ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эймээ

туохтуур

Нууччалыы нарушать тишину, покой шумным весельем, громким голосом

1 туохтуур #

Саҥа таһааран чуумпуну, нуһараҥы аймаа, долгут

Нууччалыы Нарушать тишину, покой шумным весельем, громким голосом

  • Иччитэх өтөхтөрү эймээҥҥин, абааһылаах ампаардары аймааҥҥын, салгыбакка саҥарар да буолар эбиккин. М. Тимофеев - Терёшкин. Саҥа-иҥэ, күө-дьаа кэпсэтии, хаадьылаһыы, көрдөөх күлсүү сатарыйда, тыа баһын эймээтэ.
    В. Протодьяконов
  • Эйэҕэс майгыннаах Эдэркээн Манчаары Эйээрэр куолаһа эймиирэ маардары
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Холку туругу кэһэн, долгут, куттаа

Нууччалыы Взбудораживать, тревожить, вносить беспокойство, чувство страха

  • "Кини баҕар, балыктыыр хомоҕо илимин көрө барбыта буолуо," - Мариса симиктик саҥарбыта Бурхалей сүрэҕин эбии эймээтэ.
    Эрилик Эристиин
  • Уу нарын куолаһа Олоҥхо кылыһах Тойугун кэриэтэ Дууһаны эймээтэ.
    М. Тимофеев
  • Эмээхсин чаҥкынас куолаһа Ол кэпсээн суланар саҥата Кыра уол сүрэҕин эймээбит. Эрэйдээх эмээхсин абата Хараҕын ууларын элбэппит.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. аймаа

«Э» буукуба