ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

огдолуй

туохтуур

Нууччалыы стать тревожным, нестабильным, неспокойным, потерять покой

1 туохтуур #

Түптээх, сынньалаҥ быһыыгын сүтэр (олох туһунан)

Нууччалыы Стать тревожным, нестабильным, неспокойным, потерять покой (о жизни)

  • Кэлтэрийбэт кэскили тэнитэн Огдолуйбат олоҕу оҥостуох, Дьолбутун холбоон Тускута тэриниэх.
    П. Ядрихинскай
  • Хаайыылаахтары аҕалан суол тутуутугар үлэлэтиэхтэриттэн ыла олохпут огдолуйда, барыттан бары дьаарханар буоллубут...
    Е. Неймохов
  • Барыбыт олоҕо огдолуйар иэдээннээх кэмнэрэ үүммүттэрин дьэ чуолкайдык өйдөөбүппүт
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Табыллыбакка ыһыллан бар, алдьан (дьиэ кэргэн олоҕун этэргэ). Θ Разрушиться, разладиться (о семейной жизни). Кыл Сэлээппэ [киһи аата] арыт, огдолуйбут олоҕун кэп туонан, муҥатыйан, сүрэҕи сүүдүтэ ыллыыра.
    Л. Попов
  • Бу кэм устатыгар Үчүгээйэптэр олохторо улаханнык огдолуйда. "Дайыы" 1-3

2 туохтуур #

Көһөн атын сиргэ, ыраах бар

Нууччалыы Уезжать, покидать родные места, будучи вынужденным обстоятельствами или изгнанным

  • Аҥаардас алааска дойдулаахтар олохторуттан огдолуйар инилэр.
    Болот Боотур
  • [Дьахтар:] Олохпуттан ханна да огдолуйбаппын, атын холкуоска үлэлии барартан кыккыраччы аккаастанабын.
    В. Протодьяконов
  • Туох аанньа киһи үөскээбит сириттэн-уотуттан огдолуйуой
    Ф. Постников

«О» буукуба