Перевод с якутского
тарт
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы взяв, ухватив в руки что-л., перемещать, приближать к себе с силой, усилием, тянуть, подтягивать к себе
English to pull
Ис хоһооно · 31
1 туохтуур #
Тугу эмэ илиигинэн (эбэтэр атыннык да) бэйэҥ диэки сыҕарыта, аҕала сатаа, бэйэҥ өттүгэр кэлэринии хамсат
Нууччалыы Взяв, ухватив в руки что-л., перемещать, приближать к себе с силой, усилием, тянуть, подтягивать к себе
Сөдүөччүйэ уолун сиэҕиттэн тардаат, аан диэки дьулуруйда. Амма Аччыгыйа Ынаҕыҥ түөрт эмиийин тарбаххынан тардыаҥ суоҕа, элэктэриичистибэ күүһүнэн үүтүн ыган ылыаҥ. М. Доҕордуурап Ылдьаа кыыһы кууһан ылан бэйэтин диэки тарта. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (6)
Дьиэ аанын тардан көрдүлэр. В. Протодьяконов Гурьянов оҥкучах иһигэр олорон, таһыттан киирэр, санньылыйан турар боруобаты аргыый аҕай тарта Т. Сметанин Сэмэн сиэбиттэн болокунуотун ылан, биир лииһи туура тарта. Н. Якутскай Нуучча өрө уһуутаат, хара сатыын булууһатын уолугун тимэҕин төлөрүтэ тарта. И. Гоголев Саатын сулбу тардан ылан, атыыры сүүһүн хаба ортотунан тобулу ытан саайар. Эрилик Эристиин Сержант сүүрэн тиийэн, хара бэкир киһини соҕотохто эргилиннэри тарта Н. Заболоцкай
2 туохтуур #
Кытаатыннаран баай, кэлгий
Нууччалыы Затянуть туже, подтянуть
Атын холунун тарда турар Охонооско Микиитэ тиийэн оргууй ботугураата. Амма Аччыгыйа Сылгыһыт көхөҕө үрүҥ былаат турарынан [өлбүт киһи] сыҥааҕын тардар.
Суорун ОмоллоонКүүскэ тарпыт быалара Зоя илиитин -- ыарытыннараллар Н. Габышев
Өссө холобурдар (6)
Андрей Николаевич ыраас лиис ылан түргэнник сурук бырайыагын тардыбыта. Далан Ол-бу кыра боротокуол дуомун үчүгэй суруксуттар начаас тардан кэбиһэллэрэ. С. Никифоров Губельман үчүгэй баҕайы буочарынан хоһоон икки күппүлүөтүн тардан кэбиспитэ бастакынан эрилийэ сытара П. Филиппов Хайа, аттааххын дуо, аҕала тарт! С. Ефремов Дьиэ умайан эрэр... Бар дьон кэлэ тардыҥ, өрүһүйүҥ.
КүндэТүргэнник күрүү тарт, түүн эрдэ А. Бэрияк
3 туохтуур #
Тугу эмэ бэйэҥ өттүгэр (үөстэн кытыы диэки) хаһый
Нууччалыы Подгребать что-л. к себе, в свою сторону или от центра к краю
Оҕолор от бөҕө мунньаллар, Субурҕа субутан тардаллар. П. Тобуруокап Ылдьаана сыпсыны ылан, оһохтон чох тардар Чолбон
4 туохтуур #
Туох эмэ ыараханы сыҕарыт, сос
Нууччалыы Тянуть за собой, тащить волоком что-л. тяжёлое
Ийэтэ салааскаҕа тардан, бултаан аһатар: балыктыыр, куобахтыыр, кыыллыыр. Саха фольк Ат күүстээхтик тирэнэ-тирэнэ тардан дьүккүөтүүр. Дьүөгэ Ааныстыырап. Иккис испит массыына түспүт массыынаны торуоһунан холбонор, тардан бирдьигинэтэр А. Фёдоров
5 туохтуур #
булт. Муҥхалаа, муҥханан лабыктаа
Нууччалыы Неводить, рыбачить неводом
Хас да мөрөһөнү, ийэлээх муҥханы үрэҕи быһа тардаллар. Далан Бүгүн муҥхаһыттар баар суох эрэнэр эбэлэрин - Ытык күөлү тардан эрэллэр Кыым
6 туохтуур #
Илиигинэн таарыйан, хамсатан тугу эмэ үлэлэт, тыаһат, аах
Нууччалыы Приводить в действие что-л. при помощи руки (напр., музыкальный инструмент)
Сыкынаа, хомуһуҥ баар дуо? Ыл, тарт эрэ.
Суорун ОмоллоонАркыастыр саала иһэ ньиргийиэҕинэн муусуканы тардан кэбистэ.
Н. ЛугиновХолкуос үбүн-аһын киириитин-тахсыытын суокка тардан лаһырҕаппыта. Далан
Өссө холобурдар (1)
Мин сааны ылан, саамай чугас уста сылдьар кустары туһаайан иһэн тардан кэбистим Э. Соколов
7 туохтуур #
Илиигинэн суруйан сурааһынна оҥор
Нууччалыы Проводить черту, линию, прочертить
Аҕабыыт -- остуолга сытар кумааҕыны ылан, харандааһынан кириэс-мараас тарда-тарда, этэн барда. Эрилик Эристиин Кыыс оҕо содьоҥноон тиийэн, түннүгүн кырыатыгар биир сурааһыны эбии тардыбыта. Ф. Софронов Тутаах чилиэннэри аннынан тардыҥ КИИ СТ-
8 туохтуур #
// кэпс. Тохтоон көрбөккө, элбэх бириэмэҕин ыыппакка суһаллык суруй
Нууччалыы Писать, написать что-л. не затягивая, не тратя много времени
9 туохтуур #
Чиккэччи баайан эбэтэр тиирэн оҥор
Нууччалыы Протягивать, натягивать что-л. [Аан Далбар:] Биһиги аар сэргэлэргэ өбүгэ үгэһинэн Эриэн ситиини тардыаҕыҥ, Үрүҥ сиэли намылыччы ыйыаҕыҥ
Аһаҕас халлааҥҥа, Алыптаах салгыҥҥа Балаакка тардабын. Күннүк Уурастыырап Николай Семёнович Костялыын остуолба туруоран, боробулуоха тардан иһэллэр М. Доҕордуурап
10 туохтуур #
булт. Атытан бэлэмнээ, иит (булт сэбин этэргэ)
Нууччалыы Настораживать для поимки зверя, нацелить (орудие лова)
Аҕылыы-аҕылыы Айатын аччаччы тарта, Кыҥыы-кыҥыы Кылыытын кыбытта. А. Софронов Кини билигин да куобахха айа тардар, тыаттан кураанах киирбитин өйдөөбөт. Ф. Софронов Булчут хапкааны кырса сылдьыан сөп дии санаабыт сиригэр тардыахтаах. Булчуттарга к
11 туохтуур #
Аһыыр курдук бэлэмнээ, остуолга иһити, аһы тарҕата уур
Нууччалыы Расставлять посуду, еду, накрывать на стол
Киэһэ дьиэлээхтэр остуол тардан, хоноһолорун күндүлүүллэр-маанылыыллар. Н. Якутскай Даарыйа кэлэр-барар, ас тардар, иһит аҕалар. М. Доҕордуурап Хайыы-үйэҕэ сылабаар ороон таһааран, остуолга чааскылары эҥиннэри тарпыттар Эрилик Эристиин
12 туохтуур #
Таптайан чарааһат, тэнит (тимири)
Нууччалыы Растягивать, придавая какую-л. форму ковкой (железо)
Биһиги саха ууһа тардыбыт алтан солуурчаҕар күөстэнэр этибит. Н. Якутскай Үгүс күн-түүн үлэлээммин, Бу чуор тимирин уһаардым, Эрийдим, тартым, хатардым. С. Данилов Саха ууһа тардан оҥорбут обургу дьэс алтан солуура турар Р. Кулаковскай
13 туохтуур #
Тут, тутан өлөр (адьырҕа кыылы этэргэ)
Нууччалыы Задрать, поймать и завалить добычу (о хищном звере)
Бөрө бэлиэтээбит сүөһүтүн тардар. Саха фольк Көрбүттэрэ, икки оҕолоох эһэ табаны тардан баран, суоһурҕанан ол-бу диэки олооруҥнуу турар эбит. И. Данилов Бөрө саас торҕонноотоҕуна эрэ киһини тардар дииллэр В. Ойуурускай
14 туохтуур #
Түүрүтэ тут (киһи этин, иҥиирин туһунан)
Нууччалыы Дёргать, сводить, подергивать (о судорогах)
Уолака икки атаҕа уйбакка накыс гынар, иэнин иҥиирэ мунньары тардар. И. Бочкарёв Афоня сурата тардан соһуйан уһугунна. Сэмээр Баһылай. Билигин даҕаны куһаҕан битим тардар Чолбон
15 туохтуур #
Суоллан, аччаа, аҕыйаа, уоһун
Нууччалыы Уменьшаться в объёме, убавляться, спадать (напр., об отеке, уровне воды), садиться (напр., об одежде)
Сүөдэр сирэйин искэнэ улам тардан барар. Н. Якутскай Киэҥ хонуу уута тарпыт. Н. Антонов Билигин сайылык халтаҥнаан, ынах үүтэ тардар кэмэ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (1)
Тахтайа тарпыт Татым бүрүүкэлээх И. Эртюков
16 туохтуур #
Салгыны обор, ис өттүгэр эҕирий (хол., бэнтилээссийэни этэргэ)
Нууччалыы Иметь тягу, тянуть (напр., о вентиляции)
Үрэх былыыга кинини эмиэ уу түгэҕин диэки тардарга дылы гыммыта. "Кыым". Табах хойуу буруота, көмүлүөк оһох тардан, долгуҥнаан устар. М. Доҕордуурап Оһоҕум тардар тыаһа сирилэс Ф. Постников
17 туохтуур #
Табах буруотун эҕирий, табахтаа
Нууччалыы Курить. Табах тардыбыт киһи куһаҕана суох буолуо эбит. Амма Аччыгыйа. Буут Уйбаанабыс хамсаҕа табах уурунан тарта. Н. Габышев
18 туохтуур #
Хомуй, мус
Нууччалыы Собирать, стягивать
Сорохтор ыаллартан киһи тарда сүүрдүлэр. И. Федосеев Бэрэссэдээтэллээх суруксут биһигиттэн тардан ылбыт үптэрин былдьаһаннар охсуспуттар үһү.
Күндэ[Дьаакып:] били быһаас биир мөһөөҕү нэһилиэктэн хомуурунан тардан биэрбит нууччабыт буолбат дуо? А. Софронов
Өссө холобурдар (1)
Иҥэр, тут (сииги). Θ Собирать, удерживать (влагу). Дьахтар өр сытан сиик тарпыт таҥастары биирдии-биирдии таһааран салгылата быаҕа ыйаталыыра. Н. Гоголь (тылб.)
19 туохтуур #
Тугу эмэ төрүттээ, саҕалаа
Нууччалыы Начинать, быть зачинателем чего-л
Онтон айылҕаттан артыыс Эрдэлиир Миитэрэй соҕотох бэйэтэ хас да киһини тэҥинэн үтүктэн, көрү-нары тарта. Амма Аччыгыйа "Эйиэхэ буоллаҕа дии сэһэн, сир кулугута кырдьаҕаска, - Саарбалаахап оҕонньору олоппоско олорто. - Кэпсээҥҥин тардан кэбис". Софр. Данилов. Дьөгүөссэ сопхуос киин бөһүөлэгэр тиийэн түрүбүөгэ бөҕөнү тарта В. Протодьяконов
20 туохтуур #
Тугунан эмэ киһи санаатын көҕүлээн угуй, хайа эмэ өттүнэн киһи, дьон санаатын тут, көҕүт
Нууччалыы Увлекать кого-л. чем-л., вызывать стремление к чему-л. [Даарыйа эмээхсин] кэрэтик кэпсээн унаарыйар, дьиэ иһинээҕи дьон болҕомтотун барытын бэйэтигэр тардар
Соҕотох Өлүөнэ суһумнуур сүүрүктээх унаар солко урсуна, кини баай-дэлэй биэрэктэрэ саханы тардар, ыҥырар. Т. Сметанин Таптал ыраахтан сылытар, тардар, ыҥырар, долгутар С. Васильев
21 туохтуур #
Кими эмэ оҥорбутун иннигэр эппиэти сүгэр, эппиэттиир гын
Нууччалыы Привлекать кого-л. к ответу (к суду, ответственности и т. п.)
Тылга иҥиннэрдэ, дьыалаҕа тарта (өс хоһ.). Чэ, туох да диэн кубулдьут, син биир буруйга тардабыт диир. М. Попов Эрдэ-сылла Сергееваны силиэдэбэтэл эбээһинэһиттэн устарга, -- дьыала тэрийэн холуобунай эппиэккэ тардарга ХС
22 туохтуур #
Бурдугу мэлий (бурдук тардар тааска)
Нууччалыы Молоть зерно в муку (на жерновах). [Суоппуйа:] Хайа, бу дьахтар, бурдуккун тардан бүтэрдиҥ дуо?
Оһох кэннигэр ким эрэ бурдук тардан аалыҥнатар тыаһа иһиллэр. Ф. Захаров Элбэх кэргэҥҥэ биир чабычах кэриҥэ сиэмэни тартаххына хонук буолар ХС
23 туохтуур #
Уһатан, эҥээритэн саҥар, ыллаа
Нууччалыы Медленно, протяжно петь или говорить
Начаалынньык -- сорох аһаҕас дорҕооннору эҥээриччи соҕус тардан, саҥаран барда. М. Попов [Ырыа] бүтүүтүгэр "сүһүрэ-һэ-ҕиим!" - диэн тардыахпыт. ХС [Хористар] үлүһүйэн ыллаан киирэн бардахтарына учууталлара тугу үөрэппитин умнан, уруккуларын курдук тардаллара. Айымньылаах ү
24 туохтуур #
Төһө эмэ ыйааһыннаах буол
Нууччалыы Иметь тот или иной вес, тянуть на сколько-л. в весе, весить
Кээтии -- хаһаас арыыны көтөҕөн киллэрэн остуолга лик гына уурда: "Уон муунтаны тардар". А. Сыромятникова Бастыҥ улахан сылгылар 590-600 киилэ ыйааһыны тардаллар. АНП ССХТ. [Сеня:] Ити улахан сибиинньэҕит күһүн хас бууту тардыаҕай? ХКК
25 туохтуур #
Кими-тугу эмэ тут, туох эмэ буоларын, оҥоһулларын бытаарт, уһат-кэҥэт
Нууччалыы Задерживать кого-что-л., медлить с осуществлением чего-л., затягивать. [Оҕолорум] биирдэ эмэ үлэни тардар гына оонньоотохторуна харгыс буоларым: дьөлө хаһыытаан бурайталаан кэбиһэрим
Киһини тардан кэбистигит, сүппүт ынахтарбын бу хаһан хомуйан булан кэлэбин? Н. Заболоцкай [Сандаарка:] Холбоһор буолан баран, тугу эмиэ тарда сылдьыахпытый? С. Ефремов
26 туохтуур #
Дьиҥ баарынан буолбакка, үрдэтэн эбэтэр намтатан (көҕүрэтэн, аччатан) көрдөр, сыаналаа
Нууччалыы Показывать, оценивать не объективно, занижая или завышая показатели, подтягивать до какого-л. уровня что-л
Биллэн турар, биһиэнэ барыта тарда соҕус. Билигин баары даҕаны сэрэнэн, кыччатан, аманы да үүннүү-тэһииннии сатыыгын.
Н. Лугинов"Сеня, дьэ үөһэ кылаастарга кыһаннаххына табыллар. Тардан ортону туруорабын", - диэтэ кини. Н. Босиков Кини оннук эдэр киһи буолбатах - 62-лээх, ол эрэн олох эдэр көрүҥнээх киһи - тардан-тардан түөрт уонча эрэ сааһы биэриэм этэ Кыым
27 туохтуур #
көмө туохт. суолт
28 туохтуур #
Сорох сыһыаттарга сыстан хайааһын эмискэ, түргэнник, бүтэһиктээхтик оҥоһулларын көрдөрөр
Нууччалыы В сочетании с некоторыми наречиями означает резкость, быстроту, завершенность действия: быһа тарт ‘порвать, разорвать’, сулбу тарт ‘выхватить’, туура тарт ‘оторвать’
29 туохтуур #
а, -ыа сыһыарыынан бүтэр сыһыат туохтууру кытта ситимнэһэн хайааһын суһаллык, түргэнник оҥоһулларын көрдөрөр
Нууччалыы В сочетании с деепричастной формой на -а, основного гл. означает ускоренность, быстроту действия: бара тарт ‘идти, отправляться скорее’, арыйа тарт ‘раскрывать немедленно, скорее’, аҕала тарт ‘принести быстрее’. [Михаил:] Оҕонньор!
30 этии #
Нууччалыы Так говорят, имея в виду, что все в жизни предопределено судьбой (букв. его тянет верёвка)
Этиилэр
Ат тарпат айыыта, оҕус тарпат буруйа көр ат II
Ат тарпатынан Айыы баҕайы Ааҥнаабыт эбит.
Өксөкүлээх ӨлөксөйДьэ, Катя, мин эн иннигэр оҕус кыайан тарпат айыытын-буруйун оҥорон сылдьабын. С. Никифоров
Өссө холобурдар (2)
Быата тардар кэпс. - туох эмэ буолар ыйааҕа, дьылҕата баһыйар диэн этии Сүөдэри кытары субу күҥҥэ диэри бииргэ олоруох быата тарпыта буолуо, барыта буолуохтаах буолуохтааҕын курдук тахсан испитэ. В. Гаврильева "Бултаабат быам тартаҕа эбээт", - диэтэ онуоха, буруйдаммыт курдук туттан баран, Көстөкүүн. П. Аввакумов
Илиитэ тардар көр илии
[Кулуба – бандьыыттарга:] Олоҕу алдьаппыт бассабыыктары өлөрөртөн илиигит тарпат буолуохтаах. Эрилик Эристиин - Мин тоҕо кинини өлөрүөхпүнүй? Илиим тарта эбээт.
Л. Толстой
Иэнин тарт (хастаа) көр иэн I
Иэҥҥин тарда иликпинэ этэ тарт! Н. Неустроев. Кэтэҕин аһыттан сыһа тардан ылбыт, иэнин тарпыт. Саха фольк. Киһи тылын быһа (уһулу) тардар - олус минньигэс, үчүгэй амтаннаах.
соотв. язык проглотишь.
Макарону туохха эрэ холбоон-илбээн киһи тылын уһулу тарда сыһар минньигэстик астаабыт. ХС Сахалар биһиги "балык" диэн аанньа ахтан сиэбэт сыалыһарбытыттан хотугу дьон киһи тылын быһа тардар минньигэс миини бэлэмнииллэр. ХС
Өссө холобурдар (1)
Эдэр ойоҕо бэйэтэ эрэ билэр отторунан амтанын тупсаран, киһи тылын быһа тардар гына минньигэстик астыыра. С. Курилов
Өрө тарт көр өрө
Оҕонньор өлөөтүн, дьиэтин буораппыттар. Саас аайы манна кэлэн, ыраастаан, өрө тардан барара. М. Ефимов. Ыстапаан дьиҥнээх дьон киһитэ этэ. Бары дьаһалбыт сатарыйбыт кэмигэр кэлэн өрө тарпыта. Р. Кулаковскай. Оо, чыычаахтарым, көмөлөһө, өрө тарда кэлбиккит дии. Н. Антонов. Саралыы тарт - урут биллибэккэ сылдьыбыт куһаҕан быһыытын арыйан көрдөр, дакаастаа.
соотв. сорвать маску, открыть истинное лицо.
Кини оннугар атын сытыы соҕус киһи эбитэ буоллар, Кириллов ньүдьү-балайын саралыы тардыа этэ.
Н. ЛугиновӨрүүсэ абарбыта ааһа илик. Тима сидьиҥ быһыытын саралыы тардан доҕотторун ортотугар кэпсиэн саныыр. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Болот Борисович мунньахха -- Кылбановскай үлэтин-хамнаһын ырытан көрөргө, кинини туох баарынан дьон хараҕар саралыы тардарга соруммута. В. Яковлев
Сата баһын тарт көр сата
Тарабыыкын Харыалабы кытта кэпсэппитин кэмсиннэ: "Сатана оҕонньоро сата баһын тартым буолбат дуо?!" Л. Попов "Сатаабат аата сата баһын тардыма" - диэн саха өһүн хоһооно этэр. Күн Дьирибинэ.
Силис (силис-мутук) тардар көр силис
Дьэ ити курдук маҥнайгы саҕалааһын, үтүө кырыска түһэн, силис-мутук тардан барбыта. И. Артамонов. А. Кулаковскай поэзията саха мифологиятыттан силис тардан муҥутаабыта. "ХС". Сиһин үөһүн быһа тарт - өлөр (былыр сылгыны тыыннаахтыы иһин хайытан, сиһин үөһүн быһа тардан өлөрөллөрүнэн өйдөөн этии).
Убить (выражение связано с тем, что в старину забивая лошадь, живьём вспарывали живот, разрывали аорту) (букв. разорвать аорту).
Сиргидэҕи сип-сибилигин сиһиҥ үөһүн быһа тарда иликпинэ уурайбат киһи буолуом эбээт! Ньургун Боотур. Ылдьаа субу тиийэн ол сидьиҥи сиһин үөһүн тардыах курдук омуннуран барда. Н. Заболоцкай
Тардар тымырдаах көр тымыр
Хата, мин киһи Күүстээх санаам дьэ күүрдэ, Орой тымырым дьэ оҕуста, Тардар тымырым дьэ тарта! Өксөкүлээх Өлөксөй. Тэрэнтэй төһө да көнөтүн, сымнаҕаһын иһин, син тардар тымырдаах, тэбэр хааннаах киһи диэбиккэ дылы, аны Наастаҕа кыыһыран, күнүүлүү санаан барбыта. Д. Таас. Тиийбэт тирии, тарпат тараһа буол - тугунан эмэ үчүгэйдик тиийинимэ, тутаа.
Испытывать недостаток в чём-л., нехватку чего-л.
[Мииккэ] дьонтон тугу эмэ ордук ууннарбыта суоҕа. Сааһын тухары олоҕо тиийбэт тирии, тарпат тараһа буолан биэрбитэ. А. Сыромятникова Биһиги даҕаны өрүү тиийбэт тирии, тарпат тараһа буолан эрэбит. Ол, арааһа, олорор сирбит-уоппут чиэскититтэн, сайдыыбыт, өйбүт-санаабыт татымыттан быһыылаах. Н. Босиков
Өссө холобурдар (26)
Тоҕо тарт кэпс. - кими, тугу эмэ элбэҕи, дэлэччи бул, аҕал. Достать, добыть, найти что-л. вдоволь. "Дьиэм күлүн атыылааммын, бачча үбү-аһы тоҕо тартым", - диэн баран, Суккун сонноох Суут албын таһаҕаһын диэки ыйан кэбистэ.
Суорун Омоллоон[Ньургуһун Ньукулай:] Баай тылын уҕалдьыта элбэх. Омук омуктан табаар арааһын аҕалан тоҕо тардан биэриэм диир, ону барытын итэҕэйэллэр.
КүндэБу от үлэтин үгэнигэр хантан дьону тоҕо тардан ылабыт? В. Гольдеров Төлө тарт - тугу эмэ (улаханы, уһуннук барары) саҕалаа, төрүттээ. Начинать, давать начало чему-л. продолжительному, долговременному. Эһэм оҕонньор -- уокка аргынньахтыы олорон баран, кэпсээнин төлө тардан кэбиһэр. Р. Кулаковскай "Бэйи эрэ, кыргыттар, эһиги билбэт сирбитигэр барбаппыт, куттанабыт дэһэҕит дуу?" - Дима кэпсээнин бүөтүн эмиэ төлө тарта. ХС Израиль -- Ливаҥҥа саба түһэн арааптары утары саҥа сэриини төлө тардыбыта. ПА. Тураах (кымырдаҕас, тигээйи) уйатын тоҕо тарт - тугу эмэ саҥаран, оҥорон, киэҥ айдааны таһаар. Сказав или сделав что-л., вызвать большой скандал, большую суматоху. Наҕыл [сир аата] кымырдаҕас уйатын тоҕо тарпыт курдук буолбут. Амма Аччыгыйа Тураах уйатын тоҕо тарпыттыы, эмискэ аймалҕан бөҕө өрө оргуйа түстэ.
КүндэДьэ, тигээйи уйатын тоҕо тартыбыт быһыылаах, ньиэмэстэр саҥалара-иҥэлэрэ наһаа айманар, биһигини көрдүүллэр. И. Никифоров Тыла тардар кэпс. - 1) саҥарбат буолар, саҥарыан, этиэн баҕарбат (үөхсэн этэргэ тут-лар). соотв. язык проглотил, язык отнялся (употр. как ругательство). [Байбал:] Нохоо, ыйытабын дии, истэҕин дуо, били уол хайа диэки барда, тылыҥ тарпыт дуу? А. Софронов "Туохтаатылар диэн туох аатай?! Баҕайы, бука киһи кыһаннаҕына тыла тардара ээ", - диэн оҕонньор Уулааҕы, ситэ этитиэх түгэн биэрбэккэ, үлтү ыххайан барда. Эрилик Эристиин "Маамаҥ кэпсэтэр буолбат дуо, нохоо! Тоҕо тылыҥ тардан хаалла?!" - аҕатын дьиппиэ саҥата иһилиннэ. Кэпсээннэр; 2) тугу эмэ этиэн тыла барбат, кэрэйэр, туттунар (хол., сүрүргээн). Не осмеливается сказать что-л., воздерживается (напр., считая неприличным), соотв. язык не поворачивается (сказать кому-л. что-л.). Эчи арах! Кэннэ хайдах буоларын этиэхпин тылым тардар. Р. Кулаковскай Кини иннигэр киирдэхпинэ тылым-өһүм тардар, уотум-күөһүм умуллар. И. Федосеев Тыынын тарт - өлөрөрдүү кырбаа, өлөр. соотв. вышибить дух. Тахсыаҥ суоҕа да, моһуораҕын көннөрөн, тыыҥҥын тардан туран таһаарыам. Эрилик Эристиин Айыы тойон таҥара, Ньукуус уола Түмэппийи, Уоһук кыыһа Өрүүскэ дэриэтинньиги тыыннарын тарт!
КүндэУодьуганын тарт - буой, тохтот, иннин ыл. Обуздать, укротить кого-л. Утары көрбүтү умсары көрдөрөрүм, Улуу бэртэри уодьуганнарын тардарым.
П. Ойуунускай[Сөдүөччүйэ:] [Манчаары] куоппута да, син биир ситиэм, ириэнэх суолун ирдиэм, тоҥ суолун тордуом, уодьуганын тардыам, остуруок дойдулуом диир. В. Протодьяконов Хаана тардар - кими эмэ хаан уруута буоларын сэрэйэн чугастык саныыр. Угадывая, учитывая кровное родство с кем-л., проявлять к нему благосклонность, проявлять родственные чувства. Тыллаары гынан баран, бииргэ төрөөбүт хааным тардан, тылым тахсыбата. Н. Якутскай Хаппытыаҥҥа Туорай кимэ да буолбатах этэ да, Татыйыгынан хаан тардарга дылыта. А. Сыромятникова Ыраахтааҕы сарыыссата ньиэмэс дьахтара үһү. Ол иһин, хаана тардан, биһигини таҥнара, биһиги бары сэкириэппитин тыллаан биэрэ олорор үһү. Н. Якутскай Хараҕын хайа тардаат - уһуктаат, утуйан тур аат. соотв. едва продрав глаза. Бүгүн Порфирьевич хараҕын хайа тардыаҕыттан киҥэ-наара холлон кэлбит.
Н. ЛугиновХараҕын хайа тардаат, атын ыҥыырдатар. И. Чаҕылҕан Этэ тардар - 1) куттанар, соһуйар. Пугаться, вздрагивать от испуга. Онтон, киһи этэ тардыах, им балай буолла. Амма Аччыгыйа Мөрүөн бэйэтэ да өтөхтөн этэ тардар. Д. Таас Киһим сирэйэ тыйыһыра, дьэбидийэ түспүтүн көрөн, этим тардан, ситэ саҥарбакка тохтоон хааллым. Р. Кулаковскай; 2) туох эмэ суоһуурун этинэн-хаанынан таайар, битинэн билэр. Предчувствовать нутром что-л. страшное, ужасное. Ас тоҕуннаҕына Аньыырҕаан, миэнэ этим тардар. М. Тимофеев Роман хайдах эрэ этэ тардан, хантас гынан көрбүтэ. Ф. Софронов Этим тардан аһаран биэрпин Бэйэм да билбэккэ хааллым. А. Бэрияк
31 этии #
Нууччалыы Привести, прочитать отрывок произведения
Этиилэр
Атах тарт көр атах
Сүөдэр аттары атах тарда хаалла. Амма Аччыгыйа Аттарыттан түһэн, атах тардан ыыталаан кэбистилэр. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
[Аты] арыт эмиэ саһыа, ыраатан эрэйдиэ диэн атах тардан эбэтэр адаҕалаан ыыталлара. ХС Быһа тарт - айымньы сорох чааһын эт, аах Олоҥхоттон быһа тардан көрдөрбүппүт. И. Сосин "Алдьархайга" Горькай аата быһаччы ахтыллар, кини айымньытыттан быһа тардан аҕалыллар. ФЕВ УТУ
Кыл тарда көр кыл
Биир арыы ыйааһыныгар эрэ сөп буолбутугар эмээхсин өрө халаатыы түстэ: "Сордоох оҕолор, кыл тардан мээрэйдээбитиҥ буолуо". Амма Аччыгыйа. Чаайынай ньуоскаҕа чөмчөччү буолбакка, кыл тарда кутуллубут туус быһа холуйан уон кыраам буолар. ФВН ЭХК. Өрө тарт I - дьиҥнээҕиттэн үрдэтэн сыаналаа, үрдэтэн көрдөр.
Завышать (напр., оценку, цены).
Сэмэнчик [этэрээккэ киирээри] сааһын өрө тарда түһэн биэрэр. Н. Якутскай Кыайбаты да кыайыаҥ диэн өрө тардар куолу. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (4)
Өрө (үөһэ) тарт II - уоттан тэйиччи сыҕарыт. Снимать с огня (напр., кастрюлю). Ньукулаас дьиэҕэ киирэн күөһүн өрө тарта. С. Никифоров Хобороос ойон кэлэн чаанньыгын үөһэ тарта. А. Бэрияк Хаба тардан кэпс. - сонно тута, өйдүү охсон. Тут же, наобум. Коля да, урукку курдук хаба тардан, эһитэ охсубут курдук саҥарбата. Амма Аччыгыйа Кыыс тугу да хаба тардан хардарбатаҕа. Эвен. фольк. Др. -тюрк., тюрк. тарт