ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аҥала

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы нерешительный, вялый, туповатый

1 даҕааһын #

Тугу эмэ оҥорорун кэмигэр оҥорбот, быһаарыыта суох, аар-маар

Нууччалыы Нерешительный, вялый, туповатый

  • Кырдьыга да мин бэрпинэн, эн эрэйдээх, аҥала, акаары киһи, бу мас балаҕаны, ити аҕыйах сүөһүнү бас билэн олороохтуугун буолбат дуо?
    Амма Аччыгыйа
  • Мин тыа куһаҕан, аҥала оҕонньоро билбэтим, өйдүөбэтим быһыытынан, соһуйан, уолуйан хаалан сыыһатык туттуммуппун.
    Н. Неустроев
  • Аҥала дьон харахтарын баайар, өйдөрүн сүүйэр аптаах тыллаах буоллаҕа диэн бүтэйдии сэрэйэрэ
    Болот Боотур

2 аат тыл #

суолт., сөбүлээб. Түргэнник толкуйдуу, өйдүү охсон быстыбат, өйүнэн мөлтөх киһи

Нууччалыы Плохо, медленно соображающий, умственно отсталый человек, тупица

  • Оҕо эрдэҕинэ миигиннээҕэр быдан акаары, аҥала этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Тас көрүҥүнэн аҥала курдук буолан баран, син бэйэтин туһугар ону-маны өйдүүр, билэр
    А. Софронов

«А» буукуба