ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сатаа

туохтуур

Нууччалыы банка; мочь; уметь

English can, to be able to, to know how to

Ис хоһооно · 15

1 туохтуур #

Нууччалыы банка; мочь; уметь

English can, to be able to, to know how to

  • кини барыны сатыыр
    он всё умеетhe can do it all
  • итини сатыам суоҕа
    я не могу это сделатьI can't do this

2 туохтуур #

Тугу эмэ оҥоро үөрүйэх буол, сөпкө, таба оҥор, быһаар

Нууччалыы Обладать способностью к чему-л., находить верное решение чего л., уметь

  • Ыл, тукаам, сатаан кэпсиир киһи кэпсээн биэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини сүр мындыр, тугу барытын сатыыр.
    Болот Боотур
  • Хотугу муора кытылыгар үөскээбэтэх киһи маннык тумаҥҥа түбэстэҕинэ сатаан айанныыра саарбах.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
  • Кини, аны санаатахха, оҕо санаатын сатаан тутар үчүгэй педагог эбит
    Суорун Омоллоон
  • Тогойкин, дьиҥэ, хайа үрдүгэр тахсыан баҕаран, сылтах була сатыыр быһыылаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини төрүт даҕаны дьон иннигэр түһэ сатыыр идэтэ суоҕа. Софр. Данилов. Оҕолор охто сытар киһини өйөөн туруора сатыыллар
    Н. Якутскай

3 туохтуур #

Бэйэҥ тускар тугу эмэ тап, барыстааҕын, сүүйүүлээҕин бул

Нууччалыы Находить выигрышный для себя путь, способ в осуществлении чего-л., уметь добывать себе выгоду

  • "Хамыһаар" ойоҕо сатаабыт [кырыыса уутугар иһит тоһуйан], биһиги курдук биир уһааччык ууга уон солкуобайы кутан биэриэ дуо?
    Дьүөгэ Ааныстыырап
  • Быйыл өрүһүнэн таһаҕас кэлэ сатаата. Ыһыах аһын аһыы сатаатыбыт.
  • [Дьаакып:] Эдэр бэйэм кырдьыахпар диэри үлэлии сатаатым да, байбатым.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (2)
  • [Күөх Көппө] саас хойут баҕайы, -- отут муунта бурдугу бу ыспыта. Онтуката, ардахтаах дьыл буолан, син тахса сатаабыт эбит дии.
    Суорун Омоллоон
  • Научнай да өттүнэн - хааччыйа сатаабыттара - үлэ саҕаламмытын иккис сылыгар номнуо наука түөрт хандьыдаата баар буолбута
    В. Яковлев

4 туохтуур #

Үөрэнэн хаалбыт хайыыр эрэ идэлээх буол (хол., үгүстүк күлэр, саҥарыа да суохха саҥарар уо. д. а.)

Нууччалыы Отличаться способностью (напр., смеяться, говорить много)

  • Күлэн сыһыгыратары кини уруккуттан сатыыр
  • Туох эмэ туһунан санаалаах, өйдөбүллээх буол (үксүгэр урут сыһ. туохт. ф-гар буолб. ф-лаах туохт. кытта ситимнэһэн төттөрү суолтаҕа тут-лар). Θ Иметь представления о чём-л., знать, понимать что-л. (большей частью употр. в ф. деепр. на -ан в сочет. с отриц. гл. и имеет отриц. знач.). Хайгыыр, сөпсүүр, сэргиир диэни Хаһан даҕаны сатаабат.
    Күннүк Уурастыырап
  • Оттон Ньургууна тоҕо эрэ ордук курус. Сатаан үөрбэт, дьолу билбэт буоллаҕа дуу?
    А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (4)
  • Махтанары сатыыр киһи Сатаан төлүүр ытык иэһин
    И. Гоголев
  • Үс нүөмэрдээх трамвай -- кэллэ. Дьон, туола сатаан баран, киирэр аан тула иилистибиттэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Муус, өрүс хаатыгар кыайан баппакка, булчуттар сытар арыыларын анныгар кэлэн симиллэ сатаан-сатаан баран, барбат да, кэлбэт да буола харан хаалбыт.
    Н. Заболоцкай
  • [Холкуостаахтар] бурдук өлгөм дохуотун үллэстэн, -- сэлиэһинэй алаадьытын кырыытынан "хаалыы" сатаан баран салтылар
    М. Доҕордуурап

5 туохтуур #

Кэрэйимэ, кэрэйэ санаабакка оҥор (куһаҕаны, саарбаҕы)

Нууччалыы Быть способным на дурные поступки

  • Халыыры, охсуһары, арыгылыыры сатыыр киһи. Өстөөх өлөрөрү-өһөрөрү эрэ сатыыр.
  • Оччотооҕу бириискэлэр илэчиискэлэрэ тугу оҥороллорун барытын оҥороро, тугу сатыылларын барытын сатыыра
    Л. Попов
  • Олоро сатаан баайыы баайабын. Сыта сатаан буолары-буолбаты кэпсэтэбит.
Өссө холобурдар (2)
  • [Баһылай:] Биһиги тоҕо өр буолла диэн күүтэ сатыы олоробут ээ.
    А. Софронов
  • Тэһийэ сатаан сорох дьон аһыыр, сорохтор кэл да бар буолаллар, дьахталлар таһаҕастарын маныыллар
    Н. Габышев

6 туохтуур #

Кыайан оҥорор кыахтаах буол; кыаллар кыахтаах буол (сүнньүнэн урут сыһ. туохт. ф-тыгар буолб. ф-лаах туохт. кытта ситимнэһэн төттөрү суолтаҕа тут-лар)

Нууччалыы Быть в состоянии, мочь сделать что-л. (о человеке и живых существах), быть исполнимым, возможным (о каком-л. деле; в основном употр. в ф. деепр. на -ан в сочет. с отриц. гл. и имеет отриц. знач.). [Уоһук:] Эчи, кини ол курдук быһыыланар буоллаҕына, биһигинньиктэр сатаан да ыал буолуохпут суох

7 туохтуур #

Буолбат формаҕа "сүгүннээмэ, сүгүн гыныма" диэн суолтаҕа туттуллар

Нууччалыы В отрицательной форме употребляется в значении “неотступно беспокоить кого-что-л. чем-л., не давать кому-л. житья, покою”

  • Бу киһи миигин сатаамаары гынна. Дьону сатаабаккатыгар тиийдигит.
  • Саанар сурахтаахтара. Сатаамаары гыннахтара. Албыннаһан көрүөх баҕайы дуу
    Айталын

8 туохтуур #

Билиҥҥи кэмнээх аат туохтуур туттуу түһүгэр буолуу сыһыатын суолтатыгар "төһө табарбынан (табаргынан, табарынан...)" диэн өйдөбүллээх туттуллар

Нууччалыы В форме орудного падежа причастия настоящего времени употребляется в функции наречия образа действия со значением "как умею (умеешь, умеет...)"

  • Микиитэ төһө сатыырынан кэпсээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьон бары кыратыттан улаханыгар тиийэ түбүнэн тахсаллар ээ -- ким төһө сатыырынан, ким төһө күүһэ кыайарынан.
    Н. Заболоцкай
  • [Атыыһыттар] төһө сатыылларынан бу тууһу хостотон атыыга таһаараллара
    И. Данилов

9 туохтуур #

көмө туохт. суолт

10 туохтуур #

Туох эмэ кыаллан биэрбэти, туолбаты оҥорорго сорунан көрөрү ыйар

Нууччалыы Выражает попытку совершить действие, выраженное деепричастием на -а. [Кулаковскай] киһи, уопсастыба олоҕор тыл суолтата олус улаханын биһиэхэ өйдөтө сатыыра

11 туохтуур #

Туох эмэ сөбүн элбэхтик, лаппа толорутук оҥоһуллубутун бэлиэтиир

Нууччалыы Выражает, что действие, выраженное деепричастием осуществлено в достаточно полной мере

12 туохтуур #

баран диэн тылы кытта туттулуннаҕына тугу эмэ оҥоруу аһара барбытын, наһаатыгар тиийбитин бэлиэтиир

Нууччалыы В сочетании со словом баран, обозначает, что действие, выраженное деепричастием, произведено в чрезмерной степени, достигло предела

13 туохтуур #

сыта, олоро, көһүтэ, истэ курдук тэҥҥэ сыһыат туохтуурдары кытта урут сыһыат туохтуур форматыгар ситимнэһэн, тугу эмэ гынартан салгыыны бэлиэтиир

Нууччалыы Сочетаясь с деепричастиями на -а, ыы типа сыта, олоро, көһүтэ, истэ в форме деепричастия на -ан (сатаан) показывает, что исполнение действия наскучило, надоело кому-л

14 этии #

Нууччалыы Относиться предвзято к кому-чему-л., быть пристрастным к кому-л

  • Көрө сатаа кэпс. - кими-тугу эмэ абааһы көр, хараххын ааллар Эн миигин көрө сатыыгын быһыылаах, наар миигиттэн иҥнэҕин.
  • [Кэтириис:] Ол мин биир ынахпын көрө сатаатаххына, хайыыр эбиккин! - [Лэкиэс:] Ол эн ынаххын мин эмиэ тоҕо көрө сатаатамый. С. Ефремов

15 этии #

Этиилэр

Аҕала сатыы-сатыы (сатаан) көр аҕал

Бара сатаан

айаҕалыы сатаан диэн курдук.

  • "Аккаастанан көрүмүнэ дуу, күрээн хаалбакка дуу?!" - диэн санааҕа түһэр буолла бара сатаан.
    Д. Апросимов

Була (оҥоро) сатаан көр бул

  • Архытыактар да быһыытынан сүрдээх сэмэй, судургу, була сатаан уустугурдуута суох бырайыактары оҥортуур.
    Н. Лугинов
  • Була сатаан мөҕөҕүт диир.
    П. Егоров
Өссө холобурдар (2)
  • [Испэктээккэ] наадата суох дэтээллэр суохтар. Оҥоро сатаан оонньооһун эмиэ суох. А
    Ү. Ср
  • тув. шыдаар, с. -юг. чыта, бур. шадаха, монг. чадах ‘мочь, быть в состоянии, уметь’, хак. сыда ‘терпеть; быть в состоянии что-л. сделать; осилить, побороть’, алт. чыда ‘терпеть, выдерживать, выносить; быть в состоянии что-л. сделать, справляться’

«С» буукуба