Перевод с якутского
халыт
туохтуур
Нууччалыы разливать что-л.
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Туох эмэ убаҕаһы (хол., ууну) көнө ньуурга халыйар курдук тох, килэччи кут
Нууччалыы Разливать что-л. (на ровной поверхности)
Уол киэһэ хойутуу тахсан кирилиэһи сууйан, ууну халытан турдаҕына, аллара дьахтар күллэ. Н. Габышев Аля чэрэниилэни аҕам остуолугар халытар, кинини кыра диэн соччо мөхпөттөр ХС
2 туохтуур #
Быһыт тутан ууну (хол., үрэх, күөл уутун) сыһыыга, алааска тэнит, тарҕат
Нууччалыы Дать воде разлиться, выйти из берегов путем сооружения плотины в речке, озере, орошать
Бу үрэх уутун хоту диэки халытыахха наада. П. Егоров Быһыттары оҥортооннор, үрэхтэр ууларын алаастарга халыталлар. С. Никифоров Суола [үрэх аата] быһытынан ууну халыппыт сыһыыларга тэллэх баттаһа бугул бачыгыраата С. Васильев
Өссө холобурдар (1)
Хоруу устун ууну халыччы сүүрт. Θ Дать воде пролиться по канаве для орошения. Ууну кутар, халытар носуостар суохтар. НД ДК. Моркуопка ууну сайын устата халытан кутуллар САССР КОА
3 туохтуур #
Баран иһэр суолгуттан туорат, туора таһаар
Нууччалыы Сворачивать с дороги, менять направление
Эр бэрдэ Уйбаанчык ойутан, Түргэнник сур аты халытан Харыйа хонноҕор таһаарар. Эрилик Эристиин Саҥа баһылыктара Шумов ону сэрэйэн, баандатын атын сиринэн халыппыта. ЕМП БС
4 туохтуур #
Эбэн-сабан, омуннаан кэпсээ, сымыйалаа
Нууччалыы Приукрашивать, преувеличивать, привирать
Атаһа халытар сэһэнин, Арыт дэбдэйэр үгэһин -- билбитэ. М. Ефимов – Устуруустанан кылбайдым ахан, оҕолор, дьэ. "Уголовник", "күлүгээн" диэн тыллары сэбилэнэн мөхтүлэр. – Олус халыппакка кэпсиэххин. Э. Соколов Миша кыратык халытар, ардыгар киһиргиир Н. Босиков
5 туохтуур #
Киэҥ сиринэн тайаан тэнит, тайаадыт (хол., үөр сүөһүнү үүрэргэ)
Нууччалыы Гнать, перегонять стадо, занимая широкое пространство, растягиваясь вширь
Сүүсчэкэ сылгыны-ынаҕы үүрэн халытан иһэр киһи курдук кини ыраахтан хаһыытыы, үтүлүгүнэн далбаатыы испит. Амма Аччыгыйа Көрөн үөрдүм хотугу хоһуун Күүһүн-уоҕун, уон албаһын – Халыҥ үөрү соҕотоҕун Халыта үүрэн аҕалбытын! С. Дадаскинов Өйдөөн көрбүттэрэ, кырдьык, биир уучахтаах киһи кэмэ суох табаны үүрэн халытан иһэр эбит ХС
6 этии #
Нууччалыы Лиманное орошение
Этиилэр
Халытан нүөлсүтүү
үрэх, хомо, атын даҕаны уу түөлбэтин сааскы халааҥҥа түбэһиннэрэн, уутун хаайан ходуһаҕа таһаарыы, халытыы