ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дөй

туохтуур

Нууччалыы временно потерять сознание от сотрясения мозга

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Охсуллан, доргуллан быстах кэмҥэ өйгүн сүтэр

Нууччалыы Временно потерять сознание от сотрясения мозга

  • Кукушкин дөйөн сыттаҕына кэлгийэн бараннар илдьэ барбыттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Өстөөх миинэлэрэ өрүскэ түспүттэриттэн дөйөн тахсыбыт балыктар уу үрдүгэр сыталлар.
    Т. Сметанин
  • Биэстэ бааһырбытым, хаста да дөйбүтүм, буомба эстиитигэр буор анныгар көмнөрбүтүм
    ХС

2 туохтуур #

Туох эмэ соһумар суолтан тугу да гынаргын билбэт буолан хаал

Нууччалыы Терять способность делать что-л. от душевного потрясения, остолбенеть

  • Тогойкин хараҕын кыайан араарбакка, тугу гыныан билбэккэ, дөйөн олордо.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини дьолуттан дөйөн, аҥаарыйбыт курдук турар.
    Н. Якутскай
  • Баанньа эмискэ итии уунан саба ыстарбыт курдук, сирэйэ дьэс кытаран дөйөн олорбута
    Н. Кондаков

3 туохтуур #

Аһара улахан тыастан быстах кэмҥэ истибэт буолан хаал

Нууччалыы От сильного шума временно утратить способность слышать, быть оглушенным

  • Түүлээх Уллуҥах киһи кулгааҕа дөйөрүнэн, тыа баһа айманарынан, хаһыытаан хайа барбыта.
    Суорун Омоллоон
  • Кини ыллаан бардаҕына, киһи дөйөн хаалар.
    А. Сыромятникова
  • Күн уота хараҕын саатырдар, Көр, ырыа кулгааҕын дөйүтэр
    П. Тулааһынап

4 туохтуур #

Хамсаабакка, им-дьим иһийэн тур (хол., айылҕа көстүүтүн туһунан)

Нууччалыы Стоять тихо, неподвижно, как бы затаиться (напр., о природе)

  • Саҥа суох, ким да саҥарбат, хайалар дөйөн тураллар
    И. Эртюков

«Д» буукуба