ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сос

туохтуур

Нууччалыы тянуть по земле, тащить, волочить. [Охоноон] ыараабыт атахтарын нэһиилэ соһор курдуга

English to drag, to pull

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Тугу эмэ сиринэн сыыллары тардан сыҕарыт, сыс

Нууччалыы Тянуть по земле, тащить, волочить. [Охоноон] ыараабыт атахтарын нэһиилэ соһор курдуга

  • Биэс бууттаах куулу хаба ортотунан быалаан баран, үрүйэ диэки соһон куккурута турдулар.
    Н. Заболоцкай
  • Аҕата остуолу аҥаар уһугуттан харбаан ылан холумтан таһыгар соһон аҕалла
    М. Доҕордуурап

2 туохтуур #

Кими эмэ буолумматын үрдүнэн тугуттан эмэ ылан баран күүс өттүнэн тарт, илт

Нууччалыы Тянуть, волочить кого-л. против его воли, тащить силой

  • Биэс бандьыыт Настяны суол аттыгар турар иччитэх сарайга соспутунан бараллар.
    Н. Якутскай
  • Биир боксуор хомсомуол уол ытарча курдук илиитинэн ол оҕону көрүдүөр уһугар состо.
    И. Гоголев
  • [Крюхов] кыыска чуо тиийбитэ уонна илиититтэн харбаан ылан, үҥкүүлээччилэр ортолоругар соһон киллэрбитэ
    СГПТ

3 туохтуур #

Тардар күүскүнэн тугу эмэ бэйэҥ кэннигиттэн буксуурдаан тарт, тардан илдьэ бар (хол., боробуос пуойаһы)

Нууччалыы Вести, тянуть за собой, буксировать

  • Ыкса күһүн бэрт элбэх таас чоҕу тиэммит баарсалары соһон, өрүһү өксөйөн иһэр хас да борохуот кыдьымахха ыллараллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Элбэх баҕайы табаар богуонун соспут боробуос кэлэн ыстаансыйаҕа тохтуур.
    Эрилик Эристиин
  • Уонунан көлө истиэнэ маһын соһон дьүккүйэ хаамаллар
    М. Доҕордуурап

4 туохтуур #

Тугу эмэ олус бытааннык гын, оҥор, тугу эмэ гынаргар олус бытаар, мөдөөрсүй

Нууччалыы Делать что-л. медленно, медлить с осуществлением чего-л., тянуть. затягивать

  • Чэ, наһаа уһуннук силиэстийэлиигит. Киһини киһи өлөрбүт буоллаҕына, буруйдааҕы тутан баран иккилии-үстүү ый соһоҕут
    М. Попов

5 этии #

Нууччалыы Превосходить кого-л. в силе, с большим преимуществом оторваться от соперника

Этиилэр

Соһон кэбис

күүс өттүнэн кими эмэ (үксүгэр утарылаһааччыгын) улаханнык баһыйар буол, ырааҕынан хотон таҕыс Василий Уваровпыт Бурятия эдэр бөҕөһө А. Павловы уон сэттэ үскэ ахсаанынан адьас соһон кэбистэ. "Кыым". Соһо сылдьар сонун (кэһэ сылдьар кэпсээн) күл. -ооннь. – элбэх саҥа сонун-нуомас, кэпсээн-ипсээн.

Целый короб новостей, вестей, слухов.

  • Соһо сылдьар сонунум, кэһэ сылдьар кэпсээним суох.
    Амма Аччыгыйа
  • Хайа баҕарар уһук учаастакка соһо сылдьар сонуннаах тиийэр.
    ХС

Сыыҥын соһор көр сыыҥк

  • Сыыҥын соһо сылдьар уолга иһин дэлби үктэтэ сыһан хаалбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Ыал устун киргэ-кирээскэ тэпсиллибит дьахтары ойох ылбыппар, онно ымсыыраҥҥын, сыыҥкын-сырааҥҥын соһоҕун дуо?
    Н. Павлов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. кирг. соз, казах. сос ‘протягивать, вытягивать’

«С» буукуба