Перевод с якутского
куот
туохтуур
Нууччалыы сторониться
English (with abl.) to flee, to run or shy away
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Нууччалыы сторониться
English (with abl.) to flee, to run or shy away (from)
ат туттарбакка куотта лошадь не далась и убежалаthe horse did not allow itself to be caught ran away үлэттэн куотар увиливает от работыs/he shies away from work
2 туохтуур #
ан эмэ быыһанаары төһө кыалларынан түргэнник тэскилээ
Нууччалыы Бежать, убегать спасаться бегством
Куоттар эрэ хотуой, Кулан алдьархай буолуоҕа.
П. ОйуунускайДассан таһыгар хобураактар [лаама үөрэҕэр үөрэнээччи], дьон куотан эрэллэрин сэрэйэн, халдьаайыны таҥнары сүүрэн иһэллэрэ көһүннэ Эрилик Эристиин
3 туохтуур #
Ханна эмэ сылдьартан, кими эмэ көрсөртөн тутун, тумун
Нууччалыы Сторониться, уклоняться от кого-чего-л. [Маня:] Хамнас аахсыы саҕана дьоммут [холкуос салалтата] сүгүн кэпсэппэт, куота сылдьар буоллулар
Кытаанах үлэттэн куота сылдьар курдук сананабын. Мин сэнэбилгэ сылдьабын С. Ефремов
4 туохтуур #
Кими эмэ ааһан иннигэр түс
Нууччалыы Обогнать и перегнать кого-л. [Сиэҥкэ:] Хотуктаар, куотумаҥ даа, куотумаҥ!
Хас да эмээхсин куотан маһы ааһар курдук, ойоҕоһунан кэлэн сир гынан хаалла Эрилик Эристиин
5 туохтуур #
Уҥуоххунан, уһуҥҥунан кими, тугу эмэ аһар
Нууччалыы Превзойти ростом, перегнать в росте кого-что-л. [Ааныка:] Эдьиийгин Сибиэтэни куоппуккун
С. Ефремов С. Ефремов
6 туохтуур #
Оргуйан, күүгэннирэн иһити (күөһү) таһынан бар, тоҕун
Нууччалыы Закипеть, запениться, вылиться через край (напр., о кипящем молоке)
Солуурга эмис куобах Хоргуна куотан эрэр. Күннүк Уурастыырап - Һуу! Чэй куотта! - Сүүрэн баран үөһээ тардар.
Суорун ОмоллоонХата күөһүм куотара буолбут В. Васильев
7 туохтуур #
Олус ситэн, буһан тохто турар буол (хол., бурдук)
Нууччалыы Перезреть, осыпаться
Бу бурдук куоппут, тохто сылдьар буолбат дуо. Ср. телеут., чагат. кут ‘бежать’
8 этии #
Оҕо куоппут (куоттар) - кэмин иннинэ өлбүт оҕо төрөөбүт
Нууччалыы Выкидыш. Ойоҕум буоллаҕына, хат дьахтары таһыйбыттара, алта ыйдаах оҕо куотта. Эрилик Эристиин. Биирдэ түөрт ыйдаах сырыттаҕына кырбаан, оҕо куоттаран, өлөрө сыспыта. НС ОК