ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аймаа

туохтуур

Нууччалыы своим шумом, голосом нарушать тишину, безмятежность окружающей среды

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Тыаһаан-ууһаан, саҥа таһааран тулалыыр эйгэ нуһараҥын, чуумпутун долгут

Нууччалыы Своим шумом, голосом нарушать тишину, безмятежность окружающей среды

  • Арай хаһан эмэ тоҥон турар чуумпуну сур бөрө улуйуута, хагдаҥ эһэ хаһыыта эрэ аймыыр.
    Л. Попов
  • Аччык оҕо ытаһыыта, Ала ынах маҕырыыта Алаас иһин аймаата. Эллэй. Алдьархайга түбэспиттэрин биллэрэн, кини көй салгыны аймаабыта биир да ыстаансыйаҕа тиийбэккэ, ким да кулгааҕар иһиллибэккэ хаалбыта
    Амма Аччыгыйа

2 туохтуур #

Ыс; үргүт, үрүө-тараа ыыт (хол., сүөһүнү)

Нууччалыы Разгонять, рассеивать; пугать (напр., скот)

  • Тыый, эһэ иннэ сыттаҕа дуу? Аны табаны аймыа!
    Н. Заболоцкай
  • Атын булчуттар кэлэн аймаабатах буоллахтарына, баҕар, кыылга түбэһиэм диэн [Сэргээчээн] бөҕөх соҕус истэ.
    Болот Боотур
  • Тутуу маһын толуута онно үүнэр. Ол эрээри Сатыров оҕонньор тыа кыылын аймыахтара диэн онно маһы кэртэрбэт
    И. Федосеев

3 туохтуур #

Саамылаа, төттөрү-таары кут; иһити-хомуоһу өрө-таҥнары тут

Нууччалыы Переливать, разливать; перемешивать

  • Сэттэ сири иһиттэн Сэймээн-сэймээн Аҕыс саар ыаҕастан Аймаан-аймаан [арыылаатылар]
    П. Ойуунускай

4 туохтуур #

Олус хорҕомноон барат, ыскайдаа, матайдаа (хол., үбү-аһы, баайы-дуолу)

Нууччалыы Растрачивать, разбазаривать, проматывать (напр., деньги, имущество)

  • Аҕатын баайын аймаабыт.
  • Бары киһи баайын-тотун аймыыр хаарты, добунуо, лотуо, дуобат диэннэр дэлэй бардылар.
    Эрилик Эристиин
  • Мин эһигини, хара көлөһүммүнэн муспут баайбын-топпун аймаабыттары, алаһа дьиэбин алдьаппыттары, кыраатаҕым буоллун!
    Н. Якутскай

5 туохтуур #

Холку, сиэрдээх туругу кэһэн, долгуйууну, куттаныыны, сүпсүлгэни таһаар (үксүгэр олох, санаа эҥин туһунан)

Нууччалыы Взбудораживать, тревожить, вносить беспокойство, разлад, чувство страха

  • Биир куһаҕан киһи бүтүн бөһүөлэги аймыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Хайа, бэйэҕит сөбүлэһэн тупсуоххут буолаарай? Арахсан, олоҕу аймыыр хайаҕытыгар даҕаны барса суох буолуо.
    А. Софронов
  • Арыт киһи уһуну-киэҥи саныы барбакка, дууһаны аймыыр дьэбир тыллары быраҕаттанан кэбиһээччи. “
    Кустук

6 этии #

Нууччалыы С большим шумом, учинив большое беспокойство, тревогу

  • Аҕыс улууһу аймаан фольк. - киэҥ айдаанынан, элбэх сүпсүлгэни тардан Аҕыс улууһу аймаан туран, Араас өҥнөөхтөн талан ылан, Тоҕус улууһу тоҕо хаамтаран, Толбонноох түүлээҕи толору тиэйэн [Халҕан дьиэли аспыттар эбит].
    С. Зверев
  • Атыйахтаах уу курдук аймаатылар (аймыы тэбистилэр) фольк. - Орто дойду олоҕун бүтүннүүтүн долгуттулар, киһи-сүөһү олороруттан аһардылар, (олоҥхоҕо бухатыырдар охсуһуулара дуоланын хоһуйар көһөр олук сороҕо). Θ Привели в смятение, расстроили земную жизнь (часть формулы, живописующей грандиозность богатырского боя). Орто аан ийэ дойдуну тордуйалаах уу курдук долгуччу үктүөтүлэр, атыйахтаах уу курдук аймыы тэбистилэр. Ньургун Боотур

«А» буукуба