ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

өрө

сыһыат

Нууччалыы вверх, наверх

1 #

Үөһэ диэки, туох эмэ үрдүгэр, үөһэ өттүгэр

Нууччалыы Вверх, наверх

  • Өрө бырах. Өрө ытын. Өрө көтөх

2 этии #

Өрө бар (өрө бара тур) - 1) буойары истибэккэ утарытын оҥор "ХС". Онуоха оҕонньор: "Сэбиэскэй былаас кыайтарбат, олохтоох былаас үөскээтэ", - диэн мөккүһэ, өрө бара турбут. "ХС"; 2) аһары түс, эбии чиҥэтэн биэр. Θ Лезть на рожон, наступать пуще прежнего. "Суруйдуун-суруйдун. Кытааттын!" - Дайыыла өрө барда. Софр. Данилов. "Тугуй ол бассабыык диэн?" - мин сонурҕаан өссө өрө барабын. "ХС".

Нууччалыы Делать наперекор, несмотря на запреты. [Наһаар:] Киһи эппитин өрө бара турбуккун, хата, бэйэҕин

Этиилэр

Өрө көр көр көр 1

  • Өлөксөй курдуктар тоһуннахтарына, Өрө көрбүттэрэ өлбөөдүйүөхтэрэ.
    С. Васильев
  • Өлөрү умнан миигин утары Өрө көрбүтү умса ытабын.
    И. Егоров

Өрө көт (көтө түс) көр көт I

Дьон [тустууну көрөөрү] өрө көтө түстүлэр. Күлүү-салыы, саҥа-иҥэ буолла. И. Данилов. Таһыттан Далбаев киирбитин көрөөт кини өрө көтө түстэ, кириэһилэттэн ойон турда: "Оо, Кирилл Михеевич, үтүө киэһэнэн, доҕор". В. Ойуурускай. Өрө көтөх - болҕомтоҕо ыл, сыаналыы санаа, онон өрө тарт.

Поднимать, поддерживать кого-что-л.

  • [Лэкиэс:] Саас үйэ тухары сити курдук эн миигин үктээн, түһэн биэрэ сылдьаҕын, ол да иһин миигин күн бүгүнүгэр дылы ким да өрө көтөхпөт.
    С. Ефремов
  • Өрө күүр - туохтан эмэ өй-санаа өттүнэн күүскэ көтөҕүлүн, көхтөн. Воодушевиться, вдохновиться. Үөрбүт-көппүт норуоту, Өрө күүрбүт дьулууру Эҕэрдэлээн үмүрү тартылар, Эрчимнээх хардыыга ыҥырдылар.
    С. Васильев
Өссө холобурдар (15)
  • Хаһан эрэ мин даҕаны Таптаан өрө күүрэ үлэлиирим, Тыаҕа, көҥүлгэ бүгэрим. Дьуон Дьаҥылы. Өрө мөхсө түс - туохха эрэ болҕомтону хатаа, туохтан эрэ дьиксинэн, куттанан эбэтэр үөрэн чөрбөйө түс, сэргэҕэлээ. Встрепенуться, живо откликнуться на что-л., проявить живой интерес к чему-л. Микиитэ өрө мөхсө түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Чүөчээски ууга түһэрин кытта Түргэн сытырҕалыы-сытырҕалыы өрө мөхсө түстэ.
    Суорун Омоллоон
  • Өрө мыҥаан олор - 1) туох эмэ буоларын (буолуохтааҕын) уһуннук кэтэс (үгүс өттүгэр тугу да гыммакка олорон). Надеяться на кого-л., сидеть ожидая чего-л. от кого-л. (сидя без дела). Ити аата сааһым тухары оҕонньорбун өрө мыҥаан олоруохтаах буоллаҕым дуу? "ХС"; 2) сөбүлээн, болҕомтолоохтук истэн олор. Сидеть, с вниманием и любовью взирая на кого-л. Устар ууну сомоҕолуур уран тыллаах араатары сөбүлээн өрө мыҥаан олордо.
    ХС
  • Өрө-сала көт - ким эмэ санаатын таба сатаа, ньылаҥнаа. Угодничать, льстить кому-л. [Бырдаахап:] Ол киһи эйиэхэ арыгы иһэртэ дуо? Быраатым дии-дии өрө-сала көтөрүҥ бэрдэ дии.
    Н. Неустроев
  • Өрө сүк - мэниктээн, охсуһан дьиэ иһин ыһан кэбис. Шалить, баловаться ватагой в тесном помещении, поднимать вверх дном (во время драки или играя, напр., о детях). Чугас эргиннээҕи уолаттар, кыргыттар балаҕаннарын дуомун өрө сүгэн барыахха айыылаах да буоллахтарына, дьаҕырыйа түһэри билбэт.
    А. Сыромятникова
  • Өрө тарт - 1) дьиэ иһин хомуй, бэрээдэктээ. Привести в порядок, прибрать (комнату, квартиру). Хоһу өрө тарт.
  • [Дьаакып:] Ол тоҕо кэллэҕэй? Ыл, хотуой, ити олох мастары эҥиннэри өрө тарт. А. Софронов; 2) кэпс. Өрө көтөҕөн, чэпчэкитик сыаналаа (хол., үөрэххэ киирээччини), өйөөн-убаан сыһыаннас. Вытянуть кого-л., сделав послабление (напр., на экзамене), относиться весьма доброжелательно. Былыр хаартынан иитиллибит Арамаан Бухатыырап диэн батараак уолу бырабылыанньа иитэр-үөрэтэр быһыынан, куруук өрө тарда сылдьыбыта. Бэс Дьарааһын. Өрө тур - 1) баар былааһы утары сэптээх-сэбиргэллээх охсуһууга тур. Восстать против власти с оружием в руках. Былаас өрө турбут норуот илиитигэр киирдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьон үтүөлэрэ, бэртэрэ бассабыыктары өрө турбуттар үһү. Р. Кулаковскай; 2) кими-тугу эрэ утары биир санаанан, кэлимник охсус. Наступать единым фронтом против кого-что-л. Биһиги манна кинээһи утары өрө туруоҕуҥ.
    Амма Аччыгыйа
  • "Курааны үүннүүргэ-тэһииннииргэ барыбыт биир өйүнэн-санаанан өрө турдахпытына сатанар", - диэтэ Павел Попов.
    М. Доҕордуурап
  • Өрө туруу - баар былааһы, быһыыны-майгыны утары сэптээх-сэбиргэллээх охсуһууга турунуу. Восстание против кого-чего-л. (напр., существующей власти, мятеж против власти). Саха сиригэр баайдар өрө турууларыгар 1921 сыллаахха үөскээн иһэр барахсаттар өлбүттэрэ, төлөһүйэн иһэр эдэр ыччаттар төннүбүттэрэ.
    Эрилик Эристиин
  • Өрө туһун - 1) тугу эмэ кытта уһуннук бодьуустас. Долго возиться с кем-чем-л. Итинник ситимэ суох, түҥ-таҥ санааны кытары өрө туста олордо Байбал. НС ОК. Бука, кырдьыгынан билинэргэ дуу, билиммэккэ дуу диэн санаалары кытта өрө туста, туруулаһа сатыы олордоҕо. "ХС"; 2) тула холоруктаа, биир сиргэ таба турума (хол., баайыллан турар аты этэргэ). Биться, метаться, вести себя беспокойно (напр., о привязанной к коновязи лошади). Үрүҥ көмүс ыҥыырдаах Үүт маҥан ат сылгы Үөҥэс тиити кытары Өрө туста хаалбыта.
    Күннүк Уурастыырап
  • Оннук өрө туста турар сүөһүлэри ыыталыыр, эмиэ, биир суол сатабылы эрэйэр буолар эбит. НС ОК. Өрө тыын - 1) ыксаан айманан баран уоскуй, холкутуй. Успокоиться, придти в себя, отдышаться, вздохнуть с облегчением (напр., после потрясения, испуга). Эһэ иккистээн ыты эккирэтэ барбытыгар Бүөтүр дьиэтин иһигэр тимис гынан хаалла. Дьэ өрө тыынна.
    Р. Кулаковскай
  • Улахан сүгэһэри санныттан түһэрбиттии, дьон өрө тыыммыттара. Н. Заболоцкай; 2) тугу-кими эмэ (хол., өрдөөҕүтэ ааспыты) өйдөөн, ахтан санаарҕаа, мунчаар. Вздыхать, грустить вспоминая о чем-л. давно минувшем, былом. Хайа эрэ хатыҥ төрдүгэр кинигэ ааҕа олороро буолуо дуо, эбэтэр тэһийбэтэхтии өрө тыына түннүккэ турара буолуо дуу? Т. Сметанин; 3) тугу эмэ кыайыах-хотуох буолан чабылан, кыһыл тылгынан кынаттан. Хвастать, бахваляться тем, что ты раньше всех добьешься, достигнешь цели. Ким-хайа иннинэ эн өлөрүөх-өһөрүөх буолан өрө тыыммытыҥ, чабыламмытыҥ бэрт этэ дии.
    Р. Кулаковскай
  • Өрө тэп кэпс. - сиэри таһынан таҕыс, баппат; тохтуур диэни билимэ, өрө баран ис. Выходить за рамки; не знать меры в чем-л. Эн бэркэ өрө тэбэн эрэҕин: ама да үчүгэй Маайа таптаабытын иһин.
    Н. Неустроев
  • хараҕын (харахтарын) өрө көрбөт - 1) көр көр I. Ол да буоллар үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө, тойонугар өһөхтөөх өһүн сүрэҕэр сөҥүрдэн сылдьыбыт. Софр. Данилов. [Киирик:] Саас-үйэ тухары үрүҥ хараҕын өрө көрбөккө, биир тылы утары эппэккэ, сүөһү курдук үүрүллэ сылдьар олоҕу эмиэ билэбин. С.

Ефремов; 2) көр көр I

  • Сайынын от үлэтин үлүскэниттэн үрүҥ хараххын өрө көрбөккүн. П. Филиппов

3 этии #

Нууччалыы Плыть или идти по реке против течения

  • Өрө бар - сүүрүк утары уһун эбэтэр кытыынан бар, айаннаа Туора үрэҕи таҥнары киирэн үрдүк тааска сылдьан баран, хотунан эргийэн улахан үрэҕи өрө барбыт.
    Н. Неустроев
  • Өрө сыҥ - муннугунан сыҥсый, сыҥырҕаа. Θ Шмыгать носом. Кубаача кэпсээн бүтэн, Куруйан, сүөм түһэн, Муннукка кээдьэгэстээн сытар, Муннун эрэ өрө сыҥар.
    С. Васильев
  • Саатар дьүһүнүнэн үчүгэй буоллаҕа дуу? Муҥар, туой муннун өрө сыҥа сылдьар.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
  • Өрө таһаар - атын үрдүкү дуоһунаска, үлэҕэ анаа. Θ Ставить, выдвинуть на более высокую должность, повысить в должности. Сэриигэ барбыт Пётр Ильич оннугар дириэктэринэн өрө таһаарбыттара.
    Н. Босиков
  • Тюрк. өрө

«Ө» буукуба