Перевод с якутского
ааргы
аат тыл
Нууччалыы умственно отсталый; тупой; тупица, недоумок, глупец
1 аат тыл #
Түргэнник өйдүү охсубат, сыппах өйдөөх; аҥала, акаары, түҥкэтэх киһи
Нууччалыы Умственно отсталый; тупой; тупица, недоумок, глупец
"Ааргы, эн өйдүөҥ баара дуо!" - диэн сапсыйан баран, оҕонньор тэскилээн биэрэрэ. Н. Якутскай Өйдөөх аҕа таммаҕынан Мунньан муспут уутун Ааргы уола солуурунан Баһан тоҕуо олорчутун. Айталын. Баҕар биир эмэ мэник тыллаах түбэһэн эргэ бааһы хатыынан аала сылдьыа. Ааргыны кытта аахсымаар С. Федотов
2 аат тыл #
Аҥала, акаары киһи быһыытыгар дьүөрэлээх быһыы, акаарытык быһыыланыы
Нууччалыы Поступок, соответствующий глупым, тупым, ограниченным людям; глупый поступок
Чэ, кэбис, доҕоттоор, тохтооҥ. Туох ааргы кэпсэтиитэй? Кэлин быһаарсаарыҥ. А. Федоров "Тоҕо" диэн ыйытыыта ааргытын өйдөөн, Оҕотоойоп сэмэлэнэ санаата. Софр. Данилов. Ааптар үөрэхтээх дьоннору үгэргээн, санааларын сатаан саҥарбат, ааргы дьон оҥортоон, көрдөрбүт И. Бочкарев