ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уймаа

туохтуур

Нууччалыы взбалтывать, колыхать что-л. жидкое, кашицеобразное

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Убаҕаһы, убаҕас тугу эмэ дьалкыт, булкуй, ытый

Нууччалыы Взбалтывать, колыхать что-л. жидкое, кашицеобразное

  • Күннүктээн ууну уймуур манан аҕай дьыала буолбатах, оттон сүрэҕэлдьэс киһиэхэ бу өнүкүтэ суох үлэ.
    И. Никифоров
  • "Кыһын ыран эрэр, арыычча хаһан аһыы сылдьар сылгыны кыратык даҕаны үүрэр, эккирэтэн туран сир уларытар, иһин кур өтөҕөтүн отун тоҕо уймаан кэбиһэр олус охсуулаах буолар", – диир Петр Романович.
    ОГИ С

2 туохтуур #

Тугу эмэ убаҕаска уган, умньаан ыл

Нууччалыы Макать, обмакивать что-л. в какую-л. жидкость

  • Эмис анды хоргунун холбуйан ылан чохоолго кутан баран, этин онно уймаан сиэтэххэ, аһара минньигэс.
    С. Маисов
  • Туох эрэ күндү, таҥараҕа тиксэр ас курдук, килиэби кэрчик-кэрчик бысталаан, күөрчэххэ уймаан мотуйдубут
    Чолбон

3 туохтуур #

Атын дьон киэнин (хол., үбүн-малын) көҥүл, бас баттах бэйэҥ киэниҥ курдук ылан, туттан, матайдаа, айбардаа

Нууччалыы Нагло беззастенчиво присваивать, завладевать чужим добром, имуществом

  • Улуу дойдубун Уймаан сиир Ороспуой ууһа Умсан биэрбэт, Одьунат оҥоһуута Улахан эбит! Күн Дьирибинэ. Биһиэхэ биир дьикти үгэс – "Билбэппин" диэн баар эбиккин. Уурбут-туппут Оннугар турбат, Уймуур, аймыыр, Ити кини – "Билбэппин"
    К. Туйаарыскай

4 туохтуур #

Холку, сиэрдээх туругу тыаһаан-ууһаан долгут, сүпсүлгэни таһаар, аймаа

Нууччалыы Будоражить, растревоживать, нарушать тишину, безмятежность окружающего мира

  • Убаҕас уунан утахтанан Улаҕалаах санаатын уймаабыт Улдьаа мэник Аар акаары.
    А. Софронов
  • Сааскы ыһыы күрэҕин көҕө Түүҥҥү түүлү уймаата
    А. Абаҕыыныскай
  • Кэтит суолун кэһимэ (уһун суолун уймаама) - кэтит суолун кэһимэ (уһун суолун оймоомо) диэн курдук көр кэтит. Кэтит суолгун Кэһэр үһүбүөн, Уһун суолгун Уймуур үһүбүөн Биир тыл, бигэ санаа.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (1)
  • [Бакыыһа кинээс (куттана-куттана):] Баһылай! Эйигин уһун суолгун уймаабыт, кэтит суолгун кэспит айыы суох. Аһын, сымнаҕастык тут. Эрилик Эристиин

«У» буукуба