ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ньылбырыт

туохтуур

Нууччалыы скидывать, снимать, сдергивать (напр

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Микиитэ олоро түһэн этэрбэстэрин элээмэлэрин ньылбырыта тарыйталаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Тулааһынап бэрт эрэйинэн саппыкыларын ньылбырыта биэрэн уста охсон баран, атаҕын чиккэччи тэбэн, хараҕын симэн олорбохтоото.
    Далан
  • Дархан олоххо тас таҥаһын ньылбырыта биэрээт, дьахтар хаппахчытын аанын аргыый сэгэтэн киирэн кэлбитэ
    Чолбон

2 туохтуур #

Сэрэнэн уһулан, хастаан ыл (хол., хаппыт этэрбэһи)

Нууччалыы Скидывать, снимать, сдергивать (напр., одежду, сапоги)

3 туохтуур #

Туох эмэ ньуурун устун тугу эмэ сыыллар, состор

Нууччалыы Тащить, тянуть, волочить кого-что-л. по какой-л. ровной, гладкой поверхности. [Өлөксөй Күлүүчүкүн] -- атыыры аҥаар илиитинэн кутуругуттан ылан, илиитигэр эрийэ тутан баран, букатын таһаҕас оҥостубат курдук соһон ньылбырыппыт

  • Саха сэһ. 1977. Тыыларбытын өрүскэ ньылбырыта анньаат, биһиги кыылларга устан тиийдибит да, үҥүүнэн аҕыйахта анньыталаан кэбистибит.
    С. Тумат
  • Мааны да мааны барахсан "Москвич" массыынатынан Буору-сыыһы бурҕаппакка Мотуорун да тыаһаппакка, тыаттан киирэн, алааска Ньылбырытан ааста
    Ф. Софронов

4 туохтуур #

Ыпсыытын кытыаран, ылыннарыылаахтык, тупсаҕайдык саҥар

Нууччалыы Говорить складно, логично убедительно

  • Абыраамап саҥаран ньылбырытар бириэмэтигэр, Лэппиэрэй -- биир тылы ыһыктыбакка, болҕойон истэ олорор.
    Л. Попов
  • "Ээ, кустаабыта буолабыт да, Ньукуолуҥҥа биир чуккуй төбөтүн үнтү ыстаабат дьон буоллубут", - уҥуох-сула киһи сааһылаан эрэрдии ньылбырытар.
    Р. Кулаковскай
  • Оппоон оҕонньор: "Һы, бу барахсан уу тэстибэт гына этэн ньылбырыттаҕа бэрдин!"
    И. Семёнов

5 этии #

Нууччалыы Проворно, ловко сдирать шкуру с кого-л. (напр., с зайца)

  • Ньылбырыта тыыт - туох эмэ тириитин түргэнник сатабыллаахтык сүлэн ыл (хол., куобах) Куобаҕын буутун уокка сырайан, тириитин ньылбырыта тыытта.
    Амма Аччыгыйа
  • Бэргэн икки бөрө тириитин, төһө да тымныытын иһин, ньылбырыта тыытан ылар.
    Н. Босиков
  • Онтон Баһылай Буровы көмөлөһүннэрэн кырсалаах бөрө тириилэрин ньылбырыта тыытта. "ХС"

«НЬ» буукуба