Ат атаҕар уган (биэр, быһын, ыл, бай) - ат сүүрүүтүгэр сакалааттаһан, уксан (кыайтар эбэтэр кыай) Сүүйсүүлээх, сүүлүктэһиилээх ат сүүрдүүтүн алыптаах абыгар ылларан, баардарын-суохтарын барытын ат атаҕар уган биэрбит. ГНС СТСДТ. Ат бөҕө кус быһый (киһи) - олус күүстээх уонна кытыгырас (киһи). Θ Очень сильный и быстрый (человек). Арай бу Быттааны Сүөдэр оҕото Манчаары Баһылай алыс кус быһый, ат бөҕө киһи үөскээн эрэр, кини Чоочо ытык атыырын саанан ытан өлөрбүтэ дииллэр. МНН. [Сайсары эмээхсин] эрэ ааттаах булчут, кус быһый, ат бөҕө, сааһын тухары үрэх бастарын кэрийбит киһи этэ.Суорун Омоллоон
Тиэтэйбит - барыларыттан уһулуччу, ат бөҕө, кус быһый, туруору да дьүһүнүнэн бөҕөҕө мөссүөннээх, быһыйга быһыылаах олус бэрт киһи эбит.Эрилик Эристиин
Ат буол - илиигинэн тайанан, аттаа, түөрт атах буол. Θ Встать на четвереньки; ползать на четвереньках. Ол баран иһэн, уол бүдүрүс гынна да, тоҥуу хаарга ат буола түстэ.Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (10)
Чугаһаатым. Бөкчөйөн истим. Онтон тобуктаатым, ат буоллум. Көҕөнүм адьас бу саҥарар.Т. Сметанин
Ат тарпат айыыта, оҕус тарпат буруйа - олус улахан, ыар айыы, буруй. Θ Большой грех, огромная вина. Ат тарпатынан Аньыы баҕадьы Ааҥнаабыт эбит. Оҕус тарпатынан Модун буруй Буулаабыт эбит.Өксөкүлээх Өлөксөй
Ат үөһэ түһэн - бэрт ыксалынан, тиэтэлинэн (аты ыҥыырдыыр, биитэр көлүйэр да бокуойа суох). Θ Весьма торопливо, поспешно (не успев даже оседлать или запрячь лошадь). Ананий ат үөһэ түһэн көҥүһү өрө сүүрдэн көрө сырытта.М. Доҕордуурап
Били икки саллааттар аттарын үөһэ түһэннэр, эмиэ кэннилэриттэн кулуннуу уурдаран иһэллэр.Н. Түгүнүүрэп
Ат эккирэтэр - олус киэҥ-куоҥ, киэҥ киэлилээх (хол., дьиэ, олбуор) Θ Очень просторный, вместительный. (напр., дом, двор). Бэйэтэ аҕыйах сыллааҕыта чугаһынан суох, ат эккирэтэр улахан дьиэни дьэндэппитэ.ХС
Кини киэҥ, ат эккирэтэр олбуордаах, олбуор түгэҕэр улахан хотонноох. С. Никифоров
Ат айана - ат бытаан сиэлиитэ Бу ат айаныгар тулуйбатым. Ат баайааччы - сүүрүк аттары эрчийэр киһи. Θ Тренер скаковых коней. Ленин аатынан сопхуоска урукку опыттаах ат баайааччы Ю. Титов атын үлэҕэ барбыта. “Кыым”. Ат баайааччыларбыт - сылгыһыттар. “Кыым”. Ат баһа эргэр. - аҕа ууһа. Θ Человеческий род (в первобытном обществе). Ат баһын быата - сулар. Θ Недоуздок. Ат бугул түөлбэ - улахан бугул. Θ Копна большого размера. Ат дулҕа - үрдүк дулҕа. Θ Высокая кочка. От үрэх синньиир сирэ барыта ат дулҕа. Ат дьааһык эргэр. - айаҥҥа илдьэ сылдьарга аналлаах хончоҕор, улахан дьааһык, кырыы дьааһык. Θ Большой коробчатый ящик, предназначенный в старину для использования в дальних поездках. Кулуба бытыылкаларын кууһан аҕалан, ат дьааһыгар төттөрү укта.ХС
Ат көлө - айаҥҥа эбэтэр таһаҕас таһарга көлүллэр, мииниллэр ат. Θ Лошадь, предназначенная для дальних поездок или перевозке грузов. Саха дьонун олорор уонча көһүн устатыгар ат көлөнөн бараллар.Амма Аччыгыйа
Ат кыраабыла - оту мунньарга уонна субуулуурга аналлаах, икки улахан тимир көлөһөлөөх ат тардар кыраабыла. Θ Конные грабли, предназначенные для сгребания сена. Тордоохоптоох ат кыраабылынан от мустара сылдьар икки эмдэй-сэмдэй уолаттар аттыларыгар тиийэн кэллилэр.С. Никифоров
Мин өйдүү түстүм отут сыллааҕыта Бастакы ат кыраабылын көрөөрүбүн Икки көстөөх алааска оҕолору кытта Куйаас-кумаар үгэнигэр сүүрбүппүн.С. Данилов
Ат отуу - дьиэ кырыысатыгар маарынныыр отуу. Θ Двускатный шалаш на козлах. Ардах буоллаҕына иһигэр олорор, аһыыр гына киэҥ ат отууну туттан кэбистилэр.Болот Боотур
Кинилэр, Сиэкилэччээн хайатын тэллэҕэр, хатыҥ ойуур хоонньугар хас да суол ат отуулары оҥорбуттар.М. Доҕордуурап
Ат сүүрдүүтэ (сүүрүүтэ) - аттары сүүрдэн куоталаһыннарыы. Θ Конные скачки. [Аҕалара Уйбаан] кытта төрөөбүт кыдьыктааҕа - ат сүүрдүүтүнэн “ыалдьар” үгэстээҕэ үһү.Р. Кулаковскай
Дьокуускайдааҕы республиканскай ипподромҥа сааскы ат сүүрдүүтэ буолар. “Кыым”. Ат сүүрүүтэ диэн көрү төрүттээччилэр, баһылааччылар дьэ бу икки дьон буолаллар.Д. Таас
Ат сүүрдээччи - аты миинэн сүүрдэргэ идэтийбит киһи. Θ Наездник, жокей. Бүгүҥҥү аттары сүүрдээччиттэн биирдэстэрэ - Кириһээн.Д. Таас
Ат сыалдьата - сыарҕалаах ат улаханнык сүүрэрин бохсор көлүүр тэрилэ (аты такымын үөһээ өттүнэн, ойоҕоһунан эргитэн хомууттан тартарыллар). Θ Шлея, надеваемая на лощадь для замедления скорости бега. Оҕонньор атын сыалдьатын уһулла. Ат сэбэ - аты көлүйэргэ туттуллар тэрил. Θ Совокупность принадлежностей для упряжки лошади. Дьиэ күүлэтин иһигэр ат сэбэ сытар. Ат тараах - аҥаар эрэ өттүнэн бөдөҥ тиистээх тараах (аҥаар өттүгэр тииһэ суох). Θ Гребенка, расческа с редкими зубьями только с одной стороны, а с другой не имеющая их. Сиэркилэ иннигэр ат тараах сытар. Ат ыарҕа - үрдүк хойуу ыарҕа. Θ Густо поросший кустарниковый березняк. Д. П. Максимов: “Сатыы ыарҕа" диэн намыһах баҕайы, онно-манна бөлкөй үүммүт ыарҕа, оттон ат ыарҕа диэн аттаах киһини куотар хойуу баҕайытык үүнэр ыарҕа”, - диэн лоп бааччы быһаарар. Багдарыын Сүлбэ. Тюрк. ат