ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

умньаа

туохтуур

Нууччалыы макать, обмакивать что-л. во что-л

1 туохтуур #

Тугу эмэ туох эмэ убаҕаска уган сыһыаран, биһэн ыл

Нууччалыы Макать, обмакивать что-л. во что-л

  • Бииктэр лэппиэскэтин кытыйалаах дагдаҕа умньаан баран эттэ.
    Л. Попов
  • Мин нуормалаах килиэппин мас арыытыгар умньаан аһыы олордум.
    Н. Габышев
  • Перекладин бөрүөтүн чэрэниилэҕэ умньаата уонна илии баттаата. А. Чехов (тылб.)

2 туохтуур #

Тугу эмэ туохха эмэ бис, сыбаан ыл, марайдаа

Нууччалыы Пачкать, измазать что-л. чем-л

  • Икки үрүҥ сибэккиттэн биирдэстэрин төбөтө быстан, төрдүгэр түһэн сытар. Биирдэстэригэр хаан умньанан ааспыта кыһыл мэҥ буолан хаалбыт.
    Суорун Омоллоон
  • Маайыс үрүҥ бурдугу сөмүйэтин сыыһыгар умньаат айаҕар батары биэрдэ.
    И. Гоголев
  • "Оо, бу айылаах мааны барахсан, ынах куһаҕаныгар умньанар эбит дуу?" – Аана сэтэрээбиттии тылын таһаарда
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

сөбүлээб. Кими эмэ туох эмэ куһаҕан быһыыга, дьаллыкка эрий, сөрөө эбэтэр бөрүкүтэ суох дьыалаҕа холбоон эт, аҕын

Нууччалыы Впутывать кого-л. в совершении неблаговидных поступков или упоминать зря, присоединяя его имя

  • Уулусса эдэр киһини куһаҕан дьаллыкка түргэнник умньуур.
  • "Уолу онно-манна умньаайаҕын", – диэбитэ Айаан сэрэтэрдии
    Н. Лугинов

«У» буукуба