Перевод с якутского
кэргэн
аат тыл
Нууччалыы семья.
English family
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Холбоһон, бииргэ ыал буолан олорор дьон
Нууччалыы Семья. Бостуой, бостуой муҥнаныма, кэргэттэргин буоратыма. Доҕоччугум Чурум, Чупчуруйдааны тумун! Эллэй. Бу дьон бары биир дьиэ кэргэнэ буолан, биир баайдаах, үптээх-астаах, орто сэниэ ыал эбиттэр. Эрилик Эристиин. Олоҥхо дьоно аҕа ууһунан, биир кэргэн курдук тутуспутунан олороллор. Эрчимэн. // көсп. Ыга түмсүүлээх биир сомоҕо дьон. Сплоченная, единая группа людей. Адам Мицкевич аата - бары норуоттар биир улуу кэргэн буолар кэскиллэрин билгэлээбит улуу поэт аата - прогрессивнай киһи аймахха бүтүннүүтүгэр күндү. Софр. Данилов
2 аат тыл #
Эр киһи ойоҕо
Нууччалыы Замужняя женщина, жена
Кэргэннэ ыл. Кэргэннэ кэпсэт. Кэргэннэ сүгүннэр. Ити Баһылай Мэхээлэйэбис кэргэнэ, эчи, үчүгэйин, ылбаҕайын. Далан Бэйэтин курдук дьадаҥы ыал кыыһын кэргэн ылбыт. Н. Босиков
Өссө холобурдар (1)
"Чэ, оҕонньор, туох астааххыный? Киирэн астаа. Мин кэргэммин аҕаллым", - диэн Бүөтүр хардарда Эрилик Эристиин
3 аат тыл #
Дьахтар эрэ
Нууччалыы Муж, супруг
Тылгыновтар диэн бары бэртэр. Өссө кыра кыыстарын Саргы кэргэнэ ааттаах Айдар диэн күтүөттээхтэр.
Н. ЛугиновЫарахан ол күннэри Кыысчаан хайдах умнуоҕай? Хайдах таптыыр кэргэнин Санаабаттаах буолуоҕай? П. Тобуруокап [Кийиитим] кэргэнин букатын көрбөт-харайбат, уолум ыран охторугар тиийдэ Далан
4 аат тыл #
бэй. туһ. Быстах кэмҥэ баай ыалга бэйэлэрин кытта олорор хамначчыт
Нууччалыы Наемный работник у бая, живущий с ним в одном доме (обычно временный), батрак
Хотуок, бу атыыһыттаах кэргэннэрэҕин дуо?! Сэрэйдэхпинэ, ол кыыскын дии, быһыыта. Н. Павлов Омоҕой баай ойохтоох, икки кыыстаах, уонча кэргэн уолаттардаах буолан, олоҕуттан көһөн айанныыр. Саха сэһ. I
5 аат тыл #
биол. Харамайдары, үүнээйилэри наардааһыҥҥа уруулуу уустары холбуур улахан бөлөх
Нууччалыы Семейство (в систематике растений и животных)
Чугасыһар көрүҥнэри уустарга, чугасаһар уустары кэргэннэргэ холбооттууллар. Хамсыыр-харамайдар кэргэннэрин этэрээттэргэ (ботаникаҕа итинник бөлөх суох), оттон этэрээттэри кылаастарга холбооттууллар. ББЕ З. Икки өлүүлээхтэр кылаастарын, син эмиэ биир өлүүлээхтэр курдук, арыый кыра бөлөхтөргө -- кэргэннэргэ хайыталлар. КВА Б. Кукуруза злаковайдар кэргэннэригэр киирсэр. ХКА. Кырса ыттар кэргэннэригэр, сиэмэх кыыллар этэрээттэригэр киирэр. ТСК Б. Ср монг. гэргий 'жена, супруга'; мнт гэргэн 'член семьи'
6 этии #
Этиилэр
Кэргэн дьахтар (кыыс) көр дьахтар
Хотуну кытта икки кэргэн кыыс кэлбититтэн биирдэрин миэхэ анаан кэбистилэр. Амма Аччыгыйа Кэргэн дьахтар киирэн икки тэриэлкэни уурар, онтон биир тэриэлкэни өрөһөлүү сылгы хаһатын киллэрэр.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
Хаҥас дьиэттэн кэргэн дьахтар чаанньыгы өрө тарта, күөһү эргитэн биэрдэ. С. Никифоров