Перевод с якутского
ыл
туохтуур, тыл
Нууччалыы брать в руки, хватать что-л
English to take
Ис хоһооно · 33
1 туохтуур #
Тугу эмэ илиигинэн тутан бэйэҥ өттүгэр илт, бэйэҕэр илдьин, уурун
Нууччалыы Брать в руки, хватать что-л
Иитиэх уол үөттүрэҕи ылан баран ааҥҥа турар. Н. Неустроев Ымсыыран, харбаан ылаары [мундуну] сарбас гына түспүтүм, уу тыаһа булдьугур-балдьыгыр гынна.
П. Ойуунускай[Көстөкүүн] сүүрэн тиийэн сүгэни ылан хатыылаах дьааһыгы үлтү-хампы сынньан эрдэҕинэ, ойоҕо эрин моонньугар эриллэ түстэ
Күндэ
Өссө холобурдар (3)
Сүүрэн ыл. Бүдүрүйэн ылла. Сынньанан ыл. Кыыс бүк түһэн олорон, аргыый тарбахтарын хамсатан ылбыта. Н. Заболоцкай Кини аҕатын санаат, мичээрдээн ылла М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Тугу эмэ бас бил, бэйэҥ киэнэ гын
Нууччалыы Приобретать, получать в обладание
Убайа оҕонньор Харытыананан эргинэн, кинини манна илии-атах оҥостон, сир ылаары гынар.
П. Ойуунускай– Чэ-чэ, саҥарыма, эмиэ саҥаран киирэн барда эбээт, ол кыбыыгын аны кэлэн төттөрү ылыаҥ суоҕа, – диир ойоҕо.
КүндэБу үчүгэй ыт тахсыах ыта сылдьар эбит. Үтүрүм-хатырым туппакка, маанылаан иитиҥ. Эбэтэр миэхэ аҕалыҥ, – диэн Куутук мичээрдии олорбута. Ону Надя улгум үлүгэрдик: "Ыыл-ыл. Билигин да илдьэ бар", – диэбитэ Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (3)
Ситэн ыл. Ойо охсон ылла. Киһи илиитэ, дорообо биэрэр быһыынан уун-утары ууммута, илиититтэн сулбу тардан ылбыта, атаҕар туруорбута. Суорун Омооллоон. Тойон кыайан испэтэх арыгытын тобоҕо курууска түгэҕигэр хаалбытын ылан биэрдэ уонна кэннин хайыһан көрдө. Эрилик Эристиин Ийэм инчэҕэй этэрбэспин уһулу тардан ылан, көхсүбүн сабырҕатар. Н. Тарабукин (тылб.)
3 туохтуур #
Бэйэҕэр тугу эмэ булун; атыылас
Нууччалыы Брать, получать что-л. у кого-л.; покупать что-л
Килиэптэ ылан кэлээр. Оттон эн [оҕуһу] хаска ылаары гынаҕын? Баттаабакка сыаналаан ыллаҕыҥ дии. Эрилик Эристиин [Уйбаан:] Билигин от үлэтигэр дьоммут аҥаарын эмиэ ылыахтара, оччоҕо биэс-түөрт эрэ буолан хаалабыт. С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
Чэ, хата, ыалтан оҕустаах сыарҕата уларсан, ааттаһан-көрдөһөн, отто ылан аҕал, – диэбит МНН
4 туохтуур #
Ирдээн туран төлөт (хол., нолуогу)
Нууччалыы Взыскивать, взимать
Нолуокта ыл. Иэскин ылан кэлээр. Ыстыраабын ыл. Кулуба биһикки, хата, иэспитин ылан баран, атаарар барахсаттарбыт. Үс оруосканан таһыйыахпыт үһү. Үс сүүстэ охсуохпут үһү.
Суорун ОмоллоонИкки төгүллээн алта мөһөөх солкуобайы ыстараабар ылан баран мэлдьэһэн кэбиспит, иккиһин ирдээн ылаары тэринэн эрэр үһү
Күндэ
5 туохтуур #
Бэйэҕин кытта илдьэ бар
Нууччалыы Уносить, увозить с собой
Үлэбин дьиэбэр ыллым. Бүөтүр улахан уолун ылан, төрдүө буолан тайахтыы бардылар. Арахсыы суолга куоластаабытыгар биир массыына ылан барда. Биир уолу доҕор ылан, -- олус эрэйдээхтик айаннаатарбыт да, байыаннай сорудаҕы толорбуппут. ГСС. Биир буомбалааһыҥҥа мин түөспэр иилинэ сылдьар бүнүөкүлбүн, полушубогум уолугун оскуолак ылан ааста ХС
6 туохтуур #
Бэйэҕэр быстах туһанарга анаан харчыга тугу эмэ наймылас
Нууччалыы Брать во временное пользование за плату, нанимать кого-что-л
Таксита ыл. Биллэриинэн куруусчутта ыл. Атта эттэһэн ыл
7 туохтуур #
Кими, тугу эмэ күүскүнэн баһылаа, бас бэриннэр, сэриинэн кыай
Нууччалыы Захватить, завоевать кого-что-л
Иркутскайга былааһы ороспуонньуктар ылбыттар. Тайҕа улууһун бандьыыттар ылаллар. Амма Аччыгыйа Румыннар 1918 сыллаахха Бессарабияны күүстэринэн былдьаан ылбыттара. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
Берлини биһиэттэрэ ыллылар! Т. Сметанин Саба түһэн күүскүнэн тутан аҕал. Θ Поймать кого-л. Уонча ньиэмэһи билиэн ылбыттар. Дьэ, арай биирдэ "тыл" ыла барар. Ол күн ньиэмэстэр үс-түөрт төгүл атаакалаан баран төттөрү оҕустарбыттар Т. Сметанин
8 туохтуур #
Сир анныттан хостоо (туһалаах баайдары)
Нууччалыы Извлечь откуда-л. (напр., о полезных ископаемых)
Старателлэр бу үрэхтэн быйыл балачча элбэх көмүһү ыллылар. Алдан көмүсчүттэрэ быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх көмүһү ыллылар
9 туохтуур #
ан эмэ (хол., ньиэптэн) атын хаачыстыбалаах тугу эмэ (хол., бэнсиини) оҥорон таһаар
Нууччалыы Из чего-л. (напр., нефти) произвести нечто, качественно совершенно другое, переработать (напр., бензин)
Таас чохтон коксаны ылаллар. Биһиэхэ ньиэптэн бэнсиини ылар собуоту тутуохха наада
10 туохтуур #
Тугу эмэ үүннэрэн эбэтэр оҥорон таһаар
Нууччалыы Выращивать или производить что-л
Биһиги гааттан уон биир сэнтиниэри ыллахпыт сыл, кинилэр [Калинин аатынан холкуос] сэттэ-аҕыс сэнтиниэри ылаллар. Эрилик Эристиин Биһиги биригээдэлэрбит солооһун сиртэн ортотунан хас биирдии гаатыттан сүүс алта уоннуу буут бурдугу ыллылар. М. Доҕордуурап Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ араас көрүҥнээх бурдук аһы оҥорон ылан, нэһилиэнньэҕэ хамаҕатык атыылыыр Кыым
11 туохтуур #
Кими эмэ ханна эмэ киллэр (хол., үөрэххэ, үлэҕэ), туох эмэ оҥор
Нууччалыы Принимать кого-л. куда-л. (напр., на учёбу, работу)
"Бассабыык баартыйа – үчүгэй баартыйа, -- ылаллара буоллар мин бэйэм да киириэм этэ", – диэтэ.
П. ОйуунускайМанна "Холбостон" кэлэн үөрэнэ сылдьар дьону билистим, кинилэр миигин куоракка үлэҕэ ылыах буоллулар М. Доҕордуурап
12 туохтуур #
ойохтон, ойох ыл диэн курдук. Уолуҥ кими ылбытый? Нуучча кыыһын ылбыт. [Баай Байбал – Балыксыкка:] Эн оҕоҕун, Марыыҥканы, Бассабыык Баһылай ылаары гынар дииллэр, ол, мин санаабар, сыыһаҕа дылы. П. Ойуунускай
13 туохтуур #
Мөлтөт, ахсат (хол., киһи күүһүн, сэниэтин) эбэтэр бириэмэтин бараа (туох эмэ үлэ туһунан)
Нууччалыы Забирать (напр., силы), занимать (напр., время)
Буор хаһыыта киһи сыратын ылар. Дьиэ тутуута элбэх эрэйбин ылла. Хас да күммүн ылар үлэ буолууһу
14 туохтуур #
Эбиллэн, улаатан киһиэхэ ордук биллэн ис (хол., ыарыыны этэргэ)
Нууччалыы Усиливаться, прогрессировать (напр., о болезни)
Эмтэнэбин да, ыарыым ылан иһэр. Тымныы ыллар ылан истэ
15 туохтуур #
Үөрэтэн, ханнык эмэ түмүктэри оҥор, чинчийэн, уопуттары оҥорон, ханнык эмэ түмүктэргэ кэл
Нууччалыы Вследствие или в ходе чего-л. выработать, получить что-л. (напр., научный результат)
Интэриэһинэй түмүгү ылбыттар. Саха учуонайдара соторутааҕыта көстүбүт уу оҕуһун чинчийэннэр наукаҕа сонун түмүгү ылбыттар
16 туохтуур #
Үрдүк сыанабылга (хол., аакка-суолга, наҕараадаҕа) тиксэргэ сөптөөх, тоҕоостоох буол
Нууччалыы Удостаиваться чего-л., заслужить что-л. (напр., звания)
Эксээмэҥҥэ "5"-һи ыл. Дьоруой албан аатын ылан, Ийэ сиргэр бар дьоҥҥор Иитиллибит ытык иэскин Чиэстээхтик төлөөтүҥ. Күннүк Уурастыырап Стахановец аатын ылыан ылбыт эбит Кыым
17 туохтуур #
Тугу эмэ гынарга, оҥорорго көрдөбүлү толорон эбэтэр сокуонунан, дьон дьүүлүнэн быһаартаран көҥүллэт
Нууччалыы Получать официальное разрешение на что-л
Массыынаны ыытар быраапта ыл. Тайаҕы бултуурга көҥүллэ ыл. Дьахтар аймах биһиги Баттабыллаах олохтон тахсар Бырааппытын ылар күннэрбит Тиийэн кэллэ дэһэллэр. Саха нар. ыр. III. Тыл ылан тырыбынаҕа ойон таҕыстым
П. Ойуунускай
18 туохтуур #
Хантан, кимтэн эмэ тугу эмэ оҥорорго дьаһалла, сорудахта, бирикээстэ тут
Нууччалыы Получать от кого-л. распоряжение, указание, приказ
Ыйыыта ыл. Саллааттар атаакаҕа киирэргэ бирикээс ыллылар. Нэһилиэк баһылыга туох баар күүһү уоту умуорурууга быраҕарга ыйыы ылла. Бэһиэ буолан туспа сорудах ылан бардыбыт Т. Сметанин
19 туохтуур #
Саба халый, тарҕан (хол., үрэх, өрүс уутун этэргэ)
Нууччалыы Занимать, заполнять что-л. (напр., о реке)
Түҥкүр [үрэх аата] икки хара тыатын саҕатынан ылан турара. С. Тумат Силээннээххэ сайыҥҥы уу кэлэн, хаатын толору ылан турара. ХС Өлүөнэ уута икки хаатынан ылан сытар, сүүрүгэ күүстээх Чолбон
Өссө холобурдар (2)
Төһө эрэ иэннээх сири, миэстэни былдьаа, сабардаа. Θ Составлять часть чего-л. [Ходулов оонньуур оруола] сорох түбэлтэҕэ ол айымньы бүтүн аҥаарын да кэриҥин ылааччы.
Суорун ОмоллоонСэрии иннинээҕи 1940 сылга ыһыы 11,9 эрэ бырыһыанын ылбыт эбиэс, 17,6 бырыһыанын ылбыт ньэчимиэн "бааһына хаһаайыннара" буоллулар П. Егоров
20 туохтуур #
Кими-тугу эмэ туох эмэ иһигэр киллэр, батар
Нууччалыы Принимать, размещать кого-что-л
Улуус киинин гостиницата кыра, сүүрбэ эрэ киһини ылар. Оптуобуспут сүүрбэ түөрт киһини ылар, атыттар хаалаҕыт. Оройуон киинигэр диэри уон сэттэ киһини ылар чешскэй сөмөлүөт түөрт уон мүнүүтэ эрэ көтөр Далан
21 туохтуур #
Ыарый, ханнык эмэ ыарыыттан сыһын
Нууччалыы Проникать в кого-что-л. (напр., о вирусном заболевании)
Сүһүөх ыарыыта киириэн иннинэ, киһини үксүн ангыына, кириип, скарлатина эбэтэр атын сыстыганнаах ыарыы ылар АВД РОХ
22 туохтуур #
Төһө эрэ уоннуулаах (төгүрүк уонунан ааҕыллар) сааскыттан көҕүрэт, алдьат (хол., сэттэ уоҥҥун толору туолан аҕыс уоҥҥар үктэннэххинэ эбэтэр аҕыс уоҥҥуттан төһөтүн эрэ көҕүрэттэххинэ)
Нууччалыы Разменять (какой-то десяток – о возрасте)
Биэс уоммуттан ыллым. Сэттэ уоммуттан биирин ыллым. М. Доҕордуурап Билигин аҕыс уоммуттан ыллым, кырдьаҕаспын ХС
23 туохтуур #
Туох эмэ бэлиэ күнү бэлиэтээн атаар
Нууччалыы Отмечать, справлять какую-л. дату
Бырааһынньыгы ыл. Өлбүт киһи хонугун ыл. Кириһиэнньэ таҥараны Харатаайаптаахха ылар буолбута. Н. Якутскай Хоту сир уола мин Сэнэхпин дэнэбин, Алта уон алтабын Аны саас ылабын. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Маай бырааһынньыгын ылан баран, кинилэр икки күн үлэлээбиттэрэ уонна таһаҕастарын эрэһиинэ тыыларга тиэйэн -- биэс-алта килэмиэтири аллара киирбиттэрэ Н. Босиков
24 туохтуур #
Сорох аат тыллары кытта холбоһон: "ол аат тыллар суолталарыгар сөп түбэһэр хайааһыннары оҥор" диэн ситимнэри үөскэтэр
Нууччалыы С некоторыми существительными образует сочетания, которые означают: производить какие-л. действия в соответствии со значением существительного
Болҕомтоҕо ыл. Көмүскэлгэ ыл. Учуокка ыл. [Тэрэнтэй:] Манна – үлэ, оттон онно муҥура биллибэт кэпсэтии лахсыыра. Дьэ, ону мин бэлиэҕэ ыла сылдьабын. Пьесалар. Биир кыргыһыыга кини түөһүгэр баас ылар ХС
25 туохтуур #
көмө туохт. суолт. -ан сыһ. туохт. кытта ситимнэһэн:
26 туохтуур #
Хайааһын кылгастык буоларын көрдөрөр
Нууччалыы В сочет. с деепр. на -ан основного гл. означает: кратковременность действия
27 туохтуур #
Хайааһын ситэритик (толорутук) буоларын көрдөрөр
Нууччалыы Означает результативность действия
28 этии #
ыл – тугунан эмэ сураҕыр, аатыр Биһигини, кырдьаҕас ыанньыксыттары, кыайан аат ылаары чабыланар быһыылаах. М. Доҕордуурап.
Нууччалыы Получать известность, прославиться, стать известным
Этиилэр
Айах ыла аҕа көр айах II
Кини миигиннээҕэр сааһынан айах ыла аҕа этэ уонна, манна төрөөбүт-үөскээбит киһи буолан, бэйэтин нэһилиэгин дьонун билбэхтии түһэр быһыылааҕа. А. Бэрияк
Ахсааҥҥа ыл көр ахсаан
Урукку бандьыыттааһын кыттыылаахтарын туспа ахсааҥҥа ылан, туох сибээстээхтэрин, ханна сылдьалларын билэргэ кыһан. Болот Боотур Өр сылга олорбут кырдьаҕас дьоннору Ол иһин ахсааҥҥа даҕаны ылбаппыт, Кинилэр көрсүбүт сордорун-дьоллорун "Ыаһахтаан" ырыта даҕаны барбаппыт. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
олордон ыл көр олорт. Кинилэр бэрт бөдөҥнүк таптаһаллар. Ол, дьиҥэр, таптал буолбатах, кинилэр үһүө буолан (Силээхтэ Сэмэнниин) байар, оҕонньор үбүн олордон ылар иннигэр сөпсөспүт саайкалар. Н. Заболоцкай
Буксуурга ыл көр буксуур
Олорбуппут сыччах! Эмиэ буксуурга ыла истэҕэ,
диэтэ Агафон Дубцов улаханнык кыһыйан.
М. Шолохов (тылб.).
Буорах сытын ылбыт
сэриигэ кыттыбыт, сэриилэһэргэ үөрүйэхтээх.
Уже бывавший на войне, понюхавший пороху.
Хабырыыс Сталинградка -- буорах сытын ылбыт, буулдьа ыйылыырын, буомба эстэрин истибит, өлөр өлүүнү уу хараҕынан көрбүт дьэбир буойун буолан тиийбитэ. А. Данилов
Иилэ хабан ыл көр иил
"Сөпкө эттиҥ!" – диэн онуоха иилэ хабан ылла Николай Барамыгин. ХС
Илиигэр ылыма көр илии
Хаарты оонньуур этим, ону кистээбэппин, аны хаартыны илиибэр ылыам суоҕа – ыт сиэтин, кулаак буолар -- абытай дьыала.
П. Ойуунускай
Иннин ыл көр илин I
Уон улуус улуу баайдарын үөрбэҕэ үктэппит, чоххо олорпут киһини, бу мин, акаары, иннин ылыам диэн санаа санаммыт бэйэккэм дуу?
П. ОйуунускайКөстөкүүнү айах атан саҥа таһаарбат чааһынан баҕас икки атахтаах иннин ылыа дии санаабаппын. ХС
Иһэ ылыаҕынан (ыларынан)
иһэ уйуоҕунан (уйарынан) диэн курдук (көр ис IV).
Остуолга аата-ахса суох лэппиэскэ, арыы, баахыла элбэх эбит. Онтон иһэ ыларынан симиннэ. Н. Түгүнүүрэп [Харыйа мутукчатын] дабархайын ыраастыыгын уонна оргутан баран иһиҥ төһө ыларынан иһэҕин. С. Федотов
Киһи иилэн ылбатынан (үөҕүс, ыыстаа) көр киһи I
[Аанчык] киһи иилэн ылбатынан Эдьиэйэни, артыал бэрэссэдээтэлэ Ньукулай Арамаанап уолугар Сөдүөккэ сыбыс-сымыйанан күтүрүү-күтүрүү үөхпүтэ-мөхпүтэ. Н. Босиков
Киһи хараҕа ыларынан
харах ыларынан (ыларын тухары) диэн курдук (көр харах).
Киһи хараҕа төһө ыларынан аллараа аар тайҕа көстөр. Н. Якутскай
Көрдөөбүтүн ылла көр көрдөө
Кыыс, көрдөөбүппүн ыллым диэххэ айылаах, ытыыра уурайан, бөтүөхтүү, өрө сыҥа сытта. Болот Боотур
Кыраныыссаны ким кэһиэ
Көрдөөбүтүн ылыа!
– диэтэ. ДГИ СС.
Кыаҕын ыл көр кыах
Бу икки-үс хонук иһигэр оту кыаҕын ылан кээһиэххэ наада. С. Ефремов Үлэһит күүс элбээн, туус собуотун аһан, тэрээһини сааскынан кыаҕын ыллылар. И. Никифоров
Нуорматын ылла көр нуорма
Хара Мааска оҕобун сиэбит, сиэбит! Сиэн баран, умуһахха түспүт. Сымалаҕа буспут, сөп нуорматын ылбыт.
Суорун Омоллоон
Өй ыл көр өй
Ити эн этэргиттэн өй ыллахха, кырдьык даҕаны мээнэ хаптаһыҥҥа суруллубут киһи мэтириэтин таҥарабыт дии-диибит үҥэрбит улахан олуона баҕайы суол эбит. А. Софронов Күрүлгэн чугаһаата. Өй ылан, куормалаан иһэр харыйаны күүһэ баарынан туора аста. ХС
Саас ылар көр саас I
Саас ыллаҕын аайытын Оҕотугар түһэн иһэр, Мэлдьи лиирик, романтик Ыһыы дьоннор элбэхтэр. М. Тимофеев Саас ылан иһэр, доҕоор. Үчүгэй олох боруогар үктэнэн баран, боруогу атыллаан иһирдьэ киирэр кыаллыбат буолаары гынна быһыылаах. ХС
Сир (сирдэ) ыла тур көр сир II
Кэбис, мин барыым. Ыраах барар киһи сир ыла турдахпына ордук буолсу. Н. Якутскай. – Тугуҥ ыарыйда? – диэбитим мин. – Сүрэҕим моһуоктуур. Чэ, кытаат, кытаат, доҕоччуок, сирдэ ыла тур. Мин ситиэҕим. "ХС". Сирэйин ыл кэпс. – сирэйгэ оҕус, сирэйгэ биэр.
соотв. набить морду кому-л. Сэрэн, нохоо! Сирэйгин ылыам.
Ити хатыҥыр уол модьу баҕайы киһини сирэйин ылан кэбистэ. НАГ ЯРФС II.
Сүрэҕэ ылар көр сүрэх I
Уола киниэхэ этэр: "Аҕам, аһаабатыҥ сүрүн. Сүрэҕиҥ ылар туох аһын аһыаҥ этэй?" – диэн. Далан
Сыт ылла көр сыт III
Тайах биһиги диэки уп-уһун баһын ньолотон сыт ылаары олоотоомохтообута. Далан Ыппыт тайах сытын ылан ыркый диэки субуруйа турда. ХС
Сэттэтин ыл көр сэттэ
Тойоммут, уолун көмүскээн, биһигиттэн сэттэбитин ылара буолуо, – Маайа куттанар санаатын этэр. Н. Якутскай Дьорҕоот соҕустара астан матан хаалбыттарын этэн көрбүттэрин сэттэлэрин ыла сыстылар. В. Чиряев
Тиил ыл көр тиил
Биир сайын хап-хара уһун суһуохтаах кыыһы тиил ылан, бэркэ доҕордоспуппут. Ону мин, хата, тиил ылыа суохпун [уолу] – бииргэм тэбэн ыытабын.
Суорун Омоллоон
Тос мааһын (мааскатын) ылла көр тос II
Чэ, бандьыыттар тос маастарын ыллылар быһыылаах. Аны төннүбэт инилэр, уонча эрэ киһи тыыннаах куотта. Болот Боотур [Өстөөх] Сталинградка тос мааһын ылбыт. ДАЛ УуУоО.
Тоһун ылла
тос мааһын (мааскатын) ылла диэн курдук (көр тос II).
Бүгүн баҕас тосторун ылаллара чахчы. Н. Босиков Тоһун ылан, дьэ куотара буолуо диэбиппит, хата, төттөрүтүн, эбии сытайда. Сунтаардар ыл.
Тутан ыл көр тут I
Суут 250 солкуобай ыстараап уурбут уонна атын судаарыстыба туһатыгар тутан ыларга оҥорбут.
КүндэӨссө бокуонньугум иэстээҕэ үһү. Ол иһин кинээһим соҕотох ынахпын тутан ылыах буолар уонна ханан киһи буолуохпунуй? М. Доҕордуурап
Тылла ыл
мунньаҕы салайар киһиттэн тыл этэргэ көҥүллэт.
Брать слово.
Кыратык кэтэҕэмэйдээн көрөн баран, төһө да толуннарбын, Никифор тылыттан кыһыйбытым-кыдьыгырбытым бэрт буолан – титирии-титириибин тыл ылан, түрүбүүнэҕэ ойон таҕыстым.
П. Ойуунускай
Тылын ыл
сөбүлэһиннэр, эрэбил тылын бэрдэр.
Получать чьё-л. согласие; заручаться чьей-л. поддержкой.
Арай, аҕам тылын хайаан да бүгүн ыллахпына сөп буолсу.
Суорун Омоллоон[Аҕам] миигиттэн бүтэһик көрдөһүүтүн толорорбор тылбын ылан баран, хамначчытыгар Асяны аҕаларыгар соруйбута.
И. Тургенев
Тыын ыл көр тыын II
Олоро түһэн уоскуйуохха, Табахтаан тыын ылыахха. С. Данилов Сахаар оҕонньор, тыын ыла таарыйа, санаатыгар эмиэ сыгынахха ыттан, ыттарын иһиллээн көрбүтэ. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
Өндөрөй тыын ылан баран, -- чугаһыы түһэн иккиһин ыппыта. Н. Босиков
Уот ылар курдук (кэриэтэ) көр уот
Арай күһүөрү кыһын биирдэ ол Күүстээх Көстөкүүннүүн уот ылар курдук киирэн тахсыбыттара. С. Никифоров Уот ылар кэриэтэ киирэн тахсар салайааччылары пиэрмэ дьахталлара бүгүн аан маҥнай эрэ көрбүт буолбатахтар. ХС
Хабан ыл
иилэ хабан ыл диэн курдук (көр иил).
Бу холобуру оройуон атын кулууптара, бибилэтиэкэлэрэ хабан ылан бэйэлэрин үлэлэригэр туһаннылар. "Кыым".
Харахтан сыыһы ылбыттыы көр харах
Сылайбыппыт, сүрэҕэлдьээбиппит харахтан сыыһы ылбыттыы мэлийэр. Далан Хааным баттааһына үрдээн эрэйдиирэ. Онтукайым манна харахтан сыыһы ылбыттыы ааһан хаалла. ХС
Ылбат-биэрбэт икки ардынан (кэпсэт)
хайатын да быһаарбат курдук, улахан туһата суохтук.
Без результата, без положительного эффекта (разговаривать с кем-л.).
Бу курдук ылбат-биэрбэт икки ардынан кэпсэтиһэн тарҕаһыах, оттон Туруйалаахха уонна Харгыга промприбордар үлэлээн ньиргийэ туруох бэйэлэрэ дуу? Софр. Данилов. Туох накааспытын накаастыыгыт, ылбат-биэрбэт икки ардынан! Эбэтэр илдьэн ытыалаан кэбиһиҥ, эбэтэр аһатыҥ! В. Яковлев Ылбат-биэрбэт икки ардынан этиһии буолла. В. Протодьяконов
Ыт иилэн ылбатынан (үөҕүс, ыыстаа)
киһи иилэн ылбатынан диэн курдук (көр киһи I).
Икки дьахтар саҥата биир кэм ньааҕынас-ньуугунас буола түстэ. Ыт иилэн ылбатынан ыыстаһыы буолла.
КүндэДоҕотторун кытта ыт иилэн ылбат гына иирсэн баран, биир күн өйдөнөн, олус илистибит көрүҥнэнэн, сирэйэ-хараҕа сөллөн турда. П. Филиппов
Эр ылан көр эр
Витя эр ылан [хааһын] эккирэппитинэн барда. Кини ууга даҕаспытынан киирэн, хааһы ситэн ылан, үрдүгэр саба түһэн истэҕинэ, хааһа хаҥынайбытынан халбарыс гынан биэрдэ. Н. Заболоцкай
Ээҕин ыл көр ээх
[Бииктэр:] Фу, чорт! Дьэ, ээҕин ыллым ээ... Оттон муус үтүмэх оҥостоо инибин. Суорун Омоллоон
29 этии #
Нууччалыы Сделать запись, записать на бумаге. [Кэлэҕэй Дьаакып:] Мин, кырдьык, кыратык алҕаһаатым
Этиилэр
Кумааҕыга ыл
сурукка ыл диэн курдук.
Миигин итэҕэйбэт буоллаххытына, киниттэн [улуус суруксутуттан] да ыйытан көрүҥ. Ити мин эппит тылбын кумааҕыга ылларгыт үчүгэй буолуо этэ. Н. Неустроев
Кэргэн ыл көр кэргэн
[В. М. Ионов] Мария Николаевна Андросова диэн остуоруйаһыт, олоҥхоһут, ырыаһыт саха дьахтарын кэргэн ылбыта.
Суорун ОмоллоонБорокуоппай Хобороос диэн икки ынахтаах дьадаҥы ыал кыыһын кэргэн ылбыта. А. Бэрияк
Ойох ыл
кэргэн ыл диэн курдук (көр кэргэн).
Үрүҥ Уолан төһө да ойох ылаары сырыттар, маннык кытаанах күөн көрсүүгэ бэлэмэ суох. ПГС МО. Маарыйа диэн кыыһын Маҥдьаһын атыыһыт уола Көстөкүүн диэн хаартыһыт киһи ойох ылбыта. ФГЕ ӨӨСҮҮ
Сурукка ыл
суруйан кэбис, сурукка киллэр Онон буруйбун билинэбин.
Ити мин эппит тылбын сурукка ылларгын бэрт буолуо эбит, тойонуом. Н. Неустроев
Хабан ыл көр хап I
Мээчиги хабан ылла. Күөрэгэй [кыыс аата] лабааны тоһута-тоһута бөрөҕө быраҕа, бөрө хайдах ону хабан ыларын, кыыһырарын саатыы олордо. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (2)
Киириги илиититтэн хабан ылбытын Киирик күүскэ садьыйан кээһэр. С. Ефремов ДТС, тюрк. ал
30 #
ыан т
Чэ, ыл, биирдэ омуртар.
Суорун ОмоллоонКэлиий бэттэх, ыл, Дьэбдьиэ Кыым
31 #
Саҥарааччы көрдөһөрүн күүһүрдэн көрдөрөр
Нууччалыы Усиливает и выражает просьбу говорящего
32 #
Саҥарааччы көҕүтэрин, күһэйэрин күүһүрдэн көрдөрөр
Нууччалыы Усиливает и выражает побуждение говорящего
Чэ, ыл, ныхаа, сиэххин кэтэн кэбис. Амма Аччыгыйа Чэ, ыл, ааҕыах эрэ
Суорун Омоллоон
33 #
Саҥарааччы дьаһалын, бирикээһин күүһүрдэн көрдөрөр
Нууччалыы Усиливает и выражает распоряжение, приказание говорящего
Ылыҥ, ити ыт хотуурун былдьаан ылыҥ. Амма Аччыгыйа Ыл, ыл, Токуруйаны ыҥыр манна.
КүндэЫлыҥ, харахтаахтар ааҕан биэриҥ! А. Сыромятникова