Перевод с якутского
ыыспа
аат тыл
Нууччалыы маленькая, низкая юрта-балаган с печкой-камельком
1 аат тыл #
, эргэр
Дарбааннаах күннэргэ хараҥа ыыспаҕа, үрэх баһыгар бүкпүт баайдар өндөҥнөһөн, дугдуҥнаһан эрэллэр. Амма Аччыгыйа Тоҕус сыл ыыстаах ыыспаҕар хаайан олорон, сүмэбитин супту уулаатыҥ. Болот Боотур Кыра-хара дьон түннүгэ-үөлэһэ суох чэҥнээх ыыспаларга олороллор Эрилик Эристиин
2 аат тыл #
Көмүлүөк оһохтоох намыһах, кыараҕас балаҕан
Нууччалыы Маленькая, низкая юрта-балаган с печкой-камельком
3 аат тыл #
Тириини ыыһыыр сир, оҥкучах
Нууччалыы Помещение, яма для окуривания кожи
Ыыспа дьиҥ өйдөбүлэ тириини ыыһыыр оҥкучах диэн эбит Багдарыын Сүлбэ ыыс I 1 диэн курдук. Ыыспаны, буруону быыһынан Берлин үрдүк дьиэлэрин хороспут турбалара хайа арҕаһын курдук барыһан көстөллөр. С. Васильев Хотугу тыал обургу буорах хараҥа ыыспатын Дьааҥы өрүскэ үүрэрэ. И. Бочкарёв
Өссө холобурдар (1)
Икки өттүттэн төһөлүү киһи киирсэн иһэрин ким билиэй, туох барыта ыыспа, бүдүк-бадык ортотугар. ПИ КТ