ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһат

Нууччалыы тянуть

1 #

Ыллыыргар тыыҥҥын уһатан, бүтэһик дорҕооҥҥун уһуннук таһааран куоласкын тупсар

Нууччалыы Тянуть (о голосе)

  • уһаа диэнтэн дьаһ. туһ. Куоҕас моонньун уһатан, түүтүн сахсатан баран, өрүтэ дьигиһийбэхтээн, кынаттарынан сапсыммахтаан ылыталыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Эбэм куобах уорҕатын аттаран, өрбөххө сирийэн, сонно уһаппакка, аҕыйах хонук иһигэр сып-сылаас суорҕан тигэн кэбиһэр.
    С. Маисов
  • Бэлиэтэммит тыллары устан ылан, сорох аһаҕас дорҕооннорун уһатан, кылгатан, атын тылларда оҥоруҥ.
    ЕНВ СТ
Өссө холобурдар (2)
  • Ырыаһыт дьиэрэтэрэ, өрө тардан уһатара, эҕирис гынан тыынарыгар сөп түбэһэн, холкутук, наҕылыччы устар.
    П. Аввакумов
  • Бэдэрээччик куолаһын араастаан кылыһахтаан, дьүрүһүтэн таһаарара, үрдүкү дорҕооннорун олус кыһанан-мүһэнэн уһатан унаарытара. И. Тургенев (тылб.)

2 этии #

Этиилэр

Тыынын (олоҕун) уһат көр тыын II

  • Күлүү киһи олоҕун уһатар дииллэр.
  • Бэйээт кыра-хара үлэһит дьон санаалара сарбыллар, өйдөрө түмүллэр күнүгэр лыҥкынас ырыатынан тыыннарын уһатар төлкөлөөх.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
Өссө холобурдар (3)
  • Сөрүүн салгын Сүрэҕи сөрүүкэттэ, Тымныы салгын Тыыны уһатта.
    А. Софронов
  • [Илээҥки ойуун:] Урааҥхай сахаларга аны биирдэ, тыын уһата таарыйа, саба түһэн көрбөппүт дуо?
    В. Титов
  • Сирбитин-уоппутун, айылҕабытын харыстыахха, сирбит тыынын уһатыахха. "Чолбон"

3 этии #

Нууччалыы Продлить род (обычно по отношению к мужскому полу)

Этиилэр

Удьуоргун уһат

оҕолонон-урууланан кэнэҕэски кэлэр ыччаттаах буол (үксүгэр уол оҕоҕо сыһыаннаан этиллэр) Биһиги киһибит уол оҕону төрөтөн хаалларан, удьуорбутун уһатар, туйахпытын хататтарар буолбут диэн бөҕөх санаалаахпыт.

  • СТП АаТ.

Үйэтэ уһуур

ким эмэ олох олорор кэмэ уһаан биэрэр (хол., ол туһугар күүһүн-кыаҕын ууран биитэр ким эмэ кыһамньытынан, көмөтүнэн).

Жизнь продлить кому-л., жизнь продлевается у кого-л.

  • [Уйбаан:] Харчы, үп-баай үйэбин уһатыа диириҥ буолуо.
    А. Софронов
  • Эт-хаан өттүнэн эрчиллии, үлэҕэ, булка үөрүйэх буолуу – киһи үйэтин уһатар. Т. Сметанин

«У» буукуба