ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сата

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы магический камень, который обнаруживается в желудке или печени скота, лося, оленя, а также глухаря, и, по народному поверью, его силою вызывают резкое изменение погоды

English bezoar stone

Ис хоһооно · 6

1 аат тыл #

Урукку өйдөбүлүнэн сүөһү, кыыл ханныттан, быарыттан эбэтэр улар куртаҕыттан көстөр, күн сырдыгар көһүннэҕинэ, күнү-дьылы тосту уларытар (хол., силлиэни, дохсун ардаҕы, тымныыны, куйааһы түһэрэр) аптаах таас

Нууччалыы Магический камень, который обнаруживается в желудке или печени скота, лося, оленя, а также глухаря, и, по народному поверью, его силою вызывают резкое изменение погоды (бурю, дождь, холод и т. п.)

2 аат тыл #

Халлаан сэтэрбит курдук улаханнык уларыйан, дохсун силлиэ, буурҕа түһэн өрө-таҥнары ытыллыыта

Нууччалыы Необычайно сильное проявление бури, непогоды

  • Буурҕа, холорук ытыйбытын курдук Буор оргуйбут, Күдэн көппүт, Мас барчаламмыт, Сата турбут, Сапсык буолбут.
    П. Ойуунускай
  • Тоҕус холорук доҕуһуоллаах, аҕыс сата аргыстаах, -- ат атаҕын тыаһа өрө тибийэн, үтүгэн аартык айаҕар ньиргийэн кэлэн баран, хорус гына тохтуур
    Суорун Омоллоон
  • Балаҕан барыкка тимирэн, Халҕана "хаахыр" диэн хаалбыта, Барбыт дьон суолларын тибиинэн Хахсааттаах сата тыал саппыта.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Уонунан этиҥнэр Охсулларын санатар Уолусхан сата тыаһым Улам-улам Уларыйан киирэн барда, Оччоото, намыраата
    П. Тобуруокап

3 аат тыл #

Улахан хабараан охсуһуу, кыргыһыы

Нууччалыы Жестокий бой, кровавое сражение

  • Эмиэ сэрии силлиэрдэ, Эмиэ сата тардылынна.
    Күннүк Уурастыырап
  • Днепр арҕаа эҥээригэр Дирбиэн сата тыаһаата. Кыайыы тимир тибиитэ Өстөөх үөрүн кыйдаата
    И. Чаҕылҕан

4 аат тыл #

Туох эмэ үлүскэннээх күүрээнэ, күүһэ

Нууччалыы Неослабевающая сила чего л. (напр., какого л. чувства)

  • Кырдьык кыайыылаах сатата, Сырдык сытыы ыҥырыыта, Саҥа олох киэҥ хардыыта Биһигини араарбыта.
    С. Данилов
  • Саргылаах санаам кыната, Сахалыы ырам сатата Эйиигин кытта буолуоҕа, Эйиигин арчылыы туруоҕа.
    М. Ефимов
  • Кини нуучча өйүн-санаатын сататын албын суолунан тохтотуо суоҕа
    П. Филиппов

5 даҕааһын #

суолт. Сата курдук күүстээх (тыал); саталанар, күүстээх тыалланар (хол., туох эмэ көтөр албастаах кыната)

Нууччалыы Свирепый (о ветре); свирепствующий сильным ветром (напр., о крыльях магических сил). [Кыһыл Ойуун:] Кырыыстаах сата кынаттаах Кыһыл Ойуун улуу дьаалы Хааннаах далай ытыспынан Хара норуот хараҕын аһан, Көрбөт хараҕын көрдөрөн Көҥүлүн уотун уматыам дуо?!

6 этии #

Нууччалыы Стать поводом к раздору, скандалу

  • Сата баһын тарт - 1) тугунан эмэ улахан иирээн, айдаан тахсарыгар сылтах буол Саҥардаххына сата баһын тардыаҥ турар. Болот Боотур; 2) улахан айдааны тарт, иирээни таһаар. Θ Поднимать большой шум, сеять раздор, устраивать скандал. Сатаабат сата баһын тардар (өс хоһ.). – Оо, абаккам… ол хара түүлээх субайы тиэрэ биэрбит киһи, баччатааҕы киһиэхэ ас да бөҕө буолуох этэ… – Кэбиһиий, доҕоор, сата баһын тартаҕыҥ дьэ ол дии.
    ХС
  • Сата буурай - дохсун сата, дохсун силлиэ; саталаах дохсун охсуһуу, кыргыһыы. Θ Буря огромной силы; свирепое сражение, жестокий бой. Сата буурай түһэн Сатыылаан турбутугар: "Өстөөҕү сүүһүн тэһэр Үтүөкэннээх снайпер!.. " дэппиккин Үөрэн даҕаны истибиппит, Үс бүк үрдээбиппит.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Сата буурай быыһыгар сааллар чаҕылҕан уоттара сапсыйдылар. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • Сата таас - сата 1. 1 диэн курдук. [Ап-Чарай:] Ээй-ээ, били ини-биилэр иһээхтииллэр эбит. Олоруохтааҕар кинилэри муодалыам буоллаҕа, сата тааһым сатаны түһэрээ ини.
    И. Гоголев
  • Ср. др. -тюрк. йат ‘колдовство, волшебство, связанное с вызыванием дождя и ветра’, сата ‘коралл’, тюрк. йада, йада-таш ‘магический камень, силою которого вызывают выпадение и прекращение дождя и снега’, бур. зада ‘ненастье, дождливая погода’, монг. дьада ‘безоар для вызывания ветра и дождя’

«С» буукуба