Перевод с якутского
өй
аат тыл
Нууччалыы ум, разум, рассудок человека
English reason, intellect, intelligence
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Киһи толкуйдуур, ол-бу ис дьиҥин ырыҥалыыр, билэр дьоҕура, кыаҕа
Нууччалыы Ум, разум, рассудок человека
Микиитэ өйө сырдаан иһэргэ дылы буолла. Амма Аччыгыйа Үөрэх бөҕө үрдүгүн Манна өйдөөтүм, Икки атахтаах өйүн Манна биһирээтим С. Зверев
2 аат тыл #
Киһи истибитин, билбитин-көрбүтүн умнубакка илдьэ сылдьар дьоҕура
Нууччалыы Человеческая память
Тоҕо, Унаарар күөх кыраайым Өйбөр көстөн элэҥниир, Үрдүк кырыы мырааным Дьэргэлгэнэ дьиримниир! Күннүк Уурастыырап Бу алдьархай буолбута алта сыл ааһыаҕар дылы Бурхалей өйүгэр күҥҥэ хаста да киирэн тахсар Эрилик Эристиин
3 этии #
Нууччалыы Полоумный, сумасшедший (о человеке)
Этиилэр
Өй киирэр көр өйүн туппут
Хата өй киирэн дьэ киһитийиэ. У. Нуолур Оо, хаһан эрэ өй киирэр буолла? Амма Аччыгыйа
Өй көтөн түстэ көр санаа көтөн түстэ
Аны дьоммуттан хаалыам - диэн өй көтөн түстэ. Суорун Омоллоон. Бурхалей эр хаанын ылынна, хайаттан үлтү түһэн өлүө суох курдук бардам өй көтөн түстэ. Эрилик Эристиин. Өйө бааллар - туохха эмэ аралдьыйан, бутуллан, урут өйдүүрүн, билэрин булан эппэт, өйдөөбөт эбэтэр сыыһа өйдүүр.
соотв. Ум за разум заходит.
Биһиги манна уолуйан, өйбүт бааллан хаалла дии", - диэтэ Илларионов. М. Доҕордуурап Боростуой да суолу булбакка, киһи өйө бааллар эбээт. В. Яковлев
Өссө холобурдар (29)
Өйө көтөр (көтөн хаалар) - өйдүүр, толкуйдуур кыаҕын сүтэрэр (кутталыттан, соһуйууттан). Опешить, ошеломиться, терять способность ясно мыслить (на краткое время от неожиданной душевной встряски и т. д.). Дьэргэ ити тыллартан өйө субу көтүөх курдук буолуталаата. Болот Боотур Тыаҕа таҕыстаҕына дьэ өйө көтөр эбит. Соҕуруута-хотута ханан баарын умнан кэбиһэр. Далан Өйө өһүлүннэ - кыайан быһаарбат, тобулбат буолла, эргитэн, олохтоохтук толкуйдууртан ааста. Ослабеть умом (от старости, болезни), перестать разумно мыслить. [Чыычааҕым оҕото] Саныыр санаата сабылыннаҕа, Өйдүүр өйө өһүлүннэҕэ, Этэр тыла мэлийдэҕэ.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСанаа эрэ саллыах, өй эрэ өһүллүөх үлүгэрин үөһүгэр сылдьар сүрэх сындалыйан да ылара ханна барыай? С. Федотов Өйө суох буол (сыт) - тугу да билбэт буола туймаар, уҥ. Терять сознание, лишаться сознания. Кэлин билбитим дойдуларыгар киирбит дьоммут икки хонугу эрдэ кэлэн, тымныы балааккаҕа өйө суох сытар киһини булбуттар этэ.
Г. КолесовӨйө сынньылынна - сылайан кыайан быһаарбат, буккуллар, сыыһар буолла. Отупеть, перестать соображать (от усталости, шума). Суруктан өйө сынньыллыбыт киһиэхэ эбэ чэбдигирдэр, сынньатар кылбархай иэнин көрүөххэ кэрэтин, сөрүүнүн уонна киэҥин. Н. Заболоцкай Кини үлэтигэр киһи өйө сынньыллара суох. А. Сыромятникова Өйө тобуллар - өйө сайдар, түргэнник уонна сөптөөхтүк быһаарар. В голове прояснилось, просветлело. Арай, үлэҕэ эмиэ ити курдук өйдөрө тобуллара, арыллара буоллар, тугу тулутуо этилэр! ХС Өйө туймаарда - олус күүстээх тыастан-уустан, саҥаттан-иҥэттэн о. д. а. дөйүөрбүт курдук буолла. Ум (рассудок) помрачился у кого-л. Күнү-ыйы кытардар Өһөх хааны... о, сүрүн... Көрдүм, өйү туймаардар Өлөр өлүү мөккүөрүн... А. Абаҕыыныскай Өйө (төбөтө, мэйиитэ) хамсаабыт - иирбит, буккуллубут. Помешаться, сойти с ума. Туох оннук сүрдээх суолун оҥорбуппун билэн этэҕин? [Дьаамнаах:] бу эмээхсин кутталыгар буолан өйө хамсаабыт. С. Ефремов Чахчы өйө хамсаабыт буоллаҕына, нэһилиэк сэбиэтигэр илдьэн дьаһайтарыан наада. ХС Өйө хоппот - ситэри кыайан өйдөөбөт, билбэт. Ума не приложит, не в состоянии сообразить, понять что-л. Ким да бэрэссэдээтэл буоллаҕына, бу холкуоска сири баар оҥорорун өйүм хоппото. М. Доҕордуурап Өйө хоппот буоллаҕына ханнык да тылынан саҥарара көмөлөһүө суоҕа. Нэртэ. Кыһыны быһа дөйө тоҥон турбут сир аҕыйах хонуктаах ириэриигэ бэринэрин өйүм хоппот. "Кыым". Өйтөн (өйүттэн) көт - таһыччы умнан кэбис. Забывать начисто, вылететь из головы. Итирдэҕинэ өйүттэн көтөр. Далан Өй ук - 1) туохха эмэ үөрэт, тугу эмэ быһааран биэр. Надоумить кого-либо в чем-либо. Мин кинилэргэ орооспоппун, эдэр дьон билэллэринэн олордуннар, аны кэлэн биһиги өй угар үһүбүөт.
Н. ЛугиновМуҥура суох кыахтаах таҥара тоҕо эрэ Курилга өй укпатах, салгыы тугу гыныахтааҕын этэн биэрбэтэх. С. Курилов (тылб.); 2) тугу эмэ өйдөт. Напоминать о чем-л. Суумкабын төрүт да умнан барыахпын, хата уолум өй уган абыраата. НАГ ЯРФС. Өйүгэр көтөн түстэ - эмискэ өйдүү биэрдэ, эмискэ саныы түстэ. Вдруг пришло на ум, вдруг осенило. "Кэбис аньыы-хара элбии илигинэ, эрдэтинэ мантан барыахха!" - диэн санаа уол өйүгэр көтөн түһэр. Н. Якутскай Түһээн баттаппатах суола өйүгэр көтөн түспүтүттэн куттанан Лөчүөк... таҥара диэки хайыста. Д. Очинскай Өйүгэр оҕустарбат (оҕустарбакка) - санаан да көрбөт; өйүгэр да суох; оҥорор да санаата суох. И не думает; и в уме нет; и в ус не дует. Бэдигиҥ баара киһини хомоттум диэн өйүгэр оҕустарбат да быһыылаах. Софр. Данилов. - Итинник аат туохха эбээһинэстиирин өйдүүгүн дуо? - Бу туһунан өйбөр оҕустарбаппын ээ. Доҕордоһуу т. Өйүгэр түһэр - өйдөт (үчүгэйдик көрдөрөн, кэпсээн, быһааран). Втолковать, вбить в голову, разъяснить кому-л. что-л. Кэскил туһа диэн кэпсэтэн көрбөтүлэр, Өлүү-сүтүү диэн Өйдөрүгэр түһэрбэтилэр.
Өксөкүлээх Өлөксөй[Баанньыска:] Дьэ үчүгэйдик киһи эрэ өйүгэр түһэр гына ыпсаран кэпсииргэ үөрэммит киһи эбиккин. А. Софронов Өйүм сыстыбат - аанньа өйдөммөт, киһи өйүгэр баппат, киирбэт. На ум не идет, не доходит до сознания. Итиннэ мин өйүм сыстыбат. Өйүн буллар - үөрэт, киһи оҥор. Вразумлять, образумить, сделать человеком. Уолуҥ өйүн буллар. Өйүн сүтэрэр - 1) ыалдьан, атын да төрүөттэн туймаарар, тугу да билбэт буолар, уҥар. Потерять сознание. Онтон өйүн сүтэрэн, Онно тута, охтон түһэн, Дьабадьыта күүгэн аллан, Налбыһахпыт уҥан хаалла. Күннүк Уурастыырап Хорсун пограничник ыараханнык бааһыран өйүн сүтэрэр. Софр. Данилов; 2) уолуйа куттанан, айманан тугу гынарын өйдөөбөт. Лишаться рассудка от страха или волнения, не давать отчёта в своих поступках, совершать безрассудные действия. Туохтан ити айылаах айманан өйбүн сүтэрбит бэйэм буолла. НС ОК; 3) кими эмэ олус таптаа. Сходить с ума по ком-л. (из-за большой любви, привязанности к кому-л.). Уоллара кыыстанан өйүн сүтэрбит. Өйүн сүүйтэрэр - өйүнэн кыайтарар, баһыйтарар, атын киһи санаатынан барар, ким эмэ сабыдыалыгар түбэһэр, албыннатар. Попадать, подпадать под чье-л. влияние, в зависимость от кого-чего-л. Арыгыга өйбүн сүүйтэриэм, Санаабын сабырыттарыам диэбэт этим. А. Софронов Абам-суптум эбит!!! Өлөр быатыгар өйбүн сүүйтэрэн, Суорума соруктаммыт Сорум эбит.
П. ОйуунускайӨйүн туппут - 1) өй-санаа өттүнэн сиппит. Созреть умственно, стать зрелым. Сааһын сиппит, өйүн туппут киһи, бэйэтэ билиэ буоллаҕа; 2) дьэ өйдөммүт. Взяться за ум, набраться ума. Киһибит дьэ өйүн туппут быһыылаах. Өйүн ыһыктыбыт - өйдүүр, билэр дьоҕурун сүтэрбит (ыалдьан, олус кырдьан). Утратить умственные способности, терять память (от старости, в результате тяжелой болезни, перед смертью и т. п.). [Миисэ:] Ы... хаан-өһөх байҕал долгуна долгуйан... Уу-уу. [Силиэн Силиппиэн:] Доҕоор, тугу саҥараҕын?... Бу муҥнаах өйүн ыһыктаахтаабыт.
КүндэДьэ, кырдьык хаар бөҕө баттаабыт. Буолумуна. Баһаам ээ, доҕор, тоҕус уон икки диэн! Ити да буоллар өйүн дуостал ыһыктыбакка сытар. Багдарыын Сүлбэ. Өйүттэн таҕыста - куттанан, уолуйан иирбит курдук өй-мэй буолла. Терять рассудок, выжить из ума. Кини [Чубуку Дьэкиим] ууга түһээт, уолуйан өйүттэн тахсан хаалбыта. Д. Таас Иэдээн буолуо, кутталларыттан өйдөрүттэн тахсыахтара. ХС Өй хаата күл. -ооннь. - өйдөөх киһи (сүнньүнэн оҕо туһунан). Умница, ума палата (обычно о детях). Аҕыйах саҥалааҕын иһин, өй хаата уол дииллэрэ. А. Софронов Иринньэх оҕо киэбинэн "Өй хаата уолчаан" диэтим. С. Данилов Бэл оннооҕор кырдьаҕас геологтар, өй хаалара, кыһаллыбатахтар. ХС Өй ыл - эмискэ сөптөөх санааҕа киир, умнубуту өйдүү биэр. Найти верную мысль, вспомнить забытое. Маайа таҥараҕа үҥэ-үҥэ муостаҕа сөһүргэстии түһэн, бокулуоннаан барда, онтон өй ылан, Бүөтүр эмиэ бокулуоннаата. Эрилик Эристиин Өлөксөй өй ылан, сохсо сиһинэн сүүрэн тахсыбыт да, сигэтин быһыта сынньан барбыт. М. Чооруоһап
4 этии #
Нууччалыы Запомнить
Өйгөр иҥэр - өйдөөн хаал Бу кэпсээни киһи умнарыгар сатаммат. Ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитин курдук, эппит сааһынан киирдэ, өйбүтүгэр иҥнэ.
П. ОйуунускайОйуун кылырҕас кыаһаана, дирбийэр дүҥүрэ, ол-бу эмэгэтэ өйбөр иҥэн хаалбыттар. В. Протодьяконов Өйтөн аах - көрбөккө эрэ (нойосуус) аах. Θ Читать напамять, наизусть. [Айаан] Өйүттэн ааҕар таптаан Үгүс поэт хоһоонун. И. Гоголев
Өссө холобурдар (4)
Кинигэттэн көрөн турар курдук, арааһы өйдөрүттэн ааҕаллара. Х. Андерсен Өйү (эрэ) биэримиэххэ - соһуйбутун, өмүрбүтүн кэннэ, онтун аһарар кыах биэрбэккэ. Θ Не дать опомниться, придти в себя. Хайыахха? Суох, өйү эрэ биэримиэххэ, фашистары туһаайбытынан, ытыалыы-ытыалыы ойон турда. ХС Өй үлэтэ - өй күүһүнэн, өй көмөтүнэн толоруллар үлэ. Θ Умственный труд. Өй үлэтинэн үлэлээһин кэҥээн истэҕин аайы үрдүк таһымнаах үлэһиттэр улам ордук наада буолан иһиэхтэрэ. СГПТ. Өйүнэн ыалдьыы - төбөтүнэн буккуллан ыалдьыы, иирэн ыалдьыы. Θ Помешательство, душевная болезнь. Улахан уол Кууһума, эмискэ өйүнэн ыалдьыбыт. Күннүк Уурастыырап Ср. др. -тюрк. өг, тюрк., монг. ой ‘ум, разум, память’