл

Нууччалыы яркая звезда, до зари сияющая на восточном горизонте, Венера

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Сарсыарда халлаан сырдыан иннинэ илин саҕах үрдүнэн чаҕылыйан көстөр сырдык сулус

Нууччалыы Яркая звезда, до зари сияющая на восточном горизонте, Венера

  • Чолбон сулуһунан көрдөххө, биэс чаас арыый илик быһыылаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмиэ киэһэ… барык-сарык, Ыйбыт уота имик-самык. Ити чолбон, ол үргэл… Онон буолуо булчут дьиэтэ.
    А. Бэрияк
  • [Кураан сайын буоларыгар] уоттаах чолбон сарсыарда үргэллиин алтыһар
    И. Сосин

2 аат тыл #

Хараҥа халлааҥҥа сырдык туочука буолан көстөр халлаан эттигэ, сулус

Нууччалыы Небесное тело, звезда

  • Ыыс туман быыһынан чолбон сулустар имнэммит харах курдук чипчиҥнии-чипчиҥнии дьөлө көрө турдулар.
    Эрилик Эристиин
  • Халлааны сырдатар чолбоннор Дьэллэҥэ даҕаны, Мэндэҥэ даҕаны сарсыарданан тахсар идэлээхтэр. "Чолбон". Аал уоппун отто туран, Үөлэһим үүтүнэн Хотугу чолбон чаҕылыйарын көрбүтүм
    И. Гоголев

3 аат тыл #

Түргэн-тарҕан туттунуулаах, быһаарыныылаах тыллаах сытыы-хотуу киһи

Нууччалыы Быстрый в движениях, решительный, смелый, яркий человек

  • Хайа, аны [билиэннэйи] куоттаран кэбиһээйиккитий, итинтикэҕит бэрт чолбон быһыылаах.
    Эрилик Эристиин
  • Кини холкуоска сыратын биэрбит, бэрт сытыы тыллаах-өстөөх чолбон киһи.
    Р. Кулаковский
  • [Мюллер:] О, ити үлүгэр дьүдьэх буолан баран, сирэйэ-хараҕа чолбон төрөөн тугун сүрэй
    Н. Туобулаахап

4 этии #

Нууччалыы С острым взглядом, горящим взором

Этиилэр

Хатааһын чолбоно (сулуһа) көр хатааһын III

  • Хатааһын чолбоно ол иһин бэркэ дьиримнээбит эбит, халлаан сигилитэ дьиҥнээхтик алдьанан, тыалырда, тоҥордо. "Кыым". Эн [Элиэнэ өрүс] кэтит, киэҥ эйгэҥ салгына Этиҥнээх самыыртан чэлгийбит, Санаабар, халлыбыт халлааҥҥар Хатааһын чолбонуҥ итийбит. Эллэй.

Хатааһын чолбонун (сулуһун) курдук көр хатааһын III

  • [Ньургун Боотур] Хараҕын уота Хатааһын чолбонун курдук Хаһылыччы тырымнаан, Сүүһүн хаана Сүлүстээх уотунан Сүүрэлии оонньооото.
    П. Ойунускай
  • Хатааһын чолбонун курдук сытыы соҕотох хараҕынан мустубут дьону эргиччи көрөн чолбоодуҥнатта.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Тюрк. -монг. чолбон, чулпан

«Ч» буукуба