ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бул

туохтуур

Нууччалыы отыскивать, обнаруживать, приобретать то, что нужно, потребно для использования, а также находить. то, что исчезло или пропало; Сыарҕабыт быата быстан хаалла

English to find, to locate

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Туохха эмэ туһанарга наада буолбуту, сүппүтү көрдөөн таба түс, сит, баар гын эбэтэр таба көр

Нууччалыы Отыскивать, обнаруживать, приобретать то, что нужно, потребно для использования, а также находить. то, что исчезло или пропало; Сыарҕабыт быата быстан хаалла

  • Сыарҕа быатын бул эрэ, нохоо, -диэтэ Тоокуй.
    Күндэ
  • Хантан эмэттэн от булларбын диэн, күрүөнү тула кэрийэн көрдө да, бүтүн сыа хаартан ураты туох да үктэммэтэх.
    Н. Заболоцкай
  • Гурьянов биһикки сарсын сытар саҥа позициябытын булан бэлэмнии бардыбыт.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (31)
  • Петя “Саҥа олоҕу айабыт” диэн_ кыһыл тастаах кинигэни булан оҕолорго көрдөрө аҕалбыт.
    Суорун Омоллоон
  • Уол оҥочолоох аргыһы булан, Уҥуор туораары тэриннэ.
    С. Васильев
  • Бу курдук дьүдьэйэн, аһыыры-таҥнары булбакка муҥу көрө сылдьыахтааҕар биһиэхэ оҕо буолуҥ.
    Эрилик Эристиин
  • Бүүкээнниир Ыаһах тугу булбутун барытын Алаа Моҕус аас-туор айаҕар таптайар.
    Саха фольк
  • Сыарҕаҕа чороччу кэлгийбит быаларын түмүктэрин булан сүөрэн, Бурхалейы, туруору тардан ылан, _ _ олбуор хаҥас муннугар ампаар дьиэҕэ илдьэн киллэрдилэр.
    Эрилик Эристиин
  • Сүрэҕи уматар ырыаһыт чыычаахтар Ардахтаан ыллаабат буоллулар; Сүөгэйдээх минньигэс тырымныыр тыллаахтар Ах баран саһар сир буллулар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хайа, алмааһы булууһубут дуо?
    Н. Габышев
  • Ол иһэн уулусса ортотуттан булан ыллым испиискэ хаатыттан эрэ мэнэкэ блокноту.
    С. Федоров
  • Омоҕой баай мааны кыыһа _ _ сүтэн хаалбыт. Ону үс сыл тухары көрдүүллэр да булбаттар
    Саха фольк
  • -ан сыһыат туохтуур форматыгар (үксүн хоһулаһан) “куһаҕанын, төттөрүтүн талбыкка дылы” эбэтэр “чуолаан туран, чөкө бааччы” диэн суолталарга туттуллар. Θ В форме деепричастия на -ан употребляется в значении “не надумать ничего лучшего, как”... и в значении “именно”. [Дьаамнаах эмээхсинэ оҕонньорун:] Күтүр өстөөх булан олорбут да сирэ баар ээ. Биһиэхэ саалаах ким баҕарар тойон.
    С. Ефремов
  • [Буҕарҕана:] Алаатыка! Булан-булан таллаххыт көтөр саамай туолката суоҕун.
    Саха фольк
  • Булан-булан барбыт ыалын тиэрэтин.
    Болот Боотур
  • Туох санааттан булан-булан мин сааппыттан уордугут?
    Эрилик Эристиин
  • Туох эмэ наадалааҕы, туһалааҕы таба хаамп. Θ Набредать, наезжать на кого-что-л. нужное, полезное; находить. Икки түүннээх күнү быһа айаннаан, эрэйдэнэн бартыһааннар этэрээттэрин буллум.
    Т. Сметанин
  • Ойуур иһинэн манна кэлэр кыра суолу булан кэллибит.
    С. Ефремов
  • Биирдэ бөтүүк Биһирэмнээх күнүгэр, Чаампы аннынааҕы Чалбах уутун булан, Күөкэҥнии-күөкэҥнии Күлүгүн көрүммүт
    Күннүк Уурастыырап
  • Сорох ураты ситимнэргэ үгэргээһин ис хоһоонноох туттуллар. Θ В некоторых особых оборотах употребляется с ироническим смыслом и соответствует по значению русскому “найти” в выражениях: нашел дурака, нашел, на кого валить вину и т. п. Иллэҥи миигин булан соруйаҕын. Харчы эрэ туһугар сылдьар киһини булбуккун дии.
  • Аччыгы миигин булан аһатан абыраары гыммыккын дии!
    Амма Аччыгыйа
  • Ыт кулаак баалкылаах буолаҥҥын Кимнээҕи куттаары кэлэҕин? Тэпсилгэн киһигин булаҥҥын, Уйбааны сынньаары тииһэҕин?!
    Эрилик Эристиин
  • [Ааныка:] Аны кимнээхпит кэлэн манна чупчуруһар сир булбуттарый?
    С. Ефремов
  • Туох эмэ чугас эбэтэр кэлин доҕоруҥ, олоҕуҥ аргыһа буолуох киһигин түбэһэ көрүс. Θ Встречать где-л. близкого чем-л. к себе человека или своего будущего друга, спутника жизни; находить. Уруубун булбут кэриэтэ Олус үөрдүм бу мантан.
    Баал Хабырыыс
  • Мин сырдык тапталбын, Мин хоһуун хотойбун Булбутум, сэгэрдэр, Бу өрүс биэрэгэр.
    С. Данилов
  • Семен мин бу дойдуга булбут саамай истиҥ, саамай эрэллээх доҕорум этэ. Софр
    Данилов
  • Баартан талан туохха эмэ анаа, тал. Θ Выбирать кого-что-л. для чего-л.; находить. Хонуу көтөрүнүүн, Уу көтөрүнүүн Ордук элбээн мустубуттар, Саҥа тойону булаары Сахсыһан барбыттар
    С. Васильев
  • Тугу эмэ (хол., буруйу) оҥорооччуну тустаан арый, туохха эмэ тустааҕы ый, чопчу быһаар. Θ Устанавливать, выявлять, например виновного в чем-л., определять кого-л. кем-л.; находить. Луха буруйдаахтары булаары муҥнана сатаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Тэрийээччилэри, кигээччилэри булан, эрдэтинэ оскуолаттан үүртэлиэххэ наада. Софр. Данилов. Эһиги холкуоска стахановецтар бу бааллар диэн чорбоччу тутан булар ыарахан буолла
    М. Доҕордуурап
  • Тугу эмэ гынарга бириэмэтэ таһаарын, быыстан; туох эмэ ыккардыгар оҥорон хаал. Θ Уделять между основными делами чему-л. (время); успеть сделать что-л. за какой-л. промежуток времени; находить, успеть. Бириэмэтэ булан бара сылдьаар.
  • Мас мастыах да киһилэрэ суох, Аана бэйэтэ да соло булбат.
    Күндэ
  • Маайыс быыс буллар эрэ хомуһунан оонньуур.
    Амма Аччыгыйа
  • Хайдах да түгэн булан саҥа таһааран хааллахха сатанар.
    Н. Заболоцкай
  • Омуннаах муҥутаан, [омуннаах оҕо] дьиэни аанынан киириэх бокуой булбата быһыылаах. Дьиэлэрин уҥа түннүгүн хааһынан тобулу оҕуста
    П. Ойуунускай

2 туохтуур #

Бэйэҕэр ситис, тигис, түбэс (туох эмэ кэскилгэ эбэтэр, төттөрүтүн, эрэйгэ-муҥҥа)

Нууччалыы Получать, обретать себе (напр., свободу, счастье или, наоборот, какие-л. муки); находить

  • Көҥүлү бул. Сырдык кэскили бул.
  • Бу дьолу, көҥүлү, күн Ийэ дойдуну Буурҕалаах охсуһуу уотугар булбуппут.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бу биир тылы ыпсаран эппэт киһи... Кинини кытта кэпсэтэн да киһи буоссаны булан ылбат киһитэ.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (7)
  • [Хоодуотап:] Онон киһи ханна да баран биһиги холкуоспут иһигэр кырдьыгы булбат.
    С. Ефремов
  • [Далбарай:] Бэйэтэ эрэйи-буруйу була сатыыр
    Н. Неустроев
  • Сорох тардыылаах аат тыллары кытта ситимнэстэҕинэ: “туох эмэ сөптөөх туругу, балаһыанньаны ылын” диэн ис хоһоонноох. Θ В сочетании с некоторыми притяжательными существительными имеет значения: находить себе (нужное место, положение); приходить (в какое-л. состояние, лад); приобретать (то или иное качество). Оннугун бул. Өйгүн-төйгүн бул. Сүһүөххүн бул.
  • [Бадин:] Дорооболоруҥ табаарыстар! Чэ, олоххутун булан олоруҥ.
    С. Ефремов
  • Семен Иванович кэнники кэмнэргэ санаабыт санаата бу киэһэ олоҕун булла.
    Т. Сметанин
  • Ыллыктаах кэпсэтии кэмниэ-кэнэҕэс сүнньүн дьэ булан, үлэ-хамнас ымпыгын-чымпыгын ырыттылар.
    С. Федотов
  • Ийэ буор сирбитигэр, айыллыбыт аан дайдыбытыгар, Силлиэ-буурҕа охторбот, сиҥнэн-охтон биэрбэт Силиспитин үүннэрэн, тирэхпитин буллубут
    П. Ойуунускай

3 туохтуур #

Өйгүнэн тугу эмэ тобул, оҥор, ай

Нууччалыы Придумывать, приобретать что-л. путем размышлений

  • Фашист сыабын хампарытар суолу булла словак уола. Эллэй. Мин оҕо эрдэхпиттэн сүөсүһүт үлэтин чэпчэтэр ханнык эмэ суолу булбут-тобулбут киһи диэн баҕа санаалааҕым.
    Г. Угаров
  • Оту тыраахтарынан кыдамалыыр саҥа ньыманы булан, үлэ таһаарыытын тоҕус төгүл үрдэттилэр.
    И. Данилов
  • Ээ, дьэ, маладьыас! Сөп сылтаҕы булбуккун
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (12)
  • Тугу гынаргын эбэтэр тугу хайдах гынар сөбүн быһааран өйдөө, быһаар. Θ Придумывать, соображать как поступить, как отреагировать на что-л. или принимать решение о чем-л.; находить, решать. Куока тугу гыныан булбата.
    Суорун Омоллоон
  • Макар хайдах да буолуон булбат. Дьүөгэ Ааныстыырап. Соһуйан, өмүттэн хаалбыт дьон, умса-умса күөрэйэ, чачайа сылдьар киһини хайдах быыһыахтарын булбакка, биэрэк устун сырса сырыттылар.
    Н. Заболоцкай
  • Тиэтэйбит омунугар уолчаан итинтэн атын тылы кыайан булан эппэккэ өрүтэ тыына турда. Софр
    Данилов
  • Санаа, өй, толкуй диэн тыллары кытта ситимнэстэҕинэ “тугу эмэ оҥорор санааны ылын” диэн суолталаах. Θ В сочетании со словами санаа, өй, толкуй имеет значение: мысленно решать сделать что-л.; задумывать, надумывать. Хайа, туох буолла? Аны санаа булан баран хаалыа.
    Н. Заболоцкай
  • Соһуччу туох эрэ саҥа толкуйу булбут киһи быһыытынан Мундербек дьорҕойдо: “Ол турар яблокоттан уоран аҕал эрэ”
    Эрилик Эристиин
  • -ан сыһыат туохтуур форматыгар “сатаныа да суоҕу сатаан, тобулан өйдөөн” эбэтэр “сымыйанан оҥоро сатаан” диэн суолталарга туттуллар. Θ В форме деепричастия на -ан употребляется в значении “проявлять необыкновенное умение, сноровку в достижении чего-л. ” и в значении “выдумывать что-л. невероятное, неправдоподобное”. Ол иһин! Кини киһи булан сылдьыахтаах этэ.
    Н. Лугинов
  • [Иван Степанович:] Бэл, кини ытылла тахсан баран, ыксаабакка, сатаан булан куоппута.
    С. Ефремов
  • Эҥсэн дириҥ номохтоохтук_ _Оҕонньорбут лоп курдук Сатаан булан саҥарар, Саас-сааһынан таһаарар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Итирэн бастара чэпчээбит Кулаактар син булан этэллэр: “Биһигини олоҕу түстээбит Дьоннору, тэйитэн эрэллэр”, - дэһэллэр
    Эрилик Эристиин
  • Төрөөбүт диэн тылы кытта ситимнэһэн “киһи көһүппэтэҕин курдук ойуччу үөскээн” диэн суолтаҕа туттуллар. Θ В сочетании со словом төрөөбүт употребляется в значении “составлять неожиданное исключение” (в унаследовании родительских качеств). Маша майгыта үчүгэйинэн бар дьонугар бэркэ таптатар, кинини Андырыйаантан булан төрөөбүт оҕо дииллэр.
    М. Доҕордуурап
  • Тууһут Ньукулайы даҕаны киһи билэрэ_ _Бэрт сымнаҕас, сытыары киһи этэ. Дьэ оннук киһиттэн булан төрөөбүт оҕо эбит. “
    ХС
  • Тугу эмэ ааҕан-суоттаан эбэтэр ырыҥалаан быһаар. Θ Определять путем вычислений или разбора; находить. Икки чыыһыла сууматын бул. Тыл төрүт олоҕун бул

4 туохтуур #

Кимиэхэ-туохха эмэ туох эмэ баарын арый, көрөн бэлиэтээ, өйдөө

Нууччалыы Замечать, обнаруживать у кого-чего-л. что-л. (напр., недостатки); находить

  • Омсотун бул. Дьиэктэ бул.
  • [Маайа:] Мин сөптөөх алҕастары булан эппитим.
    С. Ефремов
  • Кини сахалартан наар үчүгэй эрэ өттүн көрдүү, була сатыыра.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Уоруйах бастыҥа. Ол эрээри иитээччилэр кинини кыайар, киһи оҥорор уйан өттүн булбуттара
    Н. Заболоцкай

5 туохтуур #

Кими-тугу эмэ кимтэн-туохтан да ордук ордор эбэтэр хайдаҕынан эмэ аах, сыаналаа, ордук сир (сүнньүнэн буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Считать кого-чего-л. каким-л.; находить самым лучшим или самым худшим (употр. в основном в отриц. ф.)

  • Үлэттэн ордук киһи олоҕор улахан суолталааҕы кини булбат.
    Суорун Омоллоон
  • Үтүө-мааны доҕорбор, Үрүҥ көмүс туллукпар Хоту халлаан анныттан Холооннооҕу булбатым
    Баал Хабырыыс

6 туохтуур #

Ханна, туохха эмэ тиийэн кэл, тиий

Нууччалыы Приходить, приезжать к какому-л. месту, достигать чего-л

  • Верхоянскай хребет арҕаһын булуоххар диэри _ _ наар өрө дабайан айанныыгын.
    Н. Заболоцкай
  • Киһи дьоллооҕо эрэ буоллаххына өрүс уҥуоргутун булуоҥ.
    А. Федоров
  • [Нуучча норуота] Саха омугу саргылыыр санаанан Өлүөнэ биэрэгин булбутуҥ
    Эллэй
Өссө холобурдар (14)
  • Ханна, туохха эмэ эрэйинэн нэһиилэ тиий. Θ С большим трудом добираться до какого-л. места, предмета; добредать, доходить. Сүүс миэтэрэ сиргэ уҥа-уҥа түүннээх күн сыылан, сарсыарда күн тахсыыта сонуок саҕатын булбута.
    Суорун Омоллоон
  • Хата, Байыкка, төһө да эр киһи аатырдар, бэрт өр астаһан оҕус арҕаһын булла уонна оҕуһун уу диэки салайан кэбистэ.
    Н. Заболоцкай
  • Хонук сирбин араччы буллум
    Амма Аччыгыйа
  • Ханна, туохха эмэ киир, киирэн бүк; тиий. Θ Забираться, забиваться куда-л., прячясь от чего-л. или для покоя; падая, опускаясь, достигать чего-л. Хорооҥҥун бул. Муннугу бул. Уу түгэҕин бул.
  • Дьиэлээх дьахталлар, бөрүкүтэ суох быһыы тахсан эрэрин билэннэр,_ _ хаҥас диэки хоһу буллулар.
    И. Никифоров
  • Өйдөөх кыыл [эһэ], кинилэр ууларын алдьатыан баҕарбакка, тыатын булбут.
    Н. Заболоцкай
  • Тойонноро киирбититтэн чаҕыйбыт хамначчыттар муҥур орохторун-ороннорун буллулар
    М. Доҕордуурап
  • Ханна эмэ таба бар, (суолгуттан) мунума. Θ Правильно выбирать, находить (дорогу куда-л.), не сбиваться (с пути); находить. Суолу бул. Отчуттарыгар суолун булан тиийэр дуу, суох дуу.
  • Ханнык да тумаҥҥа суолу булуоҕум, Сирдьит буолуоҕа чуорааннаах ньуоҕу.
    Н. Тарабукин
  • Ол үрэҕи булан барар киһи аны биһиэхэ суох
    Амма Аччыгыйа
  • Туох эмэ бүтэр уһугун муҥурдаа, муҥурун бул. Θ Достигать, видеть конец, крайний предел чего-л.; находить, видеть. Муҥурун бул.
  • Хотойдуу көтө күөрэй, Дайбан түрбүү кынаккын - Бу сир хайдах бүтүөҕэй?! Суох, булбаккын кыраайын!
    П. Тобуруокап
  • Урукку мин дьонум уһугун булбатах Улууһум быыстарын уҥуордаан туорааммын_ _ Дьокуускай куоракка үөрэнэ киирбитим.
    Күннүк Уурастыырап
  • Бу аатырар ат сэлиитин муҥурун булаары хаста да чупчуруйталаан көрдө да, ата сэлиитин өссө эбэн биэрдэ
    Эрилик Эристиин

7 туохтуур #

Ханна эмэ кэлэн олохсуй, сырыт; кимнээх эмэ кэккэлэригэр киир, кытын

Нууччалыы Приходить, появляться где-л. как к месту пристанища или кормежки (напр., о хищниках и вредителях)

  • Биһиги нэһилиэги бөрө булла. Бурдугу аһыҥа булбут.
  • Мин тылланан бу пиэрмэни булбутум.
    П. Тобуруокап
  • [Нүһэр Дархан:] Былыр эр соҕотох Эллэй Боотур_ _ Хоро сириттэн кэлэн бу Эбэ хотун дьоллоох добун буорун булбута.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (5)
  • Эн, хотой аймаҕар холбоһон, Хомсомуол кэккэтин булбутуҥ, - Бу олох кыайыытын барҕардар Бойобуой кыһаҕа буспутуҥ
    Күннүк Уурастыырап
  • Үгүстүк кими эмэ абааһы көрөн үөхсүү курдук туттуллар. Θ Часто употребляется для выражения негодования по поводу чьего-л. прихода, обращения к кому-л. с чем-л. [Уоһук:] Доҕоор, бу эн хайдах буолбут киһи биһигини буллуҥ?
    Н. Неустроев
  • Бу улууһу булуохтарыттан мин куһаҕан дьон буллулар диэн этэ сатаабытым
    Эрилик Эристиин
  • Киһини мээнэ тугунан эмэ тыыт, сүгүннээмэ. Θ Приставать к кому-л. с оскорблениями, руганью, преследовать кого-л. оскорблениями. [Баһылай:] Киһини тыыппакка, булбакка сүгүн олорбот ээ.
    А. Софронов
  • [Петя:] Туох муода киһигиний? Соруйан булаҕын дуу, тугуй?
    С. Ефремов

8 туохтуур #

Кими-тугу эмэ тап, буулаа, тигис (туох эмэ куһаҕан туһунан)

Нууччалыы Находить на кого-л. (о болезни, несчастье и т. п.)

  • Улахан кыһалҕа булла. Арахпат ыарыы булбут.
  • Кырдьар кырыыс кыпчыйдаҕына, Сорсуйар муҥ буллаҕына, _ _ Көхтөөхтүк, күргүөмүнэн Көрүлээхтээн сылдьыбыппыт Күндү-күндү эбит буолаарай.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Маанылары батыста, _ _ Билээччини билистэ, Дьадаҥыны сатыылатта, Умнаһыты булла бу астара [арыгы]. Саха нар. ыр. II. Миигин буомба биитэр мэник Буулдьа да булуо илик.
    А. Твардовскай
Өссө холобурдар (3)
  • Була сатаан, була сатыы-сатыы - дьиҥэ-кырдьыга суоҕу баар курдук оҥорон, өйтөн ылан. Θ Путем выдумок, измышлений (выдумывать, измышлять то, чего на самом деле нет, чего не было). [Ойуунускай] оҥоро сатаан, була сатаан, суруйаары эрэ суруйбат этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Анна Андреевнам_ _ була сатыы-сатыы хайгыыр. Софр. Данилов. [Солко:] Куһаҕан дьон син бааллар, холобура, була сатыы-сатыы кириитикэлээбитэ буолааччылар.
    С. Ефремов
  • Тюрк. бул

9 этии #

Нууччалыы Приходить в сильное замешательство, растерянность перед какой-л. неприятностью, опасностью

  • Барыах-кэлиэх сиргин булума - туох эмэ кутталга эбэтэр кыбыстыыга киирэн, улаханнык ыгылый, тугу оҥоруоххун булума Дьиэ иһинээҕи дьон бары, тойон кыыһырбытын көрөн, кутталларыгар барыах-кэлиэх сирдэрин булбакка, биир сиргэ буллугунаһан хаалбыттара.
    Эрилик Эристиин
  • Биир уопсай тылы бул - кими эмэ кытта тугу эмэ быһаарсан сөбүлэс, тыл-тылга киирис. Θ Достигать согласия с кем-л. о чем-л., находить общий язык в чем-л. Кыра эрдэҕиттэн араас уопсастыбананй үлэҕэ эриллибит буолан, дьонун-сэргэтин кытта биир тылы булан үлэлиир. ПДИ КК. Булбута эрэ муннун анныгар - бэйэтин киэниттэн атын дьоҥҥо биэрэр, үтүөлэһэр диэни билбэт. Θ (У него) не в привычку отдавать другому что-л. от своего (о скупом человеке или человеке с замкнутой жизнью). Буор балаҕаммытыгар, Муҥур олохпутугар, Булбуппутун эрэ Муннубут анныгар баттаан, Бүгэн олорбуппутун_ _ Буруйдуу санаатым.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Сүһүөххүн бул - дьон тэҥэ сит-хот, киһи буол. Θ Обретать силы для самостоятельной жизни, выбиваться в люди. Бу ыалга иитиллэн, мин киһи буолбутум, Сүһүөхпүн булбутум, атахпар турбутум.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (2)
  • Сүтэрбиккин бул - уһуннук суохтуу, ахта сылдьыбыккын көрүс, түбэс. Θ Встречать, находить кого-что-л. долгожданного. Уол дьэ көрбөтөҕүн көрөн, сүтэрбитин булан [кыыһы көрөн], сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээтэ, атаҕа сири билбэт буолла.
    П. Филиппов
  • Тэҥнээххин булума - туохха эмэ уһулуччу кыайыылаах, сатабыллаах буол. Θ Быть особенно сильным, умелым, не находить себе равного в каком-л. деле. [Туллук] Илим да баайар, бэл тууну өрөр, Тимиринэн, маһынан арааһы уһанар, Күүстээх үлэҕэ бэл тэҥнээҕин булбат. И. Гоголев

«Б» буукуба