ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аҥай

туохтуур

Нууччалыы зиять большим и черным отверстием

1 туохтуур #

Улахан хайаҕас буолан, аһыллан харааран көһүн

Нууччалыы Зиять большим и черным отверстием

  • Дьиэ аана, түннүктэр аҥайан, кэлбит киһини ыйыстан кэбиһиэххэ айылаах харааран көстөллөр.
    Н. Якутскай
  • [Оҕотоойоп] командировкаҕа тахсыбыт киһи быһыытынан, гостиницаҕа кэлбитэ, ол дьиэлэрэ бу түннүгэ-үөлэһэ аҥайан көрүстэ. Софр. Данилов. Аан тутааҕын аллараа өттүнэн сабыыта тэллэйэн хаалбыта, аҥайан көстөр.
    Н. Павлов
  • Хаара астан, буһуруктуйа сырдаан эрэр халлааҥҥа котлован кураанахсыйан, чэки-курус буолан аҥайан көстүбүтэ
    В. Яковлев

2 туохтуур #

Тэлэччи аһылын

Нууччалыы Распахиваться, раскрываться широко

  • Оһох кэннигэр аҥайан турар аанынан хотон никсик сыта аҥылыйар.
    С. Никифоров
  • Ол аҥайан көстөр суолунан туораабакка айаннатыҥ.
    И. Гоголев
  • Сотору буолаат, Нүүйэ үрэҕин үрдүк хайалардаах төрдө аҥайан көстөөт сүтэн хаалла
    И. Никифоров

3 туохтуур #

Даллайан баран, айаххын атан хамсаабакка тур (соһуйан, дьиибэргээн эҥин)

Нууччалыы Раскрыв рот, стоять неподвижно как вкопанный (от испуга, удивления и пр.)

  • Бу киһи ойоҕун көрбөт. "Биэ кэннигэр баран эрэр, өрүһүй", - диэбиппин истибэт, аҥайан баран турар. Ойоҕо баран быһа тэптэрэн кэбистэ.
    Эрилик Эристиин
  • Федя соһуйбута, сүгэтинэн хатыҥы иккиһин далайан иһэн, тохтоон, аҥайан турбута.
    И. Федосеев
  • Кини бэргэһэтин кулгааҕын атытан эмиэ иһиллээн аҥайда.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Монг. ангай

«А» буукуба