ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үөһэ

сыһыат, аат тыл

Нууччалыы вверх, наверх

English up, upward

Ис хоһооно · 10
I

1 сыһыат #

1. сыһ. Туох эмэ үрдүк өттүн диэки, өрө

Нууччалыы Вверх, наверх

Өссө холобурдар (1)
  • Үөһэ көтүөн кыната суох? аллара тимириэн уһуга суох. Т. Сметанин

2 сыһыат #

дьөһ. суолт. 1. Хайааһын туох эмэ үрдүгэр, үрүт өттүгэр буоларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, на котором или над которым совершается действие

  • Кылбаҥныыр муус маҥан хабдьылар Кылбаарар хаар үөһэ сырсаллар.
    С. Данилов
  • Хайдах эрэ умайа турар кутаа үөһэ сытар курдукпун.
    А. Бэрияк
  • Күһүнүн көмүһэ дэлэйин, Күн тыргыл мичээрэ истиҥин, Дьиибэргии күн үөһэ турабын, Мин курус санааны кытары. «
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Бу кыс үөһэ быһа уус уһаннаран тэриммитинэн сэриигэ бардылар.
    Эрилик Эристиин
  • Чооруона бу сай үөһэ кэтэҕэ хохойон, букатын эриччи хатан хаалла
    У. Нуолур

3 сыһыат #

Сорох кэми көрдөрөр ааттары кытта хайааһын төһө кэм устатыгар оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется с некоторыми именами, обозначающими время, в течение которого совершается действие. [Былатыан:] Ээ, ону бу кыс үөһэ бүтэриэ этибит буоллаҕа дии

4 сыһыат #

Хайааһын туох эмэ тас өттүнэн оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении чего-л., сверх, помимо которого совершается действие

  • Эн, бөлүһүөк киһи, өйдүөхтээххин: хаһан баҕарар киитэрэй үөһэ киитэрэй баар буолар.
    Далан
  • Эҥин араас нолуоктар үөһэ сойуомҥа суруйуу ыытыллара. «
    ХС

5 сыһыат #

Хайааһын аахсыллыаҕы да аахсыллыбакка оҥоһулларын бэлиэтээһини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает уступительные отношения (несмотря). [Абрам — оҕолорго:] Дьэ, оттон эһиги ол үөһэ [барытын тэрийтэрэн баран], куһаҕаннык үөрэнэбит, оннук-маннык диэн бырдырҕаһан көрөөрүҥ эрэ, бэйиккэй оттон

6 этии #

Нууччалыы соотв. смотреть свысока, глядеть сверху вниз на кого-л

Этиилэр

Ат үөһэ түһэн көр ат II

  • Ананий ат үөһэ түһэн көҥүһү өрө сүүрдэн көрө сырытта.
    М. Доҕордуурап
  • Мин бырааһы ыҥыра, ат үөһэ түһэн, муҥ көтүтүүнэн хоту сиһи өрө харбаттым.
    ХС

Үөһэттэн көр

кими эмэ сэнээбиттии, аанньа ахтыбатахтыы көр Ленька куруутун бэрдимсик идэлээх буолан, кими барытын үөһэттэн көрөр.

  • ПН ДЫ.

Ытыскар (ытыс үөһэ, ытыс үрдүгэр) түһэр

кими эмэ айхаллаан, үөрэн-көтөн көрүс.

Принимать, встречать с распростёртыми объятиями кого-л. (букв. опускать на свои ладони).

  • Ытыһыгар түһэрэн эҕэрдэлии көрсүбүтэ. Софр. Данилов. Виноградтаах, атын да астаах дьон соҕурууттан ыга анньан кэлэллэр. Биһиэннэрэ да ытыс үөһэ түһэрэллэр.
    ХС
  • «Оо, Өлөөнө бу бэйэтинэн тиийэн кэллэ дии, хата», — эмээхсин Өлөөнөнү ытыһын үөһэ түһэрдэ. ИИФ УС. Күн киириэн иннинэ тиийэн кэлбит. Дьоно ытыс үрдүгэр түһэрэн, ороҥҥо сытыаран утутан кэбиспиттэр. НЭ Нь

7 этии #

Нууччалыы Отойди в сторону, посторонись

Этиилэр

Үөһэ тур

киһи барар суолуттан туораан биэр, мэһэй буолума Эмээхсин үөһэ тур — оҕо түҥнэри көтүөҕэ!

Үөһэ тыын

1) көр тыын.

  • Кини манна кэлиэх буолбута ээ, тоҕо биллибэт? Кыыс үөһэ тыынар.
    Н. Неустроев
  • «Быйыл биһиги тыыннаах кыстыырбытын аастыбыт ээ». — диэн Бурхалей үөһэ тыынна.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)

Тиийбиппит

маҥан баттахтаах эмээхсин сөһүргэстээн олорон тугу эрэ ботугуруур, ис-иһиттэн күүстээхтик үөһэ тыынан ылбахтыыр. «ХС»; 2) арыый холкутаа, кэҥээ.

Почувствовать себя лучше, легче, вздохнуть.

  • Өлбөтөҕүн билэн кини [саллаат] Үөрүтүттэн цөһэ тыынар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Уол хайдах эрэ санаата дуоһуйбут-манньыйбыт курдук буолан, аргыый үөһэ тыынна.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Др.-тюрк., тюрк. үзэ
II

8 аат тыл #

көмө аат. 1. Хайааһын ким, туох эмэ орто эйгэтигэр оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется при обозначении предмета, в центре которого совершается действие (в. в глубине)

  • Турда муҥураат курдук Түһүлгэ үөһүгэр Майаҕатта. Ону көрөн Тыгын обургу Хаана быһыттар, быыппастар.
    М. Ефимов
  • Сергей Зверев бары айымньылара айылҕа үөһүгэр үөскээбиттэрэ.
    А. Попов
  • Аллара туман үөһүгэр Көстөллөр сырдык уоттар
    Баал Хабырыыс

9 аат тыл #

Таһаарыы түһүккэ хайааһын туох эмэ түгэх соҕус өттүттэн оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В форме исходного падежа употребляется при обозначении предмета, из глубины которого совершается, исходит действие

  • Уҥуоргу сис тыа үөһүттэн өргөстөөх төбөлөрө дьөлө сүргэйэн тахсыбыт бөлөх харыйалары туһаайан, булчут үрэх кэтит маарыгар киирдэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ардааттаах үрэх цөһцттэн от тиэйбит суоллар холбоһуталаатылар.
    Эрилик Эристиин
  • Хараҥа үөһүттэн аттаах киһи барыҥнаан таҕыста. «
    ХС

10 аат тыл #

Туттуу түһүккэ хайааһын туох эмэ орто эйгэтигэр оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар

Нууччалыы В форме орудного падежа употребляется при обозначении предмета, вдоль всей глубины которого совершается действие (по. по центру. глубине)

  • Эһэ уордаах хаһыыта тыа үөһүнэн сатараата.
    Амма Аччыгыйа
  • Үллэнниир долгун Үөһүнэн кэлэн. Үрдүк сыыр анна Биэрэккэ үстэ Борокуот Үөгүлүү түстэ. Эллэй. Караван муора үөһүнэн Халымаҕа аастаҕа
    Н. Габышев

«Ү» буукуба